Емельян Ярославскай аатынан түмэл аан дойду норуоттарын оонньууларын көрдөрдө

Ааптар: 
26.05.2017
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ Түмэл күнүн чэрчитинэн, “Түмэл пикнигэ” тэрээһин буолан ааста. Бу күн халлаан төһө даҕаны “түмэл болуоссатыгар” анаан бэлэмнэммит туох баар туруоруллубут балааккалары, суруктаах биллэриилэри, бэл быыстапка малларын өрө ытыйан таһаарыахтыы күүстээх тыал түстэр, эмиэ даҕаны сотору буолаат букатын барытын мэлдьэспиттии күн чаҕылыччы тыган кэллэр да, тэрээһин бэркэ ааста. 

Юлия Илларионова, edersaas.ru

Итиччэ күүстээх тыалы көрөн туран, тэрээһиҥҥэ саамай харса суох, хорсун дьон муһуннулар. Бу сырыыга түмэл үлэһиттэрэ аан дойду норуоттарын оонньууларын билиһиннэрдилэр. Манчаары Баһылай аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин киинин хабылыкка, хаамыскаҕа тренерэ Надежда Белолюбская иитиллээччилэрэ сахалыы (хабылык, хаамыска, тыксаан, тырыыҥка), киргизтэр (тогуз коргоол), казахтар (тогуз кумалак), алтайдар (алтай шатра), туроктар (мангала) оонньууларын көрдөрдүлэр. Оҕолор остуол бу оонньууларын быраабылаларын судургутук, тиийимтиэ гына быһааран биэрдилэр.

ХИФУ спорт интеллектуальнай көрүҥнэрин уонна оонньууларын киинин дириэктэрэ Юрий Никифоров бэйэтин кытта саахыматынан, дуобатынан, шатарынан дьарыктанар устудьуоннары илдьэ кэллэ. Юрий Егорович интеллектуальнай оонньуулары тарҕатар дьонтон биир бастыҥнара. Кини ордук табыллан шатар (саахымат быраабылатыттан арыый уратылаах) буряттар төрүт саахымат оонньууларын туһунан кэпсээтэ. Тэрээһин кыттыылаахтарын оонньууларга сыһыарар туһуттан, Ю.Е.Никифоров салайыытынан преподавателлэр, учууталлар тустаах киин үлэтин сырдатар матырыйааллары итиэннэ саахымат, дуобат кэмпилиэктэрин аҕаллылар. Кинилэр өрө көтөҕүллэн туран аан дойду оонньууларын историяларын билиһиннэрдилэр. Хас биирдии баҕалаах киһи кыттыһан оонньуур кыаҕын үөскэттилэр.

ХИФУ спорт интеллектуальнай көрүҥнэрин уонна оонньууларын киинин тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ, ХИФУ физическэй култуураҕа уонна спорка институтун эт-хаан өттүнэн иитии хаапыдыратын дассыана Владимир Барахсанов устудьуоннарын кытта бу тэрээһиҥҥэ кыттарга үөрүүнэн сөбүлэстэ. Ону тэҥэ Сеул куорат Мионгджинскайдааҕы университетын бэрэстэбиитэллэрэ 2013 сыллаахха тиксэрбит го (бадук) оонньуу кэмпилиэгин Ем.Ярославскай аатынан мусуойга бэлэх уунна. Го уустук, ол эрээри киһини умсугутар, инникитин күүскэ сайдар чинчилээх. Бу оонньууну Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия саахымат, дуобат, го оонньууларга уһуйааччы Григорий Кычкин эмиэ дьарыктыыр оҕолорун кытта кытыннылар, дьону оонньоттулар. Тэрийээччилэр саахыматы, дуобаты сэргэ бу оонньууну олимпийскай көрүҥнэр кэккэлэригэр киллэрэр санаалаахтар.

Түмэл үлэһиттэрэ остуол араас оонньууларын көрдөрдүлэр. Ол курдук, түмэл пуондаҕа салаатын эдэр үлэһитэ Майя Мигалкина доминоҕа оонньотто. Оттон түмэл маска ууһа Семен Крылов монголлар өйү сайыннарар оонньууларын (головоломка) араас барыйааннарын билиһиннэрдэ. Кини маны Монголияттан сувенир быһыытынан кэлбит оонньууттан көрөн, кыра 6 устуука буруустан бэйэтэ оҥорбут. Бэлэмниир кэмигэр дьөлө хаһыытын уларытан биэрэн, таҥыытын өссө уустугурдубут. Төһө даҕаны олус судургу оонньуу курдук көстүбүтүн иһин, бу күн кэлбит дьонтон ким даҕаны кыайан таҥмата. Итини сэргэ түмэл учуонай сэкирэтээрэ Лия Егорова оонньоппут аныгы “Дженга” оонньуутун дьон-сэргэ улаханнык сэргээтэ. Елизавета Никонова (археология уонна этнография салаатын үлэһитэ) кэриэйдии юннори (ют) оонньууну билиһиннэрдэ. Кини ити оонньууну 2015 сыллаахха Кореяҕа түмэл бырагырааматынан үөрэххэ бара сылдьан аҕалбыта. Кытайтан кэлэн ХИФУ филологияҕа бакылтыатыгар үөрэнэр Лю Бо уҥуох, домино уонна хаарты оонньуулара бары бииргэ түмүллүбүт мацзян (маджонг) диэн оонньууларын көрдөрдө.

Оонньуу бары кыттыылаахтарыгар Ем.Ярославскай аатынан түмэл анал бириистэрин, оттон тэрийээччилэргэ өйдөбүнньүк сувенирдарын уонна сэртипикээттэрин туттарыннылар.

Ити курдук, халлаан төһө да тымныы, тыаллаах буоллар, тэрээһин норуот оонньууларыгар интэриэһи тарта ини диэн эрэнэбит. Монголлар: “Хайдах норуот олорорун билиэххин баҕарар буоллаххына, кини оҕолоро тугу оонньуулларын көр” — диэн бэргэн этиилээхтэр.

2013 сылтан саҕалаан түмэл тиэмэлэринэн наардаан араас тэрээһиннэри ыытара үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, “Саха төрүт оонньуулара уонна оонньуурдара” диэн хабылык, хаамыска, баайа, күүгүнэй, ону тэҥэ хамсаныылаах тутум эргиир, хапсаҕай, мас тардыһыы о.д.а. оонньуулары кытары былыргы хаартыскалары көрдөрөр интерактивнай быыстапканы тэрийбитэ. Иллэрээ сыл, Кыайыы 70 сылыгар сэрии сылларын оҕолоро, былырыын Сэбиэскэй Сойуус кэминээҕи оҕолор оонньообут оонньууларын көрдөрбүппүт. Тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии чэрчитинэн оонньуу эгэлгэ кэмпилиэктэрин атыылаһабыт, оҥоробут. Олор бары мусуой пуондатын хаҥаталлар.

Юлия Илларионова, Ем.Ярославскай аатынан хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын Саха сиринээҕи холбоһуктаах судаарыстыбаннай мусуойун үлэһитэ, “Аан дойду оонньуулара” тэрээһини тэрийээччи.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0