Эми хайдах иһиллэр туһунан ыйыыга-кэрдиигэ болҕомтоҕун төһө уураҕын?

18.05.2024
Бөлөххө киир:
Надежда Егорова хаартыскаҕа түһэриитэ.

Эми-тому атыылаһан баран, аны хайдах иһэр туһунан ыйыыны-кэрдиини (инструкцияны) төһө билсэбитий? «Күҥҥэ үстэ биир табылыакканы аһаан баран ис» диэни ааҕан баран, тоҕо эрэ, бөх курдук ылан быраҕан кэбиһиэхпитин сөп.

Дьиҥэр, кыбытык-лиистэр үксүгэр наһаа улаханнара мээнэҕэ буолбатах эбит. Дьэ, ити ардыгар тэллэх саҕа кумааҕыга ханнык туһалаах иһитиннэриилэр баалларый?

Сүрүнэ!

Ханнык баҕарар эми-тому иһиэх иннинэ исписэлииһи кытары сүбэлэһиллэр. Үгүс эмп эйиэхэ сөп түбэспэт буолуон сөп – чопчу быраас эрэ эйиэхэ сөптөөх эми талар.
Бэйэҕит эмтиэкэлэнимэҥ – ол туһалыахтааҕар буортуну эрэ аҕалыан сөп.

Бастатан туран, тугу бэрэбиэркэлиэххэ?

Препарат туттуллар болдьоҕун хайаан да бэрэбиэркэлээ.

Актыыбынай уонна көмө биэсэстибэлэр

Эмкэ хас да дьайар биэсэстибэ баар буолуон сөп. Ингредиеннара уонна биэсэстибэлэрэ сөп түбэһэр икки араас эми иһэр кутталлаах: иһиэхтээх өлүүгүн аһара барыан сөп.
Ону таһынан эмтэн аллергиялаабат туһугар көмө биэсэстибэлэр састааптарын болҕомтолоохтук үөрэтиллэр.

Тас көрүҥэ

Кыбытык-лиискэ табылыакка, сироп, булкадаһык эбэтэр атын да эмп хайдах көрүҥнээҕэ ыйыллар. Арай эмп тас көрүҥэ атын, уларыйбыт буоллаҕына, ол аата:
-эмп туттуллар болдьоҕо ааспыт эбэтэр буорту буолбут;
-эбэтэр албын эми атыылаабыттар.
Итинник түгэннэргэ эмтиэкэҕэ тиийэн эбэтэр Роспотребнадзорга үҥсүллэр.

Кэмнэммит өлүү (дозировка)

Быраас эми-тому аныырыгар эйиэхэ сөптөөх өлүүнү суруйар, холобур, 2,5, 5, 10 мг. Онон, кэмнэммит өлүү ырысыапка уонна ыйар-кэрдэр сурукка сөп түбэһэрин-түбэспэтин бэрэбиэркэлээ.
Манна ону таһынан күҥҥэ хаста иһэриҥ, аччык искэ эбэтэр аһаан баран иһэриҥ суруллар.

Ойоҕос дьайыылар

Итинтэн куттанымаҥ. Сорох быраастар этэллэринэн, ойоҕос дьайыылар испииһэктэрэ төһөнөн уһун да, эмп уонна кини дьайыыта үчүгэйдик чинчийиллибит. Ол эрээри, ойоҕос дьайыылар эйиэхэ биллиэ суохтарын сөп.

Эмтэр хардарыта дьайсыылара

Өскөтүн эн өссө ханнык эми иһэ сылдьаргын бырааска этэргин умнубут буоллаххына, эмтэр хардарыта дьайсыыларын туһунан суругу хайаан да аах. Ардыгар эмтэри холбуу иһэр сыыһа. Тоҕо диэтэххэ, сорох препараттар атын эмтэр туһаларын намтатыахтарын эбэтэр эбии ойоҕос дьайыылаах буолуохтарын сөп.

Харайыы усулуобуйата

Эмп хараллар болдьоҕор диэри туһалыырын туһугар сөпкө харайар улахан суолталаах. Холобур, холодильникка дуу, хараҥа сиргэ дуу эбэтэр тустаах сылааска дуу харалларын тутуһар хайаан да наада.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0