Хаҥалас улууһугар, Покровскайга олорор Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, норуот маастара Уйбаан Монастыреву-Тирэх Уйбааны билбэт эбэтэр кини туһунан истибэтэх киһи саха саҥалаахха ахсааннаах буолуохтаах.
edersaas.ru
Ыраахтан саҕалаатахха
– Уйбаан Уйбаанабыс, үгүс киһини эмтээбит ытык киһи билигин сабардаан турар коронавирус ыарыытын туһунан хайдах саныыгыный?
– Ыарыы, дьаҥ-дьаһах киһи аймах баарын тухары баар. Былыр «уоспа» диэн уодаһыннаах ыарыы тура сылдьыбыта биллэр. «Оттубут уоттара халлааҥҥа дьүкээбил уота буолан көстөр», — диир хотугу омуктарбыт, юкагирдар, онно улаханнык алларыйбыттара. Биһиги биирдии алааһынан тарҕанан олорбут өбүгэлэрбит ол ыарыыны атыыһыттар таһаҕастарыгар олорсон кэлэр, кыһыл баттахтаах нуучча дьахтарын курдук саныыллара. Дьаҥтан саһан, айаны-сырыыны, барыыны-кэлиини тохтотон, балаҕаннарыгар бүгэллэрэ, сүөһүлэрин хотоҥҥо уулаталлара, ыттарын кытары дьиэҕэ киллэрэллэрэ. Оттон ыалдьыбыт киһилэх ыаллар суол аартыгар ахсааннарынан бэлиэ мас анньан бараннар, ол мастарын ким өлбүтүнэн тоһутан иһэллэрэ. Ыал аҕата быһыннаҕына – суон маһы, оҕо өллөҕүнэ – кыра маһы. Итинэн «манна ыарыы баар!» – диэн атын дьону сэрэтэллэр-харыстыыллар. Аны дьаҥҥа эстибит ыал балаҕанын уоттаан кэбиһэллэр.
– Ол аата?
— Харантыын уонна бэйэни изоляцияланыы, ыарыыны бохсуу дьаһалларын кытаанахтык тутуһар эбиттэр!
Куттаммакка, харыстанан, харыстаһан
— Олох хаамыытынан ыарыы дьүһүн кубулунан иһэр, өссө киһи бэйэтэ айбыт араас дьаҥа баар буолаyн иһэр… Ити билигин коронавирус дьаҥа турда. Дьэ манна уолуйбакка, харыстанар уонна хардарыта харыстаһар, эмчиттэр этэр хааччахтыыр дьаһалларын толору тутуһар, мааска кэтэр, илиини сууна сылдьар ирдэнэр.
Айыллыбыт айылгы диэн баар. Киһи ыарыыттан, дьаҥтан-дьаһахтан, атын да онтон-мантан куттанар буоллаҕына, кута куотар, ол аата айылгыта алдьанар. Эрэлэ, итэҕэлэ сүтэр. Оччоҕуна сүрэ, ис күүһэ өһүллэр, аныгы өйдөбүлүнэн, иммунитета мөлтүүр, тастан киирэр араас дьайыыттан кыайан көмүскэммэт буолар. Оттон куттаммат, киэҥник-холкутук, эрэллээхтик сылдьар киһи хаана-сиинэ үчүгэйдик сүүрэр-эргийэр, ньиэрбэтэ этэҥҥэ үлэлиир, онон доруобуйата чэгиэн-чэбдик. Ол иһин, этэр этиим диэн маннык: төрүт куттанымаҥ, бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ. Киһи итэҕэлэ – кини санаата. Кытаанах санааланыҥ. Ити биирэ.
Иккиһинэн, аскытын-үөлгүтүн көрүнүҥ! Саха киһитигэр бэйэ төрүт аһа-үөлэ сэниэни биэрэр: үүт, суорат, быырпах, сүөгэй, эт, собо, балык.
– Сорох ыаллар, ордук элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэлэргэ олорор ыаллар куйааһа-итиитэ бэрт диэн төрүт күөстэммэт буола сатыыллар.
– Ол дьэ сыыһа. Саха киһитэ хайаан да итии аһылыгы аһыахтаах, сылаас чэйи, күҥҥэ биирдэ хайаан да итии миини иһиэхтээх, эт сиэхтээх.
Үсүһүнэн, сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик сылдьыҥ, хаамыҥ-сиимиҥ, төһө кыалларынан илии үлэтинэн дьарыктаныҥ. Ханнык баҕарар киһи халбарыйбат хаантан турар. Эти-сиини тэнитэ үлэлээн биитэр спордунан дьарыктанан хамсамматахха, хаан эргийбэт. Аны кыыһырдахха, хаан хойдор, ол тымыр бүөлэниитигэр тиэрдэр. Хамсаммат-имсэммэт буолууттан, саастарын үгэнигэр сылдьар дьон араас дьаҥҥа, дьарҕаҕа ыллараллар.
Эми иһэрдибэппин
– Оннук дьону эн хайдах эмтиигиний?
– «Эмтиир» диэн тылы мин төрүт туттубаппын. Сахалыы өйдөбүлгэ «киртийии» уонна «сыыһырыы» диэн баар. Үүнүү-сайдыы олоҕу чэпчэтэргэ ананар. Ону сыыһа өйдүүр, олоҕун сыыһа тэринэн олорор киһи киртийэр уонна онтон тэптэрэн ыалдьар. Холобур, тыа сиригэр элбэх нэһилиэккэ гаас киирдэ дии. Ити аата тыаттан мас кэрдэн киллэрэн, хайытан, оһох оттон, онон түбүгүрэн олорбут эр дьон дьыбааны киэргэттиннэр диэн буолбатах. Олох-дьаһах усулуобуйата төһөнөн тупсар да, кинилэр эмиэ соччонон сайдан иһиэхтээхтэр. Дьэ ити иһин мин систэрэ ыалдьан, атахтарынан моһуогуран биитэр хааннарын баттааһына үрдүк, сүрэхтэрэ-быардара мөлтөх буолан кэлэр дьоҥҥо биир да эми иһэрдибэппин, өй-санаа тутулунан көмөлөһөбүн.
– Уйбаан Уйбаанабыс, оҕото суох ыаллар, оҕоломмот дьахталлар эйиэхэ кэлэн, оҕо кутун тартарар эбиттэр.
– Мин киһиэхэ оҕо кутун ыллым да кутан кэбиспэппин. Бастаан айылгытын арыйабын. Айылгы арыллыыта диэн утуйан хаалбыт ньиэрбэ уһуктуута буолар. Миэхэ кэлиэн баҕарар киһи бастаан төлөпүөнүнэн эрийэн билсэр, оччоҕуна көрсөр күммүн болдьоһон, иитиллиини барабын. Бу киһи туох кыһалҕалааҕын (ыарыыттан дуу, атынтан дуу) кэтэх санаа кэһиитэ оҥостон бэлэмнэнэбин итиэннэ киниэхэ баайыы оҥорон көрсөбүн. Тугу этэрбин өйүгэр үлэхтиирин, саҥарарбын санаатыгар салайарын, тускуллуурбун туругар тутарын туһугар. Ол аата бу киһи үс иитиллэр иччитигэр илгэлэнэн кэлэр. Оччотугар эрэ кини мин айылҕабын кытары алтыһар, эйгэбин кытары эҥэрдэһэр, оттон мин кини айылгытын арыйабын, уйулҕатын, атыннык эттэххэ, ис кыаҕын уһугуннарабын. Айылгыта арылыннаҕына, уйулҕата уһугуннаҕына киһи көрөр күөнэ, истэр иҥэһэтэ аһыллар.
Дьол диэн – оҕо
Сылдьыбыттар бары оҕоломмуттара. Биири бэлиэтии көрөбүн: кыайан оҕоломмот дьон элбээн иһэр курдук… Иллэрээ сыл Мииринэйтэн биир ыал ийэтэ төлөпүөннүү сылдьыбыта: «Санкт-Петербурга ЭКО-ҕа тиийэн баран ытаатым, Саха сириттэн эмтэнэ кэлээччи наһаа элбэх да эбит», – диир. Оттон соторутааҥҥа диэри саха ыала аччаабыта алта-сэттэ оҕолоох буолара эбээт! Билигин биир-икки оҕонон муҥурданаллар. Аҕыйах ахсааннаах омукка бу охсуута улахан…
Оҕо – ыал дьоло, омук кэскилэ. Омук дьылҕатын, омук кутун дьахтар тутар. Кыргыттар итини кыра саастарыттан билэ улаатыахтаахтар. «Кыыс оҕо омук анала» диэн өс хоһооно «кыыс бэйэтин омугун анала» диэн, атын омукка сүктэн, ханна эрэ атын сиргэ барыахтааҕын туһунан этиллибэт.
– Эйигин өссө Эмэгэттээх Эмчит диэн ааттыыр эбиттэр дии.
– Орто дойду олоҕо баара-суоҕа уон икки эмэгэккэ, билгэ бэлиэтигэр, тутуллан турар. Ол иһин мин «Таптал», «Ыам ымыыта», «Оҕо кута»… уо.д.а. эмэгэттэри оҥороммун араҥаччылаатыннар уонна көмүскэл-харысхал буоллуннар диэн дьоҥҥо биэрэбин.
Айыы дьиэтэ тутуллар
Уйбаан Уйбаанабыс кыһалҕаланан кэлбит дьон көрдөһүүтүн быһа гыммакка барыларын дьиэтигэр көрсөр, хас биирдии киһини эмтииригэр уонна ыраастыырыгар бэйэтин нөҥүө аһардар итиэннэ таас дьиэҕэ кыайан ыраастаммат буолан, дьаҥы-дьаһаҕы бэйэтигэр иҥэринэригэр тиийэр. Инньэ гынан, көмүлүөктээҕим буоллар тута ыраастаныам этэ диэн дьарыктанар итиэннэ уус-уран оҥоһуктарын туруорар түмэл дьиэни (Айыы дьиэтин) туттан эрэр. Бу дьиэ үлэҕэ киирдэр, Тирэх Уйбаан барахсан өссө элбэх киһи көмөлөһөр, тирэх буолар кыахтаныаҕа. Билигин биир санаалаахтарын көмөтүнэн икки саалалаах түмэл дьиэ көҥдөйүн тутан бүтэрдэ, сарайын туруорда. Айыы дьиэтин силигин ситэриигэ кырата суох үп-харчы эрэйиллэр. Ол иһин, араас сылларга киниэхэ эмтэммит, ыраастаппыт, оҕо кутун иҥэртэрбит дьонтон тэриллибит өйүүр бөлөх өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун көмөлөһөргө ыҥырар.
Көмөнү маннык реквизиттарынан ыытыахха сөп:
Сбербанк картата 4279 3610 0842 1994.
Мобильнай баан нүөмэрэ 89142714571
Терешкина Наталья Иннокентьевна.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru