Бу күннэргэ кыраныысса таһыттан кэлбит дьон эмчиттэргэ хаһан, хантан кэлбиттэрин биллэрэн баран, 14 күн устата дьиэттэн тахсыбакка олорор.
edersaas.ru
«Сахабэчээт» тэрилтэ айар үлэһитэ, «Илкэн» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Ирина Курилова кулун тутар 17 күнүгэр Эмиэрикэттэн кэлбитэ. Кини АХШ Гарвард уонна Мейн университеттарыгар Арассыыйа эригийиэннэрин анал бөлөҕүн састаабыгар киирсэн уопут атастаһа бара сырытта.
Суруналыыс дьиэҕэ изоляцияланан олорорун туһунан бу курдук кэрсээтэ:
— Эмиэрикэҕэ биэс хоммуппут, суолбутугар кэлэ-бара икки күнү аахтахха, уопсайа сэттэ күн сырыттыбыт. Биһиги сылдьар кэммитигэр Гарвардка балаһыанньа чуумпу этэ — коронавируска сыһыаннаах аймалҕан суоҕа. Арассыыйаҕа кэлиибитигэр эмиэ оннук. Бэл, Москваҕа да, Дьокуускайга да сөмөлүөккэ бэрэбиэркэ суоҕа. Кэлээт, ирдэбили тутуһан, «Быһа лиинийэ» төлөпүөнүгэр тахсан, хантан, хаһан кэлбиппин биллэрбитим. Ол кэмҥэ бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим эмиэ дьиэлэриттэн үлэлиир буолбуттара. Билигин кэллиэскэ үөрэнэр оҕобутун кытта кэргэмминээн дьиэбитигэр олоробут. Кыыс дистанциянан үөрэнэр. Оттон биһиги, айар үлэлээх дьон буоларбыт быһыытынан, эмиэ көмпүүтэртэн тэйбэппит. Онон дьиэ кэргэнинэн күн солото суох сылдьабыт. Эмчиттэр доруобуйабыт туругун билсэ олороллор. Омук сириттэн кэлбитим нэдиэлэ курдук буолла. Этэҥҥэбин.
… Ити курдук, Ирина Курилова, бүгүҥҥү туругунан бары суруналыыстар тэҥэ, күннээҕи үлэтин толоро олорор: ыстатыйа суруйар, саайтарын араас иһитиннэриинэн байытар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска Ирина Курилова дьиэтээҕи архыыбыттан.