Эмис кыстыыр отун хааччынна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сайыммыт төһө да кураан буоллар, тоҕоостоох кэмигэр син ардаан, Амма улууһун Эмис нэһилигэр үүнүү куһаҕана суох.

edersaas.ru

Ардах бастаан ыһыах саҕана, онтон от ыйын 11-12 күннэригэр уонна от ыйын бүтүүтүгэр түспүтэ, – диэн этэр Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин. – Аны оттуур саҕана күн-дьыл туран биэрэн, чахчы үчүгэй хаачыстыбалаах от оттонно. Күн бүгүҥҥү туругунан, 1 тыһыынча 850 туоннаны оттоон, 920 ынах сүөһүбүтүн, 810 сылгыбытын кыстатар оппутун хааччынныбыт. Олом Күөл учаастагар былырыын уот сиэбит сирэ үчүгэйдик үүнэн, оту онтон бастыбыт, үс мобильнай биригээдэ тахсан оттоон киирдэ.

«Амма» хаһаайыстыба баччаларга субуотунньук биллэрэн, улуус дьоно-сэргэтэ Покровкаҕа бараннар, саҥа быһыллыбыт бурдугу кууллааһыҥҥа көмөлөһөр өр сыллартан олохсуйбут үтүөкэн үгэстээхтэр. Прокопий Петрович түөрт киһилээх дьоҕус биригээдэни тэринэн тиийэн, 600 куулу кутан, нэһилиэгэр 16 куул туораах бурдугу ылбыт.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0