Эмиэ күнүү сиэртибэтэ — умуһахха хаайан баран, үрдүгэр оргуйбут ууну куппут
Күнүүттэн сылтаан дьон араас буруйу оҥорууга тиийэрин биһиги сайтпытыгар суруйааччыбыт. Сороҕор ыарыы курдук ылыныллар, ардыгар куһаҕан кыдьык быһыытынан сыаналанар күнүү эрэйтэн атыны аҕалбат.
Ол курдук, Таатта улууһун полициятыгар дьахтар эмсэҕэлээбитин туһунан иһитиннэрии киирбит.
Полиция участковай боломуочунайа бу иһитиннэриинэн силиэстийэ иннинээҕи бэрэбиэркэ ыыппыт. Ол бэрэбиэркэ быһаарбытынан, дьахтары урут сууттана сылдьыбыт 42 саастаах киһи сордообут-муҥнаабыт.
Бу киһийдэх күнүүлээн быһа сытыйан, дьахтары умуһахха хаайан баран, хайаҕас быыһынан кини үрдүгэр оргуйбут ууну куппут.
Онтон онно сөп буолбакка, умуһахтан ороон таһааран, аны муомахтаан киирэн барбыт.
Дьахтар, тыыннаах хаалар быата тардан, дэлби утарылаһан-көмүскэнэн, биир түгэҥҥэ мүччү туттаран, дьиэттэн куотан тахсыбыт.
Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 115-с ыст. 2-с чааһынан, ол эбэтэр, доруобуйаҕа чэпчэки эмсэҕэлээһини оҥоруу бэлиэтэ баарынан, холуобунай дьыала тэриллибит. Бу ыстатыйанан көрүллэр накаастабыл миэрэ — 2 сылга диэри болдьоххо көҥүлү быһыы.
Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.