Амма улууһун Алтан нэһилиэгэр үгэскэ кубулуйбут Сатаҕай-Алтан-Эмис — үс түөлбэ нэһилиэк дуобакка элбэх дуоскаҕа табаарыстыы көрсүһүүлэрэ 17-с төгүлүн ыытыллар.
Бу туһунан Эмис нэһилиэгин баһылыга Прокопий Бубякин кэпсиир:
— Соторутааҕыта үс нэһилиэк дуобатчыттара көрсөн, 16 дуоскаҕа оонньоотубут. Былырыын Сатаҕайга буолбут күрэхтэһиигэ Алтан хамаандата кыайан, көһө сылдьар кубогы ылбыта. Быйыл Алексей Гаврильев салайааччылаах Эмис дуобатчыттарын хамаандата эрэллээхтик оонньоон, бастакы миэстэ буоллубут. Онон кыайыылаахха көһө сылдьар кубок биһиэхэ, эмистэргэ, кэллэ. 2-с миэстэ – Алтан, 3-с – Сатаҕай буоллулар.
Кыайыы кэлиитигэр, биллэн турар, эдэр кэскиллээх оонньооччулара Марик Захаров, Алеша Платонов, Саша Тимофеева, Алена Гаврильева сүрүн күүс буоллулар, Кинилэр эрэллээхтик, түргэнник кыайталаатылар. Бэтэрээннэрбит, дуобаты таптааччылар, эмиэ астына, кыайыыга дьулуһан оонньоотулар. Алтан дуобатын энтузиаһа Александр Стручков эһиилги оонньууну аны 30 дуоскаҕа Эмискэ ыытарга эттэ. Онуоха Эмис хамаандата сөбүлэстэ.
… Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ улуустарынан, нэһилиэктэринэн уопут атастаһыыга, успуорка күрэхтэһиигэ уонна атын араас тэрээһиннэргэ Эмис чиэһин көмүскээһин быйылгы сылга үгүстүк ыытыллара хото сырдатылларыттан көрдөххө, бу нэһилиэккэ олох күөстүү оргуйар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.