Эмиэрикэттэн кэлбит күтүөт ыһыаҕы ылынна

Ааптар: 
10.07.2019
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр самаан сайын ыһыахтарыгар үгүс ыалдьыт кэлэ сырытта. Биһиги, хатастар, Эмиэрикэттэн сылдьар эдэр ыалы көрүстүбүт.

edersaas.ru

Хатаска төрөөбүт-үөскээбит, улааппыт, мантан кынаттанан тахсыбыт оҕобут Юлия Иннокентьева олоҕун аргыһынаан Андрейдыын «Тускул» култуура киинин иһинэн үлэлиир »Хатас дьоно» бырайыакпытыгар ыалдьыттаан аастылар. Андрей диэн мин нууччатытан ааттыыбын, дьиҥинэн Эндрю диэн.

Юлиялаах Эндрю  Коламбияҕа, Миссури штатыгар  олороллор. Биһиги кыыспыт Миссури Университетыгар биоинформатика докторантуратыгар үөрэнэр. Эндрю 3М медицинскэй тэрили оҥорор бөдөҥ корпорацияҕа үлэлиир. Аныгы үйэҕэ Эмиэрикэҕэ үөрэнэр, сайдар-үүнэр билигин кэпсэл буолбатах. Онтон биһиги кыыспыт аан бастаан барыаҕыттан икки-үс бүк үрдүк үөрэҕи дириҥэтиини-тэнитиини Эмиэрикэ курдук сиргэ босхо ыла сылдьар. Дьэ, ол туһунан анаан кэпсиэххэ, сэһэргиэххэ, киэн туттуохха сөп. Юлия былырыыҥҥы үөрэх сылыгар магистратураны бүтэрэн, докторантураҕа үөрэнэр. Ол дойдуга үктэниэҕиттэн бастыҥнар ахсааннарыгар,  туйгуннар ортолоругар сылдьар. Ол да иһин кинини салгыы хаалларан, үөрэтэ сырыттахтара. Юлия үөрэнэрин тухары төрөөбүт дойдутугар олорор үөлээннээхтэригэр сүрдээх өйдөнүмтүөтүк, киһиэхэ тиийимтиэтик Эмиэрикэҕэ тиийэн үөрэниэн баҕарааччыларга сүбэ-ама, ыйыы-кэрдии биэрэр. Бу да сырыыга омук сириттэн кэбит эдэр дьон Дьокуускай куоракка эрдэттэн болдьоспут, кэпсэппит оҕолорун кытта көрсөн кэпсэттилэр, санааларын атастастылар.

Мин Эндрюлаах Юлияны кытта анаан көрсөн кэпсэттим. Кэпсэтиибитин: «Эндрю, эн ыһыахха анаан сахалыы көстүүм тиктэрэн кэппиккэр ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Итинэн эн Саха сирин ытыктыыргын, убаастыыргын көрдөрдүҥ«, — диэн саҕалаатым. Онуоха Юлия маннык хоруйдаата:

Манна кэлэрбитигэр ыһыах буолар күнүн сөп түбэһиннэрбиппит. Онно мин: «Ыһыахха дьон бары национальнай таҥастарын кэтэллэр», — диэбиппэр, Эндрю: «Мин эмиэ кэтиэм этэ», — диэн санаатын эппитэ. Эмиэрикэҕэ олорон иккиэммитигэр Хатаска саха таҥаһын сакаастаабыппыт. Сакааспытын мин уруккуттан билэр, сөбүлүүр иистэнньэҥмэр Людмила Стручковаҕа оҥорбуппут. Урукку өттүгэр киниэхэ национальнай колориттаах кууркаҕа, саппыкыга тиийэ тиктэрэр этим. Эндрю саха таҥаһын кэтэн, ыһыаҕы дууһалыын ылынна. 


Эндрю, инстаграмтан көрдөххө, эн манна кэлэргэр  сыл аҥаара бэлэмнэммиккин дии. Бу күннэртэн тугу күүппүккүнүй уонна ол туолла дуо?

—  Юля миэхэ мэлдьи биири бэлиэтээччи: «Саха киһитэ мээнэ күлэ, мичээрдии сылдьыбат. Кини ис уйулҕатынан ураты көрсүө, сэмэй». Онуоха мин испэр: «Хайдах мичээрдээбэккэ эрэ киһини кытта кэпсэтиэххэ сөбүй?» — диэн мунаара саныырым.  Ол санаам сыыһа эбит. Саха киһитэ ис иһиттэн истиҥ уонна эйэҕэс. Уонна … өрүү мичээрдии, күлэ -үөрэ сылдьар. Онтон наһаа үөрдүм уонна чэпчээтим. Сахалар олус да ыалдьытымсах дьон эбит.

— Ыһыахха сылдьан баран, ордук тугу чорботон этиэҥ этэй? «Ыһыах» диэн өйдөбүл эн санааҕар туох эбитий?

— Оо, мин айанныырбын, араас дойдуга сылдьарбын наһаа сөбүлүүбүн уонна сылдьа да сатыыбын. Ол  эрээри маннык улахан далааһыннаах, киэҥ уонна дириҥ ис хоһоонноох тэрээһини ханна да көрбөтөҕүм. Киһитэ элбэҕин сөхтүм! Ыһыах — дириҥ философиялаах ис хоһоонноох, силистээх-мутуктаах тэрээһин   эбит. Алгыһы истэн баран, олох өйдөбүлүн биэрэр, олох сүнньүн булларар итэҕэл эбит диэн өйдөөтүм. Миэхэ олус элбэх киһи араас харысхалы бэлэхтээтэ.

 — Оттон Юлияҥ төрөөбүт үөскээбит дойдутун — Хатаһы хайдах ылынныҥ? 

— Кыра, хара дьиэлэри, намыһах олбуордары көрүөм дии санаабытым. Онтум — күн эгэлгэтэ араас сиэдэрэй оҥоһуулаах дьиэлэр, үрдүк олбуордар. Өссө биири дьиибэргээтим: уулуссаларга, бэл диэтэр, куорат иһигэр кытта — көҥүл көччүйэ сылдьар ынахтар уонна сылгылар. Буолаары буолан, бииргэ сылдьаллар. Атын ханнык да дойдуга итинник хартыынаны көрбөтөҕүм. Өссө кинилэр быыстарынан холкутук хаама сылдьыахха сөп. Хатаска кэлэн аны биир оҕо сааспыттан ыра санаа оҥостубут баҕа санаабын толордум. Ол

— УАЗ массыынаны ыытыы. Бэртээхэй массыына эбит.

— Күн-дьыл туругун, айылҕаны туох дии санаатыҥ? 

— Чиэһинэ эттэххэ, тоҥуом дии санаабытым да, куйааһа соһутта!  Айылҕа дьиктитэ үгүһэ сөхтөрдө: Өлүөнэ очуостара, Күрүлүүр, Ирбэт тоҥ саарыстыбата…

Эндрю, эн дьиҥ тымныыны билиэххин баҕардаххына, манна ахсынньыга кэлээр. «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» диэн кыһыҥҥы бэртээхэй бэстибээл ыытыллар.


… Дьэ, Эмиэрикэттэн сылдьар күтүөппүтүн кытта ити курдук сэһэргэстибит. Эдэр дьон бу күннэргэ дойдуларыгар Коламбияҕа айаннаатылар. Оттон биһиги Эмиэрикэ курдук ыраах сиртэн Эндрюттан «пирибиэт» тута олоруохпут диэн эрдэттэн «сакаастаан», оҕолорбутугар этэҥҥэ сылдьалларыгар баҕара хааллыбыт.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru анаан

Наталья РУФОВА,

Хатас нэһ.

Хаартыска:   ‘‘Хатас дьоно» бырайыак архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0