Эмэгэт

Ааптар: 
10.04.2018
Бөлөххө киир:

Аан дьиэ. Дьиэ иһин өһүөҕэ ыйаммыт эриллэҕэс боруобаттаах соҕотох лаампа сырдатар.

…Аана аһаҕас оһох иннигэр, модороон соҕус оҥоһуулаах да буоллар, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, өйөнөрдөөх оҕо олоппоһугар умса нөрүйэн, күрэҥсийбит баттахтаах, сааһыра барбыт киһи табахтыы олорор; буруотун оһох диэки үрэрин быыһыгар дөрүн-дөрүн сөтөллөн ылар; аанньа утуйбакка, сирэйэ-хараҕа саппаҕырбыт, санаарҕаабыт көрүҥнээх. Бу дьиэлээх тойон Куоста Макаарап, дьоҥҥо биллэринэн, Күүтээх Куоста илэ бэйэтинэн олорор.

Табахтаан бүтэн, оһоҕун хаҥас, билиитэлээх өттүнэн эргийэн, үөһэ турар сабыытын иһирдьэ аста. Эргиллэн, сэрбээн үрдүгэр ыйанан турар чаһыны кыҥастаста. Түөрт буолуо сүүрбэ мүнүүтэ баар. «Мин туспар, саатар, бириэмэ да баран испэт буолбут», — диэн кэлин икки тылын иһиллэр соҕустук ботугураата, остуолга тиийэн аҥаарынан уулаах аныгы чаанньыгын кунуопкатын баттаан «тыс!» гыннарда, кунуопкатыгар кыһыл уот тыкта. Ити кэннэ Куоста аргыый хааман тиийэн, улахан дьиэ ааныгар «хаахыр!» гына аһан иһирдьэ атыллаата. Сотору молуоһунньук тутуурдаах таҕыста, аанын эмиэ «хаахыр!» гыннаран сапта, остуолун анныгар анньыллан турар олоппоһу соспокко, өрө өндөтөн таһаа­ран, олоҕун булан олордо. Сылыйан кыыгыныы турар чаанньыгын араарда, чааскытын ылан чэй кутунна, итии чэйи үрүт-үөһэ сыпсырыйбахтаан баран, чааскытын икки ытыһын иһигэр саба тутан, бэйэтэ ырааҕы көрө сатыырдыы, хантаччы соҕус туттан, бу кэлиҥҥи кэмҥэ иллэҥ кэмин аргыһа буолбут санаатыгар умуста.

… Бээ эрэ! Туохтан саҕаламмытай? Оҕо сылдьан, син бары оҕолор курдук, түмсэ түспүт кэмнэригэр кыыстыын, уоллуун «баарыстыыллара», «дураактыыллара», тыксыыга «очукуолууллара», өссө «1001» диэн сүрдээх интэриэһинэй оонньуу баара, оонньуу оонньуу курдук туох да түгэх санаата суоҕа, ким даҕаны боппото. Арай: «Уруоктарын аахпакка эмиэ хаарты дьаабыта буола олороллор, барыҥ уруоккутун ааҕыҥ!» — диэн биирдэ эмит дьарыйаллара, ол онон ааһара. Онно бииргэ оонньообут оҕолоруттан ким даҕаны бу кини курдук хаартыһыт буолбатаҕа эбээт… Оччоҕо хантан саҕаламмытай?

…Бээ-бээ! Били, сэттис кылааһы бүтэрдэҕин сайын көлө-илии звенотугар от мунньааччынан барбыта ээ, ити иннинэ от үлэтэ диэҥҥэ сылдьыбатаҕа, ийэтин кытта сайын аайы сайылыкка ньирэй көрсөөччү. Сөөп-сөп, ол кэмҥэ эбит сүүйүүлээх оонньуу бэйэтигэр тардар, умсугутар абылаҥын билбитэ. Оччолорго «соцкуоталаһыы» диэн үлэҕэ көҕүлүүр бэрт үчүгэй тэрээһин баара, кыайыылаахтары санааларын көтөҕөн араас ньыманан бириэмийэлииллэрэ: махтал сурук, кэмбиэргэ харчы эбэтэр сэдэхтик көстөр малга уочарата суох тиксэр, «пуонда» диэн ааттаан, тугу ыларыҥ суруллубут бэчээттээх кумааҕы туттараллара. От кэмигэр звенолар икки ардыларыгар былааҥҥын хайдах толорон иһэргиттэн көрөн, дэкээдэ аайы түмүк таһаараллара, кыайыылаахтарга махтал суругу кытта харчынан бириэмийэ биэрэллэрэ. Сайын устата түөртэ-биэстэ ыытыллара, үчүгэйдик үлэлиир буоллаххына, дэкээдэ аайы бириэмийэҕэ тиксиэххин сөп, ол иһин онно тиксэ сатаан үлэ бөҕө буолара. …

Бээ-бээ, ханна халыйан бардым, мин даҕаны үйэм тухары дьону сүүлүктүү сатаабатым дуо?

Биир өттүттэн санаатахха, оннук курдук эрээри, атын өттүттэн көрдөххө, туох да сүүлүктээһин суох эбээт: баҕа өттүгүнэн бэйэҥ бас билэр баайгын-дуолгун утары уураҕын ээт, ол кэннэ «хаарты-маатыска» быһаарар буоллаҕа — баайыҥ кимиэхэ барарын дуу, кимтэн эбии тардарын дуу. Дьэ, эмиэ эриэхэбэй дьыала диэтэҕиҥ. Бээ-бээ, эмиэ да босхоҕо суудайар курдук буолан тахсабын дии, кыраам да көлөһүммүн тохпокко, дьон баайын олордон ылабын… Бээ-эрэ, бэйэм киэммин эмиэ биэрэбин эбээт, баҕа өттүбүнэн. Хайдах-хайдаҕый? Ылабын, биэрэбин. Куһаҕана ханна баарый?

…Били, оттуу бардаҕым сайын үчүгэй дьону кытта түбэһэн үлэ бөҕөнү үлэлээбиппит, үс бириистээх миэстэттэн түспэт этибит, инньэ гынан дэкээдэ аайы харчынан бириэмийэ ыларбыт, ардыгар киһи баһыгар — биэстии, сорох кэмҥэ сэттэлии, уоннуу солкуобай буолара, оччотооҕу харчыга оҕо киһиэхэ элбэх этэ. Бириэмийэ кэлбит күнүттэн саҕалаан, ол харчы барыта биир сиэпкэ киириэр диэри «очукуо» оонньуута саҕаланара. Эрдэ бүппүт киэһэлэригэр утуйуохтарыгар диэри «бырахса түһэн» ылаллара, ардах түспүт күнүгэр күннүктээн кэриэтэ оонньууллара.

Куоста бастаан утаа аҕыйах бытархайга оонньуура, харчытыттан матан хаалыан баҕарбата. Икки төгүл бириэмийэтиттэн ордорон, ийэтигэр биэрбитэ, барахсан үөрдэ даҕаны этэ, бу билиҥҥи курдук өйдүүр: «Ии, оҕом үлэһит буолан, харчы өлөрө сылдьар буоллаҕа, хата, күһүн оскуолаҕа киирэргэр тугу эмит ылыахпыт», — диэбитэ. Ити кэнниттэн кэлэр бириэмийэлэрин тиксэрбэтэҕэ, сүүйтэрэн кэбиспитэ.

Бээ, хайдах этэй? Куоста саныы сатаан сүүһүн имэриннэ, хайыы-үйэҕэ сойон хаалбыт чэйиттэн сыпсырыйда.

Ээ, сөп! Дьэ, өйдөөтө! Хата, умнуон да сөп этэ, хайа, үйэ аҥаарын эрэ кыайбат кэм аастаҕа. Куйаас баҕайы күн от кэбиһэ сырыттахтарына, күнүскү чэй кэннэ этэ, «газик» массыына өгдөҥөлөтөн кэлэн, кэбиһэ сылдьар отторун таһыгар тохтообута, онтон суоппардыын түөрт киһи түспүтэ. От таһыгар турааччылар хаһыытаан, иһиирэн, далбаатаан, барыларын ыҥырбыттара. Куоста атын үөт анныгар баайан баран, мустубут сирдэригэр тиийбитэ.

Кэлбит дьонтон отделение управляющайа Сэмэн Уйбаанабыһы эрэ билбитэ, кинилэр сопхуоска, оройуоҥҥа оттооһун хаамыытын, өссө баартыйа туох эрэ соруктарын туһунан үгүһү-элбэҕи кэпсээбиттэрэ. Бүтэһигэр Куосталаах звенолара үчүгэйдик үлэлиирин, атыттарга холобур буоларын ахтыбыттара уонна ааспыт дэкээдэ түмүгүнэн сопхуоска иккис миэстэ буолбуттарынан эҕэрдэлээбиттэрэ, ол кэннэ кыраамата уонна харчынан бириэмийэ туттарбыттара. Эр дьон үөрүүлэриттэн: «Ураа-аа!» — хаһыытаабыттара, күүскэ ытыс таһыммыттара.

Киэһэ отууларыгар тиийэн, үгэс курдук, звеноларын салайааччыта Дьөгүөр бириэмийэлэрин түҥэппитэ, бу сырыыга лоп курдук уоннуу солкуобай буолбута. Харчыларын онуоха-маныаха диэри ким ханна уктарынан ууруммуттара. Ити киэһэ хаарты оонньоммотоҕо: ходуһаттан хойутаан тахсыбыттара, күнүс дьон кэлэ сылдьан тардыбыттара таайбыта.

Сарсыарданан аһара күүстээх да буолбатар самыыр түспүтэ, дьоно туран: «Бүгүн мунньуу суох», — диэбиттэрэ, ол аата охсууттан атын от үлэтэ тохтуур. «Дэриэбинэҕэ барбаппыт, күрүөлэрбитин тутуохпут», — диэн быһаарбыттара.

Куоста, дьиҥинэн, дьиэлиэн олус баҕарбыта

… Куоста хаартыһыттарга кыттыспыта, уларыттар таҥаһын уктар үрүсээгин иһиттэн, наскы иһигэр кистии сылдьар харчытыттан биир солкуобайы ылбыта. Бытархайга да буоллар, элбэх киһи оонньоон баан туттаҕына, хас да солкуобайга тиийэ үүнэрэ. Куоста бааннанар уочарата тиийэн кэлбитэ, ордубут сэттэ уон харчытыттан отутун бааҥҥа уурбута. Баана эстиэхчэ-эстибэккэ бүтэһик эргииргэ тиийбитэ, «устуук» диэн буолбута, ол аата, бааннаах киһи хаартыны түҥэтэригэр урут бэйэтигэр ылыахтаах уонна онтун мааһа-хараҕа көстөр гына тиэрэ быраҕыахтаах.

Дьэ, долгуйуу диэн манна буолбута, Куоста сүрэҕэ тахсан хаалыахтыы күүскэ тэбиэлээбитэ, дэлби тириппитэ, ытыһа кытары сиигирбитэ.

Бүтэһик киһиэхэ тиийиитигэр бааныгар үс аҥаар солкуобай буолла диэбиттэрэ, утары олорор оонньооччута быйыл сайын аармыйаттан кэлбит, элбэх саҥалаах, өрүү үөрэ-көтө сылдьар Бааска уол этэ. Куоста сар түспүт көлөһүнүн ырбаахытын сиэҕинэн олбу-солбу соттубута, ытыстарын ньилбэгэр сууралаабыта уонна хаартытын ылан түҥэтэн барбыта. …

Дмитрий Пономарев

* * *

Сэһэни “Кут уйбат алҕаһа” кинигэҕэ сиһилии ааҕыаххыт. Кинигэ “Бичик” кинигэ маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0