Бу кэпсээнин эбэм ис-иһиттэн долгуйан, хараастан туран кэпсиирэ. Онно эдэркээн кыыс оҕо сылдьан, ол буолбут түгэннэргэ барытыгар тус бэйэтэ тыыннаах туоһу буолбута, уу хараҕынан көрбүтэ, эт кулгааҕынан истибитэ суолталаах быһыылаах этэ.
Былыр өрдөөҕүтэ, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ аҕай, Одунуга, Улуу Сыһыыга халыҥ, кыахтаах баҕайы сис аймах, баай-тот Күөрээкиттэр киэҥник тарҕанан олорбуттар. Кинилэртэн биир салаа баай ыал соҕотох уоллаахтара үһү. Бу уол сүүрбэ иккитигэр сылдьар саастаах, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, кыһыл сирэйдээх, сырдык хааннаах буолан баран, киэҥ, өтөрү-батары көрбүт хараҥатыҥы хадаар харахтаах, эдэр киһи диэтэххэ, сиппит-хоппут толору эттээх-сииннээх, чахчы да бэйэтин кыанар күүстээх көрүҥнээх ыччат эбит.
«Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун !» диэн этии да уолбут майгытыгар толору сөп түбэһэр. Лаппа күүстээх-уохтаах, «тоҥ маһы тосту тардар, ириэнэх маһы иҥнэри анньар» кыахтаах буолан, бэйэтин утары тугу да этиппэт, кыра да тэппини тулуйбат, дэҥи көрбөт баламат, тосту туора бэйэмсэх майгылаах киһи буола улааппыт. Оччотооҕу сиэр быһыытынан уолга бу сааһыгар дьоно бэйэлэрин тэҥнээхтэрин, биир баайыылаах баай дьону билсэн, улуу өрүс уҥуоруттан, Мэҥэ Хаҥаластан, уолларыгар ол дьон маанылаах кыыстарын кэргэн кэпсэтэн, илии охсуһан, сайыҥҥы от үлэтин үмүрүтэн баран, күһүөрү уруу тэрийэргэ сүбэлэспиттэр. Анараа ыал хас да уол, кыыс оҕолордоохтор үһү. Кийиит кыыс ыал иккис оҕото эбит, кыргыттартан улахаттара. Кыра уҥуохтаах, хара бараан буолан баран, ис киирбэх, номоҕон дьүһүннээх, аҕыйах саҥалаах, көрсүө, сымнаҕас майгылаах, үлэһит, сүрэхтээх, дьаһаллаах, барыга бары сыстаҕас, дьоҕурдаах, киһи эрэ санаатын иһинэн оҕо. Биһиги киһибититтэн олох атын, бары өттүнэн утары киһи түбэспитэ үһү.
Күһүөрү сайын, үлэспиттэрин курдук, икки өттүттэн үмүрү тардан, сүрдээх элбэх киһилээх, ньиргиэрдээх урууну тэрийэн, бары сиэри-туому ситэрэн, кийиит кыыһы сүгүннэрэн, төттөрү Одунулуур күннэрэ үүммүт. Улуу Эбэни этэҥҥэ туораан, туох баар энньэ ынах сүөһүнү, үөр сылгыны үүрэн, билиҥҥи Бүлүүлүүр суол төрдүн тутан мырааны дабайыы буолбут. Элбэх баҕайы көтөл акка кийиит малын, иһитин-хомуоһун, таҥаһын-сабын ындан, уһун быалыы субурҕа тардыллан айаннаабыттар. Барыта этэҥҥэ, санаа хоту табыллыбытыттан астыммыт, манньыйбыт аҕа баһылык кырдьаҕастар инники, илии-атах үлэһит, хамначчыт дьон кэнники, улаханнык ыксаабакка, ыгылыйбакка ат хаамыытынан айаннаан испиттэр.
Бу истэхтэринэ күтүөт уол урут таптаан миинэр миҥэтэ, хара чуоҕур дьүһүннээх сылгы киэнэ талыыта, мыраан быарыгар, дабайар сир ортотугар турунан, түөрт атаҕын чиккэччи тэбинэн кэбиспит. Ат барахсан уу балай буола тириппит, мэктиэтигэр аллан тахсыбыт көлөһүнэ күүгэнирбит, аҕылас буола сылайбыт. Тэһиин сиэтээччи уолчаан хайдах да гынан аты хаамтарар кыаҕа суох, араастаан эрийэн, тардыалаан көрөөхтөөбүт да мэлигир!
Көрөр-истэр хамначчыт дьон мустан аймаласпыттарыгар, үрүҥ көмүс сирэйдээх ыҥыырдаах, барыта көмүс киэргэллээх үүт маҥан аты мииммит эдэр тойонноро Сиидэр уолан бөтөрөҥүнэн тибигирэтэн кэлбит. Хайы үйэ ыга кыыһыран, ат кымньыытынан уҥа-хаҥас далбаатаммытынан барбыт. Онно көрдөҕүнэ ааттаах атыгар баара суоҕа биир кыра, тимир үүйүүлээх, сиэдэрэй баҕайы оҥоһуулаах мас холбука сыыһын төргүүлээбиттэр. Ити кэннэ атын аттарга курдук эбии тирии бэрэмэдэй эҥин суох. Ааттаах ата ону кыайбакка иннинэн да, кэннинэн да барбат буола быстан тураахтаатаҕа!
Сиидэр уолҕамчы муҥутаан, өрө кыбдьырына түһээт:
— Бу туох абааһытын тиэйбиттэрэй? — диэн бардьыгынаан саҥа таһаарбыт, холбука бааллыбыт төргүү тирии быаларын сүөрүтэ тардыалаабыт, холбуканы ылан киэр элитэрдии оҥостон икки илиитинэн түһүспүт.
Сырдык хааннаах киһи сирэйэ дьэс алтанныы кытарыар диэри мадьыктаспыт, мэктиэтигэр ынчыктаан ылбыт даҕаны сүөм да быһаҕаһын саҕаны өрө өндөппөтөх. Бэйэтэ бэйэтиттэн тэптэн бара-бара, оччотооҕу дьон айыырҕаан хаһан да саҥа таһааран үөхсүбэт үөхсүүлэрин үөхсүбүт, этиллибэтэҕи эппит, саҥарбатаҕы саҥарбыт. Тула үмүөрүспүт кыра-хара дьон куттанан, уолуйан атын сирэй-харах буолаахтаабыттар, сири-буору кымаахтаабыттар. Бу кэмҥэ хара бараан бэйэтэ ыгылыйбытыттан көҕөрө кубарыйбыт кийиит дьахтар барахсан сүүрэн элэстэнэн кэлэн, айдааннаах мас холбуканы бэрт чэпчэкитик ытыһын иһинэн дэгэс гына харбаан ылаат, түөһүгэр сыһыары туттан баран, айан дьонун субурҕатын инники күөнүгэр баар атыгар ыстаммыт. Икки өттүгэр игирэлэр курдук майгыннаһар чаҕар кыргыттара үрүмэччилии көтүспүттэр.
Дьэ, бу маны барытын көрбүт дьон бэри диэн бэркиһээбиттэр, сөрү диэн сөхпүттэр. Сорох-сорохторо — толкуйдаах, ичээн өттүлэрэ — куһаҕаны биттээннэр сөҥ түспүттэр. Ити кэннэ туох да атын араллаан тахсыбатах. Бары этэҥҥэ дойдуларын, алаастарын, өтөхтөрүн буланнар сааһыланан, аны кыстык бэлэмин кэмэ кэлэн ол түбүгэр ылларбыттар.
Эдэр ыаллар саҥа балаҕаннарыгар туспа олохсуйан, кийиит дьахтар дьиэтин уотун хомуйан, малын-салын чопчулаан, барытын орун-оннугар чөмчөтөн, дьиэлэрин иһэ киһи эрэ кута-сүрэ тохтуур, тэһийэр сирэ буолбут. Кини дьаһаллаах баҕайы, элбэх саҥата-иҥэтэ суох барыта бары кэмигэр ситэн, оҥоһуллан бүтэн-оһон иһэрэ үһү. Эдэр ойоҕун аттыгар оннооҕор Сиидэр уолҕамчы бэйэтэ уоскуйарга, сирэйдиин-харахтыын сымныырга дылы буолар эбит. Дьахтар барытын бары, тугу гыныахтааҕын, тугу былаанныырын Сиидэрдиин сүбэлэһэр. Син барытын бэйэтэ быһааран, бэйэтэ билэринэн дьаһанара эрээри, хайдах эрэ ол оҥоһуу Сиидэр эппитинэн толоруллар курдук тахсан кэлэр.
Арай биир кимиэхэ да көрдөрбөт, кимиэхэ да кэпсээбэт дьиктилээх. Дьэ, манна кини кими да чугаһаппат. Көмүлүөк оһох кэннинэн, туора харах көрбөтүнэн хаптаһын быыс баар. Күҥҥэ биирдэ, ким да суоҕар кийиит дьахтар кыракый мас кытыйаҕа күннээҕи аһыыр астарыттан лоскуй-лоскуй ууран, ол быыс нөҥүө киллэрэр. Сиидэр ону олох хойут билбит. Биирдэ сорунан туран, ол быыс нөҥүө атыллаары гыммытын хотун ойоҕо олох көҥүллээбэтэх. Бэрт сорунуулаахтык туора турунан кэбиспит. Мэлдьи нарын-намчы, холку бэйэтэ сирэйэ-хараҕа турбута, дьэ, сүрдээҕэ үһү!
Сиидэр аһары соһуйбут, хайдах эрэ сүр баттатан, уруккута буоллар, өрө кыынньан өрөһөлөнөн туруох киһи, бу сырыыга уота-күөһэ умуллан, саҥата суох таһырдьаны былдьаспыт. Кэлин даҕаны аны бу быыс нөҥүө киирэ сатаабатах. Кийииттэрин Сиидэр төрөппүттэрэ, аймахтара аһары сөбүлээбиттэр. Биһиги киһибитигэр сөптөөх да дьахтар тиксибит диэн «күлүктэригэр имнэммиттэр». Кыра-хара хамначчыт, отчут-масчыт дьон өссө ордук ылларбыттар. Оҕонньордоох эмээхсин истэригэр ээр-сэмээр сиэн күүтэллэр. Ол эрэн, дьэ, оннук үүт тураан олох уһаабатах. Барыта эмискэ холорук ытыйбытыныы түҥнэри түөрэхтэммит.
Сирин тоҥорбокко эрэ эмискэ баҕайы хара сиргэ маҥнайгы хаар түһэн үллүктээбит. Кыстык хаар буолбатаҕа эрээри, сарсыарда эрдэттэн киэһэ хараҥарыар диэри курупааскы түүтүнүү мап-маҥан, бөдөҥ бэйэлээх хаар тохтообокко түһэн намылыппыт. Киэһэ халлаан — халыҥ, ыанньыйбыт былытынан быыһа-арда суох саба бүрүллэн турар буолан — эрдэ баҕайы хараҥарбыт. Ханна даҕаны хамныыр-хамнаабат киһи барыта, оҕолуун-уруулуун былыкка баттатан, бу киэһэ эрдэ баҕайы утуйбуттар.
Түүн үөһүн саҕана арай ким эрэ киһини сототун ортотунан буолар гына ыга түспүт саҥа хаары хардырҕаччы үктээн, балаҕаннарын тула эргийэ хаамыталыыр тыаһыттан бастаан дьиэ иһинээҕи чаҕар дьон, кэлин тойонноох хотуннара уһуктан, бары саҥата суох, бүтүннүү кулгаах буолан баран иһийэн, иһиллии сыппыттар. Ол тухары тула хаамар атах тыаһа тохтообот. Дьиэни тула хаста-хаста эргийбитэ буолла?
Сиидэр, кыыһыран-уордайан, көхсүн хаана хойдубут. Икки чабырҕайынан тымырдара чыбырҕаччы тэбиэлээн, кулгаахтара, иэдэстэрэ итийтэлээн ылбыттар. Ойоҕо туруорумаары саба кууспут илиитин киэр хаһыйаат, кыбдьырыммытынан оронугар олоро биэрбит. Тугу эрэ саҥа таһааран үөхсэ үөхсэ, харса суох тахсар аан диэки батыччахтаабыт. Аара суолугар түбэспит олох мастары хаһыйа, түҥнэритэ тэбэ-тэбэ ааҥҥа тиийэн, туора мас олууру төлө тардаат, атах сыгынньах, баккынан эрэ таһырдьа ыстаммыт. Хааман хоочугуруур тыас сонно сүтэн хаалбыт.
Балаҕан тулата, тэлгэһэ тугу барытын мэлдьэспиттии ып-ыраас тыытыллыбатах хаарынан көрөн сытар эбит. Биир да атах суола диэн суох. Атын киһи буоллар, син дьиксиниэх, улаханнык сээбэҥниэх этэ да, биһиги киһибит оннук буолуо баара дуо? Өссө ордук тэптэн, кыыһыран-тымтан, дьиэ иһинээҕилэригэр сырҕан эһэ тэҥэ буолан киирбит. Майгытын билэр буолан, биир да киһи утары биир тылы эппэтэхтэр. Бары да куттанан, ылы-чып баран, кутуйах хороонун кэҥэтэ сытаахтаабыттар. Хотун ойоҕо, эрин уоскутаары, тугу эрэ бэрт сымнаҕастык, намыыннык саҥаран эрдэҕинэ анарааҥҥыбыт саба бардьыгынаабыт. Ол кэнниттэн ким утуйуо баарай? Баар барыта кулгаах, харах буолан кэтэнэ-манана сытаахтаабыттар…
Син балайда кэм ааспытын кэннэ, дьэ, саҥардыы уоскуйуох курдук гынан эрдэхтэринэ аны таһырдьа суор кынатын тыаһа сурдурҕаан, саҥата халаахтаан кэлбит үһү. Тэлгэһэҕэ баар үс сэргэттэн ортоку тойон сэргэҕэ түһэн олорон, уу чуумпуга бэрт иччилээхтик, дуорааннаахтык иһиллэр гына, үрүт үөһэ халаахтаабыт. Дьиэ иһинээҕилэр үксүлэрэ куттанан эттэрэ саласпыт, иэннэрэ кэдэҥнээбит, тымныы көлөһүн саба түһэн уу балай буола тириппиттэр.
Сиидэр син биир эмиэ туран тилигирэйбит. Улаҕа сытар ойоҕо ыытымаары тардыаласпытын истибэккэ ааҥҥа сүүрэн кэлэн тэлэйэ биэрбит. Арай тойон сэргэҕэ аарыма бэйэлээх кырдьаҕас суор сохсоллон олорор, төбөтүн эҥин-эҥинник хоҥкуҥната-хоҥкуҥната тохтоло суох халаатыыр. Сиидэр тугу эрэ ис хоһооно суоҕу кылана түһээт, күһүҥҥү куска илдьэ сылдьыбыт туулка саата иитиилээх турбутун сулбу ойутан таһаараат, дьиэттэн таһырдьа ойон тахсан, ытан хабылыннарбат үһү дуо! Суортан хара түүнү кытта хас да куорсун тула хаарга ыһыллыбыт, бэйэтэ бэрт ыараханнык өрө көтөн ыадастан тахсан, бэрт куһаҕаннык, иччилээх баҕайытык саҥа таһааран баран, тус хоту диэки кынатын тыаһа сурдургуу турбут. Бу кэнниттэн Сиидэр сүр хатаннык часкыйбыт, саатын тиэргэн ортотугар быраҕаат, дьиэҕэ ыстанан киирэн, сирэйин хоту туох түбэһэри барытын үлтү сыспытынан барбыт. Дьиэ иһигэр баар дьон ким туох хайаҕаһы булалларынан үрүө-тараа бараахтаабыттар.
Онтон кырдьаҕас тойонноругар тыллаан, хара дьиэттэн баар эр дьону барытын хомуйан, тойон салалтатынан аҕыс айдаан, тоҕус түрүлүөн түһэрэн, сор бөҕөнөн Сиидэри кэлгийбиттэр. Бастаан утаа эр киһи мааныга курданар дьэрэкээн хаарыс солко курунан кэлгийбиттэрин киһилэрэ олох да киһилээбэккэ быһыта тыыллан кэбиспит. Онтон өй ыланнар, бөҕө тирии быанан кэлгийэннэр күүһүн өһүлбүттэр. Бу мучумаан кэмигэр элбэх киһи сирэйэ-хараҕа быһыта сынньыллыбыт. Хата, ким да уҥуоҕа тостубатаҕар, сүһүөҕэ бүлгүрүйбэтэҕэр, эчэйии тахсыбатаҕар махтал.
Сиидэр муҥнаах дьүһүннүүн-бодолуун уларыйан, олох киһи аатыттан ааһан, сирэйигэр-хараҕар сирдээҕи олохтоохтон чыҥха атын күлүк түспүт. Ааһа баран, аанньа киһилии да саҥарбат, биир кэм өрө туста, ырдьыгыныы, кыынньа сылдьар буолбут. Түүн да утуйбат, күнүс да олорбот. Бэркэ диэн сыралаһан, сыҥалаһан, айаҕар кырбаммыт эти симэн аһаталлар. Чачата-чачата, быырпах, кымыс иһэрдэллэр. Бачча тухары иччитэх турбут кыра балаҕаны оттон, сөхсүйэн киһилэрин онно олохтообуттар. Күнү-түүнү аахсыбакка түөрт эр бэрдэ арахсыбакка харабыллаабыттар. Чугас дьоно ыарык-баттык, санаа-оноо бөҕөҕө ыллараннар, олох бүк түһэн сылдьаахтаабыттар.
Эдэр тойон ыалдьыбыта ситэ уонча хоно илигинэ аҕалара, ытык киһилэрэ, биир түүн эмискэ баҕайы кылгас таарымта кэнниттэн өлөн хаалан соһуталаабыт. Аҕыйах хонугунан быысаһан, аны ийэлэрэ күрүлүүр күнүс охтон түһээт, сырдык тыына быстыбыт. Кырдьаҕас баарына, кини күһэйиитинэн тутан олорбут харабыллара бииртэн биир араас сылтаҕы булуна-булуна тарҕаһар аакка барбыттар. Кырдьыга да хайа киһи көҥүл өттүнэн харааччы иирбит, күүстээх-уохтаах эдэр кыанар киһини күөмчүлээн, хаайан олорорго сөбүлэһиэй? Онон кинилэри киһи баалыа да суох курдук.
Сиидэр буоллаҕына өйдөнүөхтээҕэр, арыый буолуохтааҕар төттөрү эбии түһэн испит. Биир кэм тулахачыйыы, өрө харбыалаһыы, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт саҥа-иҥэ. Инньэ гынан, наар кэлгиэҕэ, баайыыга сылдьыбыт. Аанньа аһаабат, испэт буолан ыран-дьүдьэйэн, хайа охсубут аҥаара, быһа түспүт быһаҕаһа буолаахтаабыт. Хаста да төхтөрүйэн чугастан-ыраахтан араас бэйэлээх ойууну, удаҕаны аҕалан кыырдаран көрбүттэр да туһа суох. Бүлүүттэн аата аар саарга мээнэ ааттаммат улуу ойууну көрдөһүү, ааттаһыы күүһүнэн аҕалан көрүү көрдөрбүттэр. Онтулара барыларыгар да суостаах-суодаллаах тыллары этэн санааларын олох да түһэрбит. Аарыма кырдьаҕас маннык кэпсээннээх үһү:
— Бу оҕоҕут бардам, дохсун майгытын кыаммакка, Илин эҥээртэн кийиит дьахтардыын киирсибит түктүйэни, улуу удаҕан тыына иҥэриллибит эмэгэтин саҥарыллыбат саҥанан саҥаран, этиллибэт этиинэн этэн-тыынан ыар буруйу оҥостубут, ыарахан, төлөрүйбэт иэскэ киирбит. Аны кэлэн, уолгутун арбаҕастаах да абырыа суох, бытырыыстаах да быыһыа суох! Эрэйи муҥу көрбөккө киһигитин ампаардаан кэбиһииһигит!
Дьэ, ыарахан, ыар да этии буоллаҕа! Сор эбит. Аймах-билэ дьонугар ыар адаҕа, санаа арахсыбат чэҥкээйитэ тигистэҕэ. Өтөрүнэн чугас да, ыраах да эргин маннык быһаарыныы ылыллыбытын ким да истэ да, билэ да илигэ ээ. Ытык-мааны дьон ыччатын, ыалдьыбытын да иннигэр күөгэйэр күнүгэр сылдьар уоланы, тыыннаахтыы ампаардаан кэбиһии диэн манан дьыала буолбатаҕа биллэр. Муҥ саатар, аҕалаах ийэтэ бааллара буоллар, тугу да быраҕан туран, оннукка тиэрдиэхтэрэ суоҕа эбитэ ини. Улуус кулубата, нэһилиэк кинээһэ, аймахтарын сис дьоно мунньустан, мунньахтаан баран, биир быһаарыыга бигэтик кэлбиттэр. Ампаардыырга!
Күн-дьыл тымныйан, кыстык хаар түһэн, күөл, үрэх мууһа туран, инчэҕэй эттээх, сылаас хааннаах киһи тоҥ хаһаа, үүтэ-үөлэһэ суох ампаарга өр барбата биллэр этэ. Сиидэр муҥнаах ампаарданаат, ситэ уон хонук буолбакка орто туруу дойдуттан арахсаахтаабыт үһү!
Кийиит дьахтар эрэ хараллаатын кытта, уһата-кэҥэтэ барбакка, бэйэтин кытта илдьэ кэлбит икки чаҕар кыргыттарынаан дойдутугар төттөрү көспүт. Сиидэрдээх өтөхтөрө кураанахсыйан, дьоно-сэргэтэ көһөн, дьиэтэ уота сууллан, баара барыта ыһыллан-тоҕуллан, үс сэргэттэн тойон эрэ сэргэ соҕотоҕун ордон, хаһааҥҥыта эрэ манна дьон олорбутун туоһута буолан чоройон туран хаалбыт.
.«ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.