Эмээхсин (кэпсээн)

11.11.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Мырчыстыбыт тарбахтарынан оргууй аҕай, олус бытааннык хас эмит хос сууламмыт саһарбыт суруктары сыымайдаан, эмээхсин эрэйдээх быыһыгар хатырбыт уостарыгар даҕайан ааспыт кэм ахтылҕаннаах курус кэмнэрин хараҕар оҥорон көрөрдүү, халтаһаларын быһа симэн, суруктары уоһуттан сыыйа аллараа түөһүгэр түһэрэн сыһыары тутан иһийэн сыппыта.

Бу кини улахан уолун Данилын суруктарын хас эмит сыл кичэйэн кистээн, үгүс харахха көрдөрбөккө, бэйэтин хараҕын уутунан сууйан элбэх сылы уҥуордатан аҕалбыта.
90-с сыллар саҥаларыгар үрдүк үөрэххэ кыайан баала хапсан киирбэтэх Данила армияҕа барарга быһаарыммыта. Тоҕо эрэ тыа сирин биир бүөм сиргэ тайаан сытар кыракый нэһилиэк элбэх оҕолоох соҕотох ийэ уолун хаһан да харахтаабатах сиригэр, Чечня уоттаах сэриитигэр ыыппыттара. Бастаан утаа Даайыс эрэйдээх, оччолорго биэс уончатын лаппа ааспыт дьахтар, тугун-ханныгын өйдөөбөтөҕө. Хантан өйдөөхтүөй? Тыа сирин муҥкук дьахтара ынаҕыттан , тэлгэһэтиттэн уонна оҕуруоттан ордон атын кыһалҕаны билбэккэ олорбута. Сааһын тухары холкуоска ыанньыксытынан үлэлээбит, биэс оҕото оскуолаҕа киирэр саастара чугаһаан , ас- таҥас көрдүүр кырыымчык кэмнэригэр кэргэнэ Өлөксөй эмискэ ыалдьан олохтон туораан соһуппута. Оччолорго, уончалаах Данил, кини кэнниттэн сыры-сыллата кэлэр Дьууруй, Марина, Тоня уонна бу оҕолортон түөрт сыл арыттаах Ганята бары огдообо дьахтар моонньугар хаалбыттара.

Сүүрбэччэ сыллааҕыта сэриигэ сүтэрбит уолун бастакы уонна бүтэһик суруктарын эмээхсин ордук соҕотохсуйбут, уйадыйбыт кэмигэр ааҕара. Буолумуна, аҕыс уоннаах бокооро кырдьан ыалдьыкка чэй да кутар кыаҕа суох сытар эмээхсин эрэйдээххэ, арай саһарбыт суруктар күндү этилэрэ. Данил суох буолуоҕуттан, Дьууруй улахан киһи оруолун толорон ийэтигэр улахан көмө этэ. Кини ханнык да үөрэххэ туттарса барбакка бу нэһилиэк кыыһыныын холбоһон, икки оҕолонон, ийэтин аах эргэ улахан дьиэлэригэр олохсуйбута. Марина таһаараа нэһилиэккэ бухгалтерынан үлэлиирэ, номнуо эбэ буолан икки кыыһын оҕолорун көрөн көмөлөһөрө. Онон төһө да биир улууска олордоллор, ийэтигэр кэлэрэ ахсааннаах этэ. Арай былырыын саас, суол баарына, кэргэнин кытары Дьууруйдаахтан хортуоска сиэмэтин ыла, эргэ уазиктарынан кэлэн барбыттара. Эмээхсин эрэйдээх улахан кыыһа кэлбитигэр үөрэн, хаһан да харахтыы илик хос сиэнигэр биэнсийэтин сыыһыттан кэһии ыыппыта. Иккис кыыс Тоня Дьокуускай куоракка олороро. Эмээхсин оҕолоруттан арай бу кыыһа син сэниэ уолга кэргэн тахсан, туспа дьиэлэнэн-уоттанан олороллоро. Ол эрээри биир эрэ оҕолоохторо. Оҕо бастаан утаа, эмээхсин сэнэх эрдэҕинэ, үрүҥ аска диэн ааттаан дьонун кытары дэриэбинэҕэ сайылыы кэлэллэрэ. Кэлин улаатан, лааҕырдарынан сылдьар буолбута. Онуоха эбии Тонялаах сайын аайы уоппускаларыгар омук сиринэн сылдьар, сынньанар буолбуттара.

Мурун бүөтэ Ганя алмаастаах Мирнэйгэ олороро, үлэлиирэ. Уола ситиһиилээхтик үлэлээн кыаҕырбытын, ыал буолбутун эмээхсин төлөпүөн эрэ нөҥүө истибитэ. Ол курдук Ганя солото суох аатыран сайын да кэлбэт, үөрэҕин бүтэриэҕиттэн оттоспот этэ. Эмээхсин бүтэһигин мааны уолун түөрт сыллааҕыта эрэ көрбүтэ. Оччолорго уола кэргэн ыла илигэ. Онон уонча хонукка ийэтигэр кэлэн сынньанан барбыта.

Эмээхсин хараҕын далыгар Дьууруйдаах Дуня икки оҕолоро Афонялаах Миисэ улааппыттара. Кэлин эмээхсин улаханнык ыарытыйан, онноооҕор Дуня ынах ыыр кэмигэр доҕор буола тахсыспат буолбута. Дуня ураты сымнаҕас, хара үлэҕэ сыстаҕас дьахтар этэ. Онон уон биэстээх Афоня уонна алталаах Миисэ дьонноругар ис-тас үлэҕэ миккиллэн улааппыттара.

Хаар ууллан, салгын ырааһыран, чалбах харалдьык тахсан саас барахсан сырдаан, сандааран кэлиитэ олус кэрэ этэ. Эмээхсин арыый үрүк-түрүк эрдэҕинэ, олунньу ыйга өйөтөн тахсан, күүлэтин кирилиэһин маһыгар өйөнөн, сибиэһэй салгынынан тыыммыттааҕа. Ол бэйэтэ, эмискэ кулун тутар ортотуттан мөлтөөн, сиһин ыарыыта бэргээн, сүһүөхтэрэ ыалдьан таһырдьа тахсара тохтообута. Кэлин дьиэ иһигэр куукунаттан хоһугар диэри хаамара аҕыйаабыта. Онтон бу муус устар ортотуттан сытта. Ол сытыаҕыттан киниэхэ кийиитэ Дуня үүт кыынньаран аҕалан иһэрдэрэ, таарыйа нэһилиэк сонуннарын кэпсиирэ. Дуня хоско киирэн кэпсээн көбдьөөрдөҕүнэ син сэргэхсийэрэ быһыытыйара. Сиэнэ уолаттар биирдэ эмит киирэн эбэлэрин өҥөйөн көрөн баран, ардыгар чугаһаабакка, сол курдук ыраахтан көрөөт, тахсан бараллара. Уруккуттан элбэх саҥата-иҥэтэ суох эмээхсин кэлин букатын саҥатыттан маппыта.

Бу сарсыарда Дуня үгэһинэн үүт кыынньаран, эмээхсин хоһугар киирбитэ, арай эмээхсин тыыммат. Дьахтар ийэлэрэ туртайбыт уостарын, мырчыстыбыт сирэйигэр түспүт чуумпу уоскулаҥы тонолуппакка көрөн турда. Кини эмээхсин утуйа сытан устунан барбытын курдук санаан, бэркэ куттанан көрөн турдаҕына, Даайыс тугу эрэ түһээн үлүгүнэйэр саҥатыттан соһуйан ходьох гына түстэ. Онтон, утуйа сытар эмээхсини өлбүккэ холуйан кутттаммытыттан кыбыстан сонньуйан кэбистэ. Эмээхсин чахчы мөлтөөбүт. Уһугулаан сытар даҕаны диэтэххэ, омуна суох буолсу. Биэс сыллааҕыта эмээхсин биир маанылаах ынаҕа ырбыы тахсыбыт кэмигэр күөлгэ түһэн былдьана сыспыттааҕа. Оо, эмээхсин эрэйдээх бэйэтин кытары тэҥҥэ кырдьыбыт Туллугун быыһаары уолун Дьууруйу кытта сордоммуттара. Хата, ынах быыһанар дьолугар ыаллыы олорор Сэрэпиим уолаттара абыраабыттара. Ынах улаханнык тоҥон, турар да кыаҕа суох, сытаахтаабыта. Биир кэм омуннаахтык тыынан, хараҕын чанчыгынан көрөн, өрүһүйтэриэх айылаахтык эмээхсин диэки көрөөхтүүрэ. Эмээхсин ынаҕын аһынан хараҕын уутунан сууна-сууна, элбэх саҥата суох бэйэтэ элэ-была тылын этэн көрдөспүтэ-ааттаспыта. Ынаҕы өрүһүйбүттэрэ. Нэдиэлэ курдук сылаас ууну иһэн, тоҥмут ойоҕосторугар анаан эмээхсин хаттык таҥас тигэн хотоҥҥо баайан туруорбуттара. Ол сайын эмээхсин дьиэтин таһыгар халтарыйан өттүгүн уҥуоҕун тоһуппута. Бу кинини улаханнык кэбирэппитэ. Биир кэм үлэлээн, өрө хамсана сылдьыбыт эмээхсин сай устата суорҕаннаах тэллэххэ сыппыта. Кинини уола Дьууруй уонна Дуня көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Марина оҕолорун кытары күнүнэн кэлэн көрсөн барбыттара. Ол ыалдьан моһуогура сыттаҕына, мурун бүөтэ Ганята кэлэн уонча хонон барбыта. Эмээхсин мааны оҕотугар ас астаан аһатар кыаҕа суох, хата бэйэтэ кыһыл оҕо курдук дьон илиитигэр киирэн сытарыттан бэркэ эрэйдэммитэ, санаарҕаабыта. Эмээхсин кыра уол Ганя кэлэн барыаҕыттан санаата кэлэн атаҕар турбута.

Киһи сааһырдаҕына барыта бэргиир эбит. Онуоха эбии биэс сыллааҕыта өттүгэ тостубута, хас ардах-хаар ахсын дьарҕа буолан көбөн эрэйдиирэ. Бүтэр уһук ханна баҕарар баар. Бу бүтэһик сайын буоларын эмээхсин бүтэйдии сэрэйэр курдуга. Дуня эмээхсин улаханнык мөлтөөбүтүн көрөн, чугастыы олорор улахан кыыска Маринаҕа эрийбитэ. Марина бастаан утаа икки сиэнигэр баттатан олорорун, үс ынаҕа төрөөбүтүн, оҕуруотугар уу даҕаны кутар көмө илии тиийбэтин ахтыбыта. Онтон чочумча тохтуу түһэн баран, ийэм барахсаҥҥа хайаатар даҕаны тиийиэм диэн тылын биэрбитэ. Кини омуннаах муҥутаан, куоракка олорор Тоняҕа сотовайыгар эрийэн: «Ийэбит уһугулаан сытар, атаарар дьон буоллубут быһыылаах”, — диэн эппитэ-тыыммыта. Тоня бу сайын төһө да уоппуската суох үлэлиир буоллар, (ол кини уһун болдьохтоох ипотекаҕа киирбититтэн) үлэтиттэн көҥүллэтэн кэлиэх буолбута. Дуня кыра уолга Ганяҕа суотабайыгар эрийэн көрбүтэ да, арахсыбыт этэ. Ол аата, төлөпүөнүн нүөмэрэ уларыйбыт эбит дии санаабыта. Хата, үлэлиир сирин билэр буолан, тэрилтэтигэр сып-сап телеграмма охсубута.

Куйаас да куйаас күн үүммүтэ. Атырдьах ыйын саҥата маннык буолааччы. Ол күн олохтоох массыынаҕа аараттан олорсон улахан кыыс Марина айаннаан тигинэтэн тиийэн кэлбитэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ Марина куурусса бөҕөтүн иитэн оннооҕор чоппууска кытта таһаарара. Кини кэһиитин отучча сымыыты аҕалбыт этэ. Кини кэнниттэн икки чааһынан хойутаан куораттан Тоня кэлбитэ. Өр көрсүбэтэх бииргэ төрөөбүттэр куустуһан, сыллаһан ахтылҕаннарын таһаарбыттара. Тоня сырдык сэбэрэтигэр сөрү-сөп кылгас кугастыҥы баттахтаах, оттон Марина сүөһү-ас үлэтэ да баттаан буолуо, сааһырбыт көрүҥнээҕэ, онно эбии толору этэ-сиинэ, кытархай малайбыт сирэйигэр сөбө суох убаҕас баттаҕын былырыын көпсөттөрөбүн диэн «химкалаппыта» сирэйин ордук дарбаппыт.

Дуня тэрээһэҕэ остуол тардан ас бэлэмниир кэмигэр, Дьууруй Мариналаах Тоняны хоско сирдээбитэ. Тоня сылдьыбатаҕа ырааппыт, оҕо сааһа ааспыт ахтылҕаннаах дьиэтин ураты сытын ылан биллэр-биллибэттик иһигэр мичээрдээбитэ. Сэрэнэн үктэнэн кырааскалаах муосталаах дьиэҕэ киирбитэ. Урут, кыра эрдэхтэринэ аҕалара бокуонньук тыыннааҕар оҥорбут мас улахан, сон ыйыыр ыскаабын таҥас сабыытын имэрийэн ылбыта. Кини барыаҕыттан оҕо сааһа ааспыт улахан мас дьиэ уларыйбатах. Оннооҕор ийэтэ иллэҥ кэмигэр олорон быысапкалаабыт ыскаап сабыыта уруккутунан эбит. Төрөөбүт дьиэ туһунан истиҥ санааны улуу суруйааччылар “отчий дом” диэн иһирэхтик ахталларын оҕо эрдэҕиттэн элбэхтэ аахпыт буолан, ол санаа ситимигэр уйдаран, уйадыйан ылла. Оҕо эрдэхтэринэ нэһилиэк маҕаһыыныгар икки сервант ыскаап кэлбититтэн, бастыҥ ыанньыксыкка диэн кинилэр ийэлэригэр атыылаабыттара. Эмээхсин ол таас ааннаах лаахтаах ыскаабы хараҕын харатын курдук харыстыыра. Тоня бу диэн өйдөөбөт, ол эрээри ханнык эрэ бырааһынньыкка ийэлэригэр хурустаал хомпуот кутар иһитин бэлэхтээбиттэрэ. Эмээхсин ол иһити таас ааннаах ыскаабар күндүргэтэн уурбута билигин даҕаны алдьаммакка турар эбит. Хас да сыл аастар дьиэҕэ туох даҕаны уларыйбатах. Арай ийэлэригэр эбэлэриттэн кэлбит алтан сылабаар хаппаҕа хомуллубут. Ити Дуня сылабаар хаппаҕынан оҕолоругар оонньоттоҕо дуу? Эбэтэр Дьууруй итирэн баран үлтү бырахтаҕа дуу? Тоня дьиэ эркиннэрин эргиччи көрүтэлээтэ. Ол турдаҕына, Марина киирдэ. Бэркэ өрүкүйбүт, омуннурбут сирэйдээх:

-Чэйиҥ, ийэбитигэр киириэххэйиҥ, — диэбитинэн Тоняны ойоҕолуу ааһан хос диэки дьулуруйда. Тоня кэннин хайыһан убайын Дьууруйу “Эн бастакылаа” диэбиттии ааттаһардыы көрдө. Дьууруй Тоняны санныттан кууһан ийэлэрин хоһугар Марина кэнниттэн киирдилэр.

Киирбиттэрэ уу-чуумпу. Эргэ саахымат суорҕаны түөһүгэр диэри тардынан, ол таһынан уҥуох-тирии буолбут илиилэрин таһааран мырчыстыбыт тарбахтарын кириэстии тутан хараҕын симэн ийэлэрэ сытара. Омуннаах киһи Марина, ийэтин көрөөт:

-Ийээ, ийээ бу туох үлүгэрэ буолан тигинии-таҕыныы сылдьан оҕуннуҥ, — диэбитинэн ийэтигэр саба түһэн эрдэҕинэ, Дьууруй эдьиийин кыл-мүлчү санныттан харбаан, Дуня чааскылаах үүтү уурар талах олоппоһугар олорто. Оттон Тоня саҥата суох иэдэстэринэн сүүрэр хараҕын уутун тоҕо турда. Кэмниэ-кэнэҕэс Дьууруй, номнуо хаһыс да ыйын ийэтин ыарыылаабыт киһи:

-Ийээ, ийээ, оҕолоруҥ кэллилэр, — диэн ийэтин үрдүгэр нөрүйэн туран уһугуннарардыы оргууй илиититтэн тардыалаата. Онуоха Тоня:

-Дьууруй, бээ, аргыый буол, ийэбит эрэйдээҕи илгиэлээн түһэҥҥин! Өлбүт да киһини уһугуннарыах айылааххын, -диэн убайын кынчарыйда.

Эмээхсин эрэйдээх көһүйэн хаалбыт илиилэрин оргууй хамсаппытыгар, эргэрбит суорҕан ибигирээтэ. Сабырыччы түспүт мырчыстыбыт халтаһаларын аат-харата арыйан, эмээхсин дьиэ үрдүн мэндээриччи көрдө. Оҕолоро ийэбит эбит биһигини өйдөөн көрөрө дуу суоҕа дуу диэбиттии хамсаабакка турдулар. Бу кэмҥэ таһыттан, ыалдьыттар кэлбиттэрин билэн алталаах Миисэ аҕылаабытынан хоско сүүрэн киирдэ. Кини ыалдьыттар кэллэхтэринэ өрүү маннык быһыыланар. Бу кыһын ийэтин быраата куораттан уолчааҥҥа саҥа бейсболка уонна сникерс аҕалбыт этэ. Уолчаан бэркэ астыммыта. Бу сырыыга баҕар аҕам балтылара эмиэ минньигэс кэһии аҕалбыттара буолуо диэн дьон сирэйин көрбүтүнэн киирбитигэр, улахан эдьиий буоллаҕа буолан Марина:

-Бу да уол, Дьууруй уолун оройунан көрөн тугун сүрэй, ыалдьа сытар киһиэхэ кыра да тыас мэһэйдиирин билбэккит дуо?, — диэн суоһурҕана оҕуста. Били кэһии сиэм диэн үөрбүт уолчаан курус гына түстэ. Муннун туора соттоот, кэннин хайыһан аҕатын диэки кылап гына көрөөт төттөрү ойдо. Эмээхсин аспыт харахтарын соннук бытааннык сабан кэбистэ. Бу кэмҥэ Дуня тыаһа суохтук үктэнэн хоско киирэн аһылык бэлэм буолбутун эттэ. Урут бары муһуннахтарына аһыыр, аҕалара уһанан оҥорбут уһун, мас остуола биллэ эргэрбит. Ыскаачара суох буолан онто ордук эргэ көрүҥнүүр. Дуня бэйэлэрин хортуоппуйдарын боруобаҕа диэн үс лууҥканы хостоон ыһаарылаабыт. Марина аҕалбыт кэһии сымыытын төгүрүктүү буһарбыт. Бэйэлэрэ оҥостор килиэптэрин өрөһөлүү бысталаан килиэп уурар былыргы соломо иһиккэ уурбута, бу остуолга олорон аһаабатаҕа ырааппыт Мариналаах, Тоняҕа күндүтүйэн көһүннэ.

Ынахтаах дьон обургу иһиккэ толору сүөгэй куттулар. Улахан уол Афоня умуһахтан мааны ыалдьыкка уурар убаһа төбөтүттэн оҥоһуллубут минньигэс эти бысталаан нэлэгэр тэриэлкэҕэ уурда. Хойуу үүттээх чэйи Дуня алтан сылабаартан кутуталаата.

-Сылабаар чэйэ үчүгэйиин, оҕо сааспын санаатым, — диэн куоракка олохсуйбута ырааппыт Тоня сэрэнэн чааскытыттан сыпсырыйан иһэ олорон эттэ. Марина, бииргэ төрөөбүттэриттэн саамай эттээхтэрэ, биилкэтинэн хортуосканы дьөлө анньан ылан сии-сии:

-Дуня, хортуоскаҕыт улааппыт аҕай дии, биһиги биир да лууҥканы уоран көрө иликпит. Атырдьах ыйын бүтүүтэ амсайбыт киһи. Хайа, бу сымыыттары тоҕо эмиэ буһардыгыт?

Оҕолоргор сиэтиэ этин буоллаҕа дии, — диэн соһуйбут курдук маҥан тэриэлкэҕэ өрөһөлөммүт сымыыттан ылан биири ньуосканан алдьатан хастаан сии олорон саҥарда, — күнүскүбүн аһаабакка кэлбит буолан аччыктаатым ээ, бээ, нэһилиэкпит икки арда төһө да ырааҕа суоҕун иһин, сааһыран эрэр киһиэхэ айан сылаалаах,- дии дии айаҕа толору астаах олорор Марина кэпсиир. Тоня бэйэ буһарыы килиэбин ылан сыллаан көрдө, ньуосканан сэрэммиттии сүөгэй баһан килиэбэр ымньаан кыра-кыратык ыстаан сии олорон:

— Минньигэс да килиэп, сүөгэй, тыаҕа олорор наһаа үчүгэй быһылаах. Куруук сибиэһэй үүт, сүөгэй – барыта сибиэһэй! Онуоха убайа Дьууруй балтын бэрт дьээбэлээхтик көрөн баран:

-Бу ас остуолга баар буоларын туһугар сайын от үлэтэ, кыһын сүөһү көрүүтэ, барыта тохтоло суох үлэ. Хата быйыл оппутун эрдэ кыайдыбыт, оҕолорум улааппыттарын биллим, — диэн Дьууруй киэн туттубуттуу уолаттарын диэки көрдө.

— Бу сарсыардаттан ийэбит тугу да аһыы илик. Уһаабат киһи буолаахтаата, — диэн Дуня чэйин сыпсырыйа олорон кэҥэс сырдык харахтарынан Тонялаах диэки көрө-көрө эттэ.

— Бу иннинэ тугу аһыыр этэй? – Марина сүөгэйгэ килиэбин оймуу-оймуу Дуня диэки хайыста.

-Ээ, тугу аһаахтыай. Най гыннар кыынньыбыт үүтү иһэр этэ.

-Дьыала куһаҕан, — диэн Дьууруй кэргэнин саҥатын бигэргэтэрдии эттэ. Мариналаах Тоня саҥата суох олордулар. Бу олорон Тоня санаан көрбүтэ, оо, кинилэр ийэлэрин саҕа түргэн туттуулаах, кыайыылаах-хотуулаах дьахтар бу эргин суоҕа. Оту да охсоро, маһы да хайытара. Аны сир асчыта, тэллэйдьитэ сүр этэ. Онтун барытын ыраастыы охсон барыанньалаан, тууһаан хаһаанар үгэстээҕэ. Кини курдук сатабыллаах арай кийиитэ Дуня баар быһылаах. Марина да Тоня да ийэлэригэр тиийбэт этилэрэ. Марина оҕо эрдэҕиттэн түргэн курдук эрээри ситэритэ-хоторута суоҕа, оттон Тоня арыый бытаан соҕус этэ. Дьууруйдаах Ганя уолаттар буолан оттууллар-мастыыллар, ол да буоллар Тоня ийэтин кытары окко сылдьара.

Киниэхэ анаан ыаллыы олорор Сэмэн оҕонньор кыра кыраабыл оҥорон биэрбитэ. Онон сэттэ сааһыттан кини от мунньааччы буолбута, куйаас күннэргэ ийэтин кэнниттэн убайдарын кытта, оччолорго Данил тыыннааҕар, бары сатыы оттуу бараллара. Марина дьиэҕэ быраатын Ганяны көрөн, күөс күөстээччинэн хаалара. Ама да ааспытын иннигэр үтүө да кэмнэр эбиттэр. Кини хаһан да бу эргэрбит остуолга олорон аһаабатах, ол күрүө нөҥүө көстөр саах сыбахтаах хотоҥҥо ынах ыабатах курдук этэ. Бу барыта хаһан эрэ, кинини эрэ кытары буолбатах, ханнык эрэ атын кыыс олоҕун туораттан көрөр курдук бэйэтин оҕо сааһын саныыра. Онто баара дьиҥнээх чахчы этэ. Ону бу билигин ийэтэ кыайан саҥарар да кыаҕа суох, ыалдьан сыттаҕына Тоня өйдөөбүтэ. Бу киэҥ олбуор устун атах сыгынньах кыысчаан үгүстүк сүүрбүтэ. Кыл түгэҥҥэ Тоня барытын санаан, өйдөөн кэлбитэ. Кини бу туһунан, уһааттаах ууга быраатын Ганяны кытары сөтүөлээбитин, куурусса аһатан соло булбаттарын, торбосторун көрдөөн чугас эҥэр хаамсалларын куоракка олорбутун устата санаабатах эбит. Биирдэ даҕаны кэргэнигэр, оҕотугар бу кыракый нэһилиэк чуумпу олоҕун, күннээҕи үлэҕэ үтүрүйтэрэн бүтэр түбүктээх күннэри, остуол тула мустан ийэлэрэ оҥорбут суоратын сииллэрин кэпсээбэт эбит. Маны барытын ханнык эрэ дууһатын саамай кистэлэҥнээх сиригэр уурбут уонна умнубут курдук этэ. Утуйан баран уһуктубуттуу Тоня чааскытын тутан күүлэ түннүгүн нөҥүө көрөн олордоҕуна убайа:

-Ийэбит хараҕын эмиэ аста, киириэххэйин кыргыттар, — диэн ыҥырда. Мариналаах Тоня сүр омуннаахтык ойон турдулар. Марина өссө да илиитигэр тута сылдьар биилкэлээх хортуоппуйун айаҕар угаат, эмис тарбахтарын сараппытынан илии соттор салфетка көрдөөн остуол тула харахтара сүүрэкэлээтилэр, булбакка арыы-сыа буолбут хаппахтаах хобордоох үрдүгэр сытар хаһан эрэ маҥан эрээри элбэхтэ туттуллан эргэрэн, саһаран хаалбыт иһит сотор тирээпкэни буолан, онно уоһун, илиитин соттон баран дьиэҕэ киирдэ. Кини кэнниттэн бэйэтин сааһыгар холооно суох эдэр көрүннээх, киртэн-хахтан тэйэ туттубут балта Тоня батыста.

Салгылаабатах хараҥа хос иһигэр киһи тыына хаайтарыах айылаах ыарахан эйгэтэ бүрүүкээн турара. Дуня сэрэнэ-сэрэнэ эмээхсин сирэйин өҥөйөн көрбүтүгэр ийэлэрэ аат-харта харахтарын аһан кийиитин көрдө, онтон саҥарбатаҕа ыраатан кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан:

-Кимнээх кэллилэр, тукаам, — диэн ыйытта.

Онуоха саҥаны истэн кыргыттар ийэлэригэр саба түһэн:

-Ийээ, ийээ, биһиги кэллибит, ыалдьыбыт сураххын истэн…,- диэн ытаан бөтө-бөтө Марина ийэтин түөһүгэр сытан омуннаахтык саҥарда. Онуоха эмээхсин хатырбыт уостарыгар мичээр оҕото көһүннэ уонна кыыһын сахсархай баттаҕын имэрийэ-имэрийэ:

-Оҕолорум сыыстара кэлээхтээбиттэр дуу, аата үчүгэйин. Эһигини көрөр күннээх эбиппин, -диэн мырчыстыбыт иэдэһинэн харах уута субуруйда.

-Ийээ, мээнэ саҥаран сэниэҕин эһимэ, биһиги ыксаабаппыт, — диэн Тоня бэрт холку, үөрэхтээх-үөрэхтээх киһилии боччумнаахтык туттуна соҕус саҥарда.

-Ээ, Туонньускам эмиэ кэлбит, баҕар Гаанчыгым кэлбитэ буолаарай, — эмээхсин эрэҥкэдийэн сүнньүн өндөтөн тулатын көрдө. Кинини тулалаан уола Дьууруй, кийиитэ Дуня уонна икки кыыһа Мариналаах Тоня тураллара. Эмээхсин бэркэ астыммыт, үөрбүт харахтарынан оҕолорун кэриччи көрүтэлии сытта. Тоня оргууй сэмэйдик ийэтин илиитин сирэйигэр сыһыары тутан чохчойон олорон:

-Ийээ, көрсүбэтэхпит да ыраатта, аҕынныбыт да эйигин… Туонньуска, соҕотох кэллиҥ дуо? Уолуҥ тоҕо кэлбэтэ?, — эмээхсин куораттан кэлин сайылыы кэлбэт буолбут Гриша диэн сиэнин сураһа сытта.

Киһи санаа кулута дииллэрэ чахчы, маны ийэтэ оҕолоро кэлбиттэриттэн бэркэ сэргэхсийбитин көрөн Дьууруй өйдөөтө. Ийэтэ эрэйдээх өрдөөҕүтэ өлбүт уолун Данил суруктарын куруук илдьэ сылдьар. Ыалдьан сытыаҕыттан ону сыттыгын анныгар уга сытарын бары билэллэрэ. Тоҕо диэтэр Данил эрэ ийэтигэр ыраах сылдьан истиҥ суруктары суруйара. “Ийэм барахсан дорообо” диэн суругар саҕалыыр истиҥ тылларын эмээхсин ордук долгуйан хаста эмитэ хатылаан ааҕара. Кини эрдэ огдообо хаалбыт буолан дуу, оҕолоругар улаханнык ымманыйбат, арыый кытаанах соҕус этэ. Арай оҕолоруттан Гаанчык ийэтигэр сыстаҕас этэ. Сылдьан эрэ сыллыыр, имэрийэр буолан, ийэтэ оҕолоруттан ордук маанылыыра.
Эмээхсин Туонньускатын намчы илиилэрин мырчыстыбыт тарбахтарынан имэрийэ сытта. Кини сирэйигэр дуоһуйууну кытта холбоспут астыныы, уоскулаҥ үөскээбит этэ.

— Ыалдьан сытыахпыттан Дунябар хотоҥҥо да сылдьыһан абыраабат буолбутум ыраатта. Тарбыйахтарбын да көрө иликпин. Дуням үүт кыынньарбытын иһэр этим. Үүттэрэ хойуу курдук. Дьиҥэр, били кырдьаҕас ынахпыт кытараабатаҕа эбитэ буоллар, собуокка туттарыа этибит, эбиискэ харчы буолуо этэ. Дунябыт үлэтэ суох, хотонтон соло булбат. Дьууруй мэхээниктиир, хамнаһын сыыһа туохха да тиийбэт, — эмээхсин бииргэ олорор оҕолорун кыһалҕаларын кэпсээн чэпчииргэ дылы буолла. Аттыгар турбут Дьууруйа онтон кыбыстыбыттыы:

— Ийээ, тоҕо ону-маны кэпсиигин, түөрт ынахтаахпыт, эппит-арыыбыт барыта бэйэбититтэн. Оҕуруоппут үүнүө, хата, куораттарга хортуоска бэрсиэхпит, — диэн көх-нэм буолла. – Ону ааһан, баҕар быйыл от атыылыахпыт, куһаҕана суох буолбатах дуо, эбии дохуот баара, — диэн кыратык киһиргэнэ, ийэтэ кинилэри букатын аччыктыы олорор дьон курдук кэпсээбитин быһа түһэн хаһаайыстыбатын туругун балтыларыгар сырдаппытыттан, арай, омос көрдөххө, чахчы даҕаны куһаҕана суохтук, ону ааһан кыахтаахтык олорор курдук кэпсэммититтэн санаата кэллэ, ону итэҕэйиэх курдук буолла. Оттон ис дьиҥэр киирдэххэ, мэхээнигин хамнаһа ийэтин биэнсийэтинээҕэр кыра, оттон түөрт ынахтааҕыттан биирэ кытараан ыаппат этэ. Эт-арыы туһунан эттэххэ, үүттэрэ нэһиилэ айахтарыгар эрэ тиийэрэ. Улахан уол Афоня кэппит таҥаһын кыра уол Миисэ кэтэрэ. Нэһилиэккэ Дуня курдук үөрэҕэ, үлэтэ суох дьахтар элбэх этилэрэ. Онон Дуня үлэтэ суох олороруттан улаханнык кыбыстыбат этэ. Хайдах эрэ буолуохтааҕын курдук санаан, күннээҕи дьиэ ис-тас үлэтигэр үтүрүйтэрэн күнэ хайдах бүппүтүн да билбэккэ хаалара.

— Ийээ, бары да кыһалҕалаахтык олоробут, өссө эн баар буолаҥҥын Дьууруйдаах эн биэнсийэҕинэн аһаан олордохторо. – диэн маны барытын истэн олорбут улахан кыыс Марина саҥарда. Хайдах эрэ кэпсэтии харчы, үп-ас, ким кыахтаахтык олорорун тула баран хаалбытыттан кыра кыыс Тоня кыбыстыбыт дуу, сөбүлээбэтэх курдук туттан эдьиийигэр эргиллэн:

— Ийэбитин көрсө кэлэн баран маннык кэпсэтэрбитин сөбүлээбэппин. Үтүө айылаах сыаналаах эмп-томп атыылаһан, быраас ыҥыран көрдөрүө эбиккит, эһиги чугас олорор эрээри ийэҕитин аанньа ахтыбаккыт, бэйэҕит эрэ кыһалҕаҕытынан тыынаҕыт,- диэн Мариналаах Дьууруй диэки батары көрөн олорон саҥарда.

Үөрэхтээх, өйдөөх кыыс Тоня саҥарбытыттан тыа дьоно ах бардылар.

— Этиһимэҥ ээ, тоҕо кыыһырсаҕыт. Ити мээнэ эппитим, туһата суох сытабын диэн эппит дьүһүнүм, – ийэлэрэ буруйдаммыттыы саҥарда. – Эгэ өллөхпүнэ бэйэ-бэйэҕитин кытта кэпсэтиэ да суох эбиккит дуу, эйэлээх буолуоххутун.

Эмээхсин чочумча саҥата суох сытта. Били үөрэн, оҕолорун көрөн манньыйбыт, дуоһуйбут сирэйин хомолто, курутуйуу күлүгэ түһэн бүрүйбүтүнүү, эмээхсин ньимийэн, биир сири уостан эрэр харахтарынан тобулу көрөн сытта.

— Чэ, ийээ санааҕар тутума, ити мин кыһыйаммын саҥардым, — диэн Тоня ийэтин сүүһүттэн сыллаан баран хостон таҕыста. Кини бу хараҥа, салгылаабатаҕа ырааппыт хоско тыына хаайтара сыһан тахсаат Дуняҕа кэлэн:

— Ийэбит хоһун биирдэ эмит салгылатыа эбиккит, оронун анна барыта быыл, ыалдьа сытар киһиэхэ ыраас салгын наада, ыраас, — диэн илиилэринэн салгыны дуу былыты дуу оҥорон эрэрдии хамсанан кыйахаммыттыы саҥараат таһырдьа ойдо. Дуня номнуо киэһээҥҥи аһылыгын бэлэмнээри бүтэһик харчытынан атыыласпыт кууруссатын этин сууйа туран тугу да саҥарбакка хаалла. Кини үөрэҕэ суох буолан, үөрэхтээх, куоракка олорор дьону туох эрэ үрдүккэ дабайбыт курдук ытыгылыы саныыра. Ол да иһин хаһан да аахсыбат, этиспэт этэ. Онуоха, кини кийиит буолуоҕуттан Тоняны аһары үрдүктүк тутан, Дуня Тоня утары тугу да саҥарбат, санаабат да этэ. Кини оҕолоруттан, хотонуттан ураты атыны саныа суохтааҕын курдук, бэйэтин чуумпу уу-нуурал холку олоҕунан олороро.

Хоско Марина уонна Дьууруй хаалбыттара. Кинилэр иккиэн ыаллыы нэһилиэккэ олорон, ийэлэрин үчүгэйдик көрбөккө ыарытыннарбыттарыттан буруйдаммыттыы абарбыт сирэйдээхтэрэ. Ордук Марина оннук сирэйдээҕэ. Оттон Дьууруй туох иһин маннык сирэй-харах анньыллыбытын өйдөөбөккө олорбута. Дьиҥэр, Тоня да кыһаллан ийэтигэр куораттан эмп-томп аҕалыа эбит этэ. Ол эрээри Дьууруй бу санаатын таһыгар таһаарбатаҕа. Ийэлэрэ эмээхсини оннооҕор былырыын куоракка көрдөрүнэригэр анаабыттарын, Тоня сатаан айаны кыайыа суоҕа диэн улуус балыыһатыттан ыыппаттарыгар дьаһайбыта. Эмээхсин иннэ гынан “Кыыспар Тоняҕа хата, тиийиэм” диэн үөрэ сылдьан, ыыппат буолбуттарыттан хомойбуттааҕын номнуо умнубут этэ.

Киэһэлик эмээхсин мүлүгүр уу иһэн баран, Дуня киирбитигэр, аччыктаабытын эттэ.

– Дуня, һыччыай, аһыах санаам кэлэр, туох астааххыный?

— Ийээ, ити куурусса миинэ буһардым, иһиэҥ буолаарай?, — диэн Дуня унаарыччы көрөн туран сибигинэйэн ыйыппытыгар эмээхсин:

— Иһиэм этэ, кыракый куруускаҕа кутан аҕал эрэ, – диэн көрдөстө. Эмээхсин аһыах санаата кэлбититтэн үөрэн, Дуня тэрээһэҕэ киэһээҥҥи аһылык буоларын көһүтэн олорор Мариналаах Тоняҕа тахсан:

— Ийэбит миин иһэр үһү, — диэн үөрбүт сирэйин кистээбэккэ саҥарда. Марина ыксаабыттыы:

— Туох иһиккэ кутабыт. Сытан эрэн хайдах иһээхтиир, — диэн тэрээһэҕэ баар улахан мас ыскаап сабыытын арыйа баттаата.

— Куруускаҕа кутуохпут, — диэн Дуня үрүҥ лаахтаах куруусканы ылан миин кутан барда. Онуоха маны көрө олорбут Тоня сонньуйбуттуу:

— Ийэбит эрэйдээх биир үчүгэй иһиккэ аһаабакка олорбута, саатар тиһэх күннэригэр тимир куруускаттан аһыыр, — диэн саҥарда. Дуня истибэтэҕэ буолла. Миинин кутаат дьиэҕэ киирдэ.

Кийииттэрэ дьиэҕэ киирбитин кэннэ Марина балтыгар:

— Ийэбит өллөҕүнэ бу мал-сал, иһит-хомуос барыта Дунялаахха хаалар буоллаҕа дуу. Төрөөбүт дьиэбитигэр хата ыалдьыттыы даҕаны кэлэрбит ахсааннаах буолуоҕа, — диэн саҥара олордо. Онуоха Тоня чочумча саҥата суох олорон баран:

— Саатар бэйэм бэлэхтээбит күөх ойуулаах көбүөрбүн наһаа хаалларбат инибин, — диэн эҕэлээхтик саҥарда. Кини сирэйигэр кыһыйыы уонна абарыы көстөрө. Санаатыгар ийэтэ үйэтин сааһын тухары муспут малыттан-салыттан арай кини ыраах олорор буолан туохха да тиксиэ суох курдуга. Ол иһин эдьиийигэр эмискэ эргиллээт:

— Өйдүүгүн, Марина, ийэбитигэр үчүгэй баҕайы нууччалыы оһуордаах саһархай былааттаах этэ дии, ону кимиэхэ аныыра буолла? Билигин оннук былаат муода буолан турар, куоракка үгүс дьахтар халтаҥ сону кытта баанар буолбут, — диэн кэпсии олордо. Онуоха Марина:

— Оттон куорат дьахтара ол былааты эн ылыаҥ буоллаҕа дии, мин ити ийэм хомуотун уонна таас ааннаах серванын ылыахпын саныыбын. Дьиэбэр туох даҕаны саҥа миэбэлим суох. Икки кыыһым ыал буоланнар туох чорбойордоохпун барытын кинилэргэ ыытабын, — диэн үҥсэргээбиттии саҥара олордо.

Кыргыттар өлө илик ийэлэрин номнуо көмөн, малы-салы үллэстэн эрэллэриттэн кыбыстыбакка, өссө тугу ылыахха сөбүй диэбиттии тэрээһэ эргэрбит кырааскалаах эркиннэрин эргиччи көрүтэлии олордулар.

Киэһээҥҥи аһылык кэмэ күнүскү аһылыктааҕар курустук ааста. Элбэх саҥата-иҥэтэ суох аһаатылар. Кыргыттар аһылык иннинэ малы-салы үллэстэн олороллорун Дьууруй даДуня да билбэт этилэрэ. Миинин иһэ олорон Марина Дьууруйга туһаайан:

— Манна улахан бортобуой массыына кимиэхэ баарый?. – диэн бүрүүкээбит чуумпуга эмискэ ыйытта.

— Ону туохха наадыйдын?, — диэн Дьууруй эдьиийэ тугу тиэйээри ыйыппытын өйдөөмүнэ утары ыйытта.

— Оттон ити ийэм эргэ хомуотун уонна таас ааннаах серваны ылаары, — диэн Дунялаах Дьууруй сирэйдэрин халты көрөн олорон саҥарда. Тоня кэпсэтиини аахайбакка аһаабытын курдук аһыы олордо. Дуня соһуйан аһыгар хара сыста. Бэркиһээн тугу да саҥарбата. Дьууруй балачча саҥата суох олорон баран:

— Ийэбитин номнуо көмөн мал үллэстэн эрэҕит дуо?, — диэн кытаанахтык саҥарда. Онтон: — Эн үөлээннээҕиҥ Бааска Трофимов бортобуой массыыналаах, ылан эрдэҕиҥ миэбэли. Биһиэхэ таас ааннаах ыскаап туохха наада буолуой, таах быыллыйа турар, — диэн саҥараат, чааскытын тыастаахтык остуолга уураат туран барда. Кыргыттар саҥата суох аһыы олордулар. Дуня да Марина миэбэли ыларын утаран тугу саҥарбата. Арай ийэлэрэ курууска миини испитин кэпсээтэ. Ону да ким да улаханнык сэҥээрбэтэ. Марина эрдэлээн сыыһа саҥарбытын өйдөөн:

— Дуня, оттон ол миэбэл чахчы эһиэхэ наадата эрэ суох буоллаҕына ыларым биллэр, — диэн мааҕыан эппитин сымната сатаан эттэ. Онуоха Дуня куолутунан бэрт холкутук:

— Маринаа, биһиэхэ миэбэл наадата суох, ылар буоллаххына ыл. Син биир ити серваҥҥа уурар мааны иһиппит суох, — диэт Тоня чэй куттараары ууммут кыһыл сибэкки ойуулаах чааскытыгар сылабаартан уу кутта.

Ыкса киэһэ Дьууруй Трофимов Бааскалыын кэллилэр. Марина таһырдьа туран бортобуой массыына кэлбитин көрөн, бэрт үөрбүт сирэйдээх утары хааман тахсан:

-Бааска, дорообо, — диэтэ. Үөлээннээҕэ Маринаны көрөн эмиэ бэркэ үөрдэ. Олох-дьаһах туһунан ыйыталаһан быһыта-орута кэпсэтээт, Бааска ыксаабыт куолаһынан:

— Туох миэбэл барар буолла, — диэн ыйытта. Киһи эрэ буоллар, Марина суобаһа оонньоон убайыгар Дьууруйга эргиллэн:

— Хайдах буола сылдьаҕын, бачча хойут Бааска миэбэл тиэйэр дуо?, — диэтэ. Онуоха убайа:

— Эрдэ да хойут да ылбытын син биир. Ийэбит уһаабат. Эрдэ сылла ыла тур, — диэн кытаанахтык саҥарбытыгар Марина умайыктана түстэ:

— Сүрүн, Дьууруй сааппаккын даҕаны, ийэбитин эрдэ хоруоптаан эрэҕин!, — диэн хаһыытаата. Айдааны истэн дьиэттэн Тонялаах Дуня таҕыстылар.

— Туох буоллугут, бачча киэһэ ким маннык хаһыытыыр үһү!, — хаһан да куолаһын үрдэппэт Дуня сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ. Трофимов айдаан буолбутун көрөөт, массыынатыгар олороот, дьиэтин диэки көтүтэ турда.

Тиэйиллибэтэх миэбэл, өһөс Дьууруй барытыгар буруйдаах буоллулар. Марина дьиэҕэ киирээт:

— Кыыһырсан бүтүөххэйиҥ, ийэбит эрэйдээҕи аһыныаххайыҥ, — диэн мааҕыан сарсыардаттан биир өйдөөх этиини саҥарбытын бары сөбүлүү иһиттилэр.

Суорат сиэн баран бары утуйдулар. Арай Дьууруй хойукка диэри кирилиэскэ сайыҥҥы сөрүүҥҥэ табахтыы олорбута. Кини балта Марина миэбэл былдьаһан массыына ыйыталаспыт ньүдьү-балай саҥатыттан олус кэлэйбитэ, хомойбута. Ийэлэрэ истибэтэҕэ да үчүгэй. Туох диэн саныа эбитэ буолла?

Сарсыардааҥҥы саҥа күн барытын мэлдьэспиттии сырдыгын ыспыта. Эмээхсин хоһун түннүгүнэн күн сардаҥата киирэн кини эргэрбит кубархай сирэйигэр түспүтэ. Тонялаах Марина сарсыарда тураат, ийэлэригэр киирбиттэрэ. Эмээхсин кыргыттарын көрөн бэркэ сэргэхсийбиттии көрө сытара.

— Марина, тоойуом, сиэркилэбин ылан кулу, сирэй-харах да көрүммэтэх ыраатта, — диэн кыргыттарын соһутта.

Марина хомуот үрдүгэр сытар былыргы бүппүт пуудара сиэркилэтин ийэтигэр уунна. Тоня ийэтин таһыгар олорон:

— Ийэбит бэттэх кэлэн эрэр, чэ бэрт, — диэн ийэтин диэки эйэҕэстик көрөн олорон саҥарда.

Марина сиэркилэ биэрээт, тэрээһэҕэ таҕыста. Тахсыбыта Дуня күөрчэх ытыйан бэлэмнээбит. Алаадьы буһаран нэлэгэр тэриэлкэҕэ уурбут. Кыра уол Миисэ обургу таас иһиккэ алаадьылаах күөрчэҕин мотуйа олороро. Улахан уол лааҕырга кэлэ-бара сылдьар буолан күннээххэ көстүбэт этэ. Марина тахсыбытын көрөн, Миисэ чааскылаах чэйин сүр түргэнник хантатаат, уоһун туора соттоот таһырдьа ойдо. Кини, били Марина саҥа кэлээт Миисэни мөҕө тоһуйбутун сөбүлээбэккэ, саастаах эдьиийиттэн куота-көтө сылдьара. Марина да алталаах уолчааны улаханнык сэҥээрбэт этэ.

Таһыттан Дуня оҕурсу тутуурдаах киирдэ.

— Хайа, ийэбитигэр киирэ сырыттыҥ дуо, хайдаҕый?

Марина иһиттээх алаадьыттан ылан сии-сии:

— Ийэбит бэттэх кэлэн эрэр. Оннооҕор сиэркилэ көрдөөн сирэйин көрүннэ ээ, эмээхсин билигин да куһаҕана суох. – диэн солуута суох күлэн алларастаата. Дуня киллэрбит оҕурсутун синньигэс гына бысталыы туран мичээрдээн эрэ кэбистэ. – Бээ, күөрчэхтэ киллэриэххэ, баҕар аһаарай, — диэт кыра иһиккэ күөрчэх кутта. Чааскыга мүлүгүр уу кутан дьиэҕэ киирдэ. Эмээхсин кыыһынан өйөттөрөн олорор эбит. Дуня киирбитигэр бэркэ астыммыттыы, хайа хайдахпыный диэбиттии мичээрдии көрүстэ. Дуня ийэлэрэ эмээхсин олорон эрэ күөрчэҕин аа-дьуо сиирин астына көрө олордо. Тоня олоппостон туран тыыллаҥнаата. Онтон ийэтин хомуотун таһыгар туран сиэркилэҕэ көрүннэ.

— Ийээ, били оһуордаах улахан саһархай былаатыҥ баар дуу, — диэн атаахтаабыт куолаһынан, көрдөспүт харахтарынан ийэтин диэки көрдө. Эмээхсин уруккуттан Туонньускатын хатаҕалааччы, мааны кыыһыгар хап-сабар:

— Былаат дуо, баар бөҕө, ити хомуот иккис тардарыгар баар, — диэн күөрчэҕин сии олорон ыйан биэрдэ.

Дуня эмээхсин күөрчэҕин бүтэрэрин күүтэн олорбута. Оттон Тоня улахан сарбынньахтаах былааты бүрүнэн туран сиэркилэҕэ эргичиҥниирин ийэтэ таптаабыт, манньыйбыт харахтарынан көрө сыппыта. Кини хантан билээхтиэй кыргыттара малы-салы номнуо үллэстэн олороллорун, ийэлэрин кытта быраһаайдаһа кэлэн баран иҥсэлэригэр эргэ былааты, хомуот, ыскаап былдьаһан айманалларын. Билбэтэ да ордук курдук этэ. Кини иһигэр сэмээр кыра уолун Гаанчыгын кэтэһэрэ. Уолуттан биир да сурах суох. Дуня уолун үлэтин аадырыһын сыыһа суруйдаҕа дуу диэн эмээхсин мунаахсыйара. Кыра уол Ганя эдьиийдэригэр да, убайыгар да сибээскэ олох тахсыбат буолбут этэ.

Киэһэлик Марина суотабайыгар кыыһа эрийэн үлэтиттэн ыксаппыттарын, икки сиэнэ түүн ытаан утуппаттарын, аҕалара эргэ баанньыгын көтүрэн баран саҥа мас суора сылдьарын, дьиэҕэ туох да кыайтарбат буолбутун кэпсээбитэ. Марина ыскаап дьыалатын быһаарбакка хаалбытыттан, аны уһугулаан сытар аатырбыт ийэлэрэ төрүт да үтүөрэн күөрчэхтээҕэр буолуох оннооҕор миин, хааһы сиир буолбутуттан, манна төһө өр буолара биллибэтиттэн олус ыксаабыта, кыйахаммыта. Омуннаах киһи ыгылыйбычча кыыһыгар дэлби кыыһырбыта. Сонно тута саалаҕа тахсаат балтыгар уонна кийиитигэр Дуняҕа туһаайан:

— Ийэбит үтүөрдэ быһыылаах, син бэттэх кэлиэ дии саныыбын. Миигин бары өттүттэн ыксаттылар. Аны мин хамнаһым сарбылыннаҕына, куһаҕаны талан эттэххэ үлэбиттэн уураттахтарына биһиги ыал хайдах буолуохпутуй?. – диэн тугу эрэ дакаастыы сатыырдыы кэпсии турда. Онуоха Тоня балачча олорбохтоон баран:

— Оо, дьэ, миигин эмиэ үлэбэр ыксатан эрдэхтэрэ, хата, мин эмиэ сарсын барсан хаалыыһыбын. Аны ардаары гынна, суол алдьана илигинэ тутуу былдьаспыт киһи. – диэн саҥарбытын Дуня хомойо иһиттэ. Кини уруккуттан эмээхсин кыргыттарын утары биир тылы саҥарбатах буолан, бу да сырыыга сөбүлээбитин да сөбүлээбэтэҕин да биллэрбэтэ. Таһыттан киирбит Дьууруй кэпсэтиигэ кыттыста. Кини төһө да бэҕэһээ балта Мариналыын кыыһырсыбытын иһигэр тута сырыттар, эр киһи буолан таһыгар биллэрбэтэ. Балтылара сарсын сарсыарда бараары ыксыылларын истэн:

— Марина, Тоня, тохтуу түһүҥ, ийэбит мөлтөх. Уһаабат чинчилээх диэн эппитим дии… Сатаха Гаанчык тугу да биллэрбэтэ. Өссө аҕыйах хоно түһүҥ, ийэбит эмискэ баран хааллаҕына куораттан иккистээн киирэр уустук буолуо, — диэн Тоняҕа туһаайда. Онуоха Тоня:

— Мин эмиэ дьиэлээх-уоттаах киһибин. Ама хайаан, ийэҕин көмө охсоору ыксыырын сүрэ бэрт дии, мин көрдөхпүнэ ийэбит үтүөрэн эрэр, — диэн били кульурнай, холку бэйэтэ өрө чаҥкыныы түстэ. Дьууруй холку Дунятыгар үөрэммит киһи, дьахталлар айманан умайыктаналларын уруккуттан сөбүлээбэт. Бэркиһээн тугу да саҥарбата арай:

— Чэ, бэйэҕит билэҕит, хайаан даҕаны, — диэн кытаанахтык саҥараат кыра уолун Миисэни кытта хоһун диэки хаамта.

Оҕолоро кэпсэтиилэрин истэ сыппыт эмээхсин, били арыый бэттэх кэлэн эрэриттэн, оҕолоро кэлбиттэриттэн көнньүөрбүт санаата бу кэпсэтии кэнниттэн эмискэ чаҕылхай күн этиҥ сааллыбытыныы хараҥарага дылы буолла. Бэйэтэ билбэтинэн хараҕын уута иэдэстэринэн субуруйан моонньугар сүүрүгүрэн түстэ. Аата кыбыстыытын, бу уһугулаан сытар аатыран баран өлөн биэрбэтэҕэ чахчы да сүрүн. Үлэлээх-хамнастаах, оҕолоох-уруулаах дьону тардан. Бириэмэ бараан син биир туһата суох эрээри сыттаҕын! Өлүү баҕайы хайа наадаҕа өҥөйөн да абыраабат буоллаҕа. Аата, бу түүн анараа дойдуга айаннаан да хаалбат. Оччотугар оҕолоро ийэлэрин кытта тиһэх быраһаайдаһан барыа эбиттэр.

Бу тухары эмээхсин оҕолорун эрэ буруйдуур санаата суоҕа. Гаанчыга туох эрэ улахан үлэҕэ тиксэн, эбэтэр салайааччыта көҥүллээбэккэ, баҕар, дьиэ кэргэнигэр кыһалҕаланан кэлбэтэх буолуохтаах. Хайаатар даҕаны Гаанчыга ийэтин умнара табыллыбат. Кини ийэтигэр наһаа чугас этэ. Алта сааһыгар диэри ийэтин кытта хоонньоһо утуйа сылдьыбыт уолчаан, ама хайаан ийэтин умнуой… Эмээхсин бу сытан кыра уолун чаҕылхай мөрсүөнүн оҥорон көрдө. Ол көрдөҕүнэ, уола олох солото-билэтэ суох үлэлиир. Дэлби ыран хаалбыт. Кини ийэтигэр ыксыыр, ол эрээри кинини көҥүллээбэттэр. Ким эрэ ыыппат. Маннык ону-маны саныы сытан эмээхсин утуйбут этэ. Арай түһээтэҕинэ, кэргэнэ бокуонньук Өлөксөй кэлэн аан боруогун атыллаабакка, сырдык холтууһун кэппитинэн субу турара. Оо, эмээхсин эрэйдээх кэргэнин көрбөтөҕө ырааппыт. Эчи таҥаһа-саба маанытын. Кини туохха эрэ ыксыыр курдук. Эмиэ да массыына кэтэһэр киһилии сотору-сотору түннүк нөҥүө ааһар массыыналар өрүкүтэр буордарын батыһыннары көрөр курдук. Эмээхсин кэргэнэ тоҕо киирбэккэ турарын дьиктиргээн ороҥҥо сытан хаһыытаан бытарытар:

— Өлөксөй, хайа туох буолан ыалдьыкка дылы аан таһыгар сөрүөһүннүҥ?

Онуоха кэргэнэ дьиппиэрэн хаалбыт сирэйинэн кэргэнигэр эргиллээт:

— Айгыста сытыаҥ дуо, бардыбыт, — диэн атын киһи куолаһынан саҥарбытыгар эмээхсин куттанан уһуктан кэллэ. Түүн үөһэ эмээхсин уһуктан баран утуйар аат суох буолла. Аттыгар сэргэстэһэ ороҥҥо Марина утуйан муннун тыаһа баччыгыныыр. Аны кыыһын уһугуннарыан саараата да аһынна. Кини иһигэр: “Бу аата өлөр өлүүм ыла кэлбит, бу түүн барар буолбуппун” диэн билгэлээн кэлэн ылар симиэрдин күүтэн хараҕын симэн сытта.

Сарсыарда түннүк анныгар бөтүүк кэлэн хаһыытаан уһугуннарбытыгар, сырдык күн тыгар сардаҥатыттан эмээхсин уһугунна. Кини тыыннаах. Түүн этэҥҥэ ааспыт. Арай саалаҕа туох эрэ миэбэли сыҕарытар тыас иһиллэр. Марина саҥата биир кэм тохтоло суох айманар: “Сэрэниҥ, тааһын алдьатар буоллугут…”.

Сотору кэминэн духуу сытын батыһыннарбытынан Тоня киирэн кэллэ. Кини ийэтигэр чугаһаан сиргэ чохчойон олорон:

-Ийээ, баһаалыста үтүөр. Миигин үлэбэр ыксаттылар. Аны аҕабытын командировкаҕа ыытан эрэллэр. Оҕом ханна соҕотох хаалыай. Ийээ, эйигин өлүө дии санаабаппын…- диэн иэдэһинэн ийэтигэр сытан сипсийэ олордо. Онуоха эмээхсин ыксаабыт, титирэстээбит куолаһынан кыыһа баран эрэриттэн хараастан:

— Туонньуска, күүт, тоойуом кыратык тохтуу түс, уһаабаппын… Бөөлүүн түүл түһээтим. Аҕаҕыт бокуонньук ыла кэлбит диэн кэпсии сатаабытын Тоня ситэри истибэккэ ойон турда.

— Ийээ, кыра оҕо курдук буолан бүт. Уһаабаппын да уһаабаппын. Дьууруй эмиэ итинник саҥарар. Тыаҕа аһары уһуннук олорон мээнэ тыллаһаҕыт. Тоҕо өлө охсорго ыксыыгын. Саатар үтүөрэн эрэбин диэн эрэл санаалаах буолуоххун,- диэн ийэтигэр кыйаханна. Дунялаах Дьууруй хоско киирэн саҥата суох буолар быһыыны-майгыны туораттан көрөн турдулар. Онуоха эмээхсин көмө көрдүүрдүү ытамньыйбыт куолаһынан уолугар:

— Дьууруй, саатар эн тугу эмит этиий, сүрэҕим таайар уһаабаппын, Гаанчыкпын көрүө этим, уолбун ыҥырын…,- диэн устунан ытаан энэлийэн барда. Тоня ийэтэ ытыырын тулуйумуна тэҥҥэ ытаста. Быыһыгар убайыгар ойон тиийэн:

— Ити эн, эн ийэбитин өлөрө сатыыгын, боҕуу буолбут киһи диэн көрүөххүн баҕарбаккын!

Ол быыһыгар эмээхсин: “ Кыыһырсымаҥ, барымаҥ…. мин… мин уһаабаппын…”

Тоня тохтоон хараҕын уутун сотунна. Тоҥуй соҕустук ийэтин кууһан сыллаат:

— Ийээ мин бардым. Эһиил сайын бары сайылыы кэлиэхпит, өлөргө ыксаама, — диэтэ. Бу кэмҥэ саҥата суох турбут Дьууруй Марина ыскаабын дьыалатын дьаһайан хоско киирбитигэр:

— Барыҥ, Марина, Тоня барыҥ! Эһиги миигин буруйдуугут, оттон бэйэҕит ийэҕит туһугар тугу гынныгыт, ыскаабы, былааты үллэстэн дьаабылана сылдьаҕыт. Олох бу күнү ааспакка барыҥ!, — диэн баргыытаата. МариналаахТоня саҥаларыттан матан турдулар. Эмээхсин истиэн баҕарбатаҕын истэн саҥата суох, чуумпутук ытыы сытта. Дуня кэргэнин күөйэ түһэн хостон таһаарда. Ол кэмҥэ Марина:

— Дьууруй туох айылаах кыыһыран сүрүккэтэй, баҕайы дьаабыланнаҕын, тыла-өһө ынырыгын. Ийээ, ийээ, ыскаабы оттон ыллым, манна син биир таах турар. Ол эйигин өлөрө сатаан буолуо дуо, — дии-дии ийэтигэр саба түстэ. Эмээхсин онно да кыһаммакка:

— Аны ыал да буолан бүттэҕим, саатар уолум Гаанчыгым кэлэн көрсөрө буоллар…

— Түксү, Гаанчык кэлбэт, кэлиэ суоҕа, үөҕүллээри, үүрүллээри кэлиэ дуо?, — диэн Тоня кытаанахтык ийэтин саба саҥарда.

Ол күн кыргыттар ийэлэрин ыалдьыма, үтүөр диэн алҕаан баран массыына кэлбитигэр олороот айанната турбуттара. Эмээхсин тугу да аһаабакка суорҕаныгар сууланан саҥата суох сыппыта. Арай уолун Данилын суруктарын сыттыгын анныгар уга сытан сотору-сотору тарбахтарынан бигээн таарыйан көрөөхтүүрэ.

Дуня хаста да киирэн өҥөйөн көрбүтэ, сиэнэ уол Миисэ ол күн эбээтигэр чугаһаабатаҕа.

Киһи олоҕо кылгас да буолар эбит. Олох соторутааҕыта курдук этэ, Даайыс кырдьыбытын билбэккэ да хаалбыта дии. Биир кэм ыанньыксыттаан, үлэлээн-хамсаан тигинэтии, эрдэ огдообо хаалбыт буолан оҕолорун атахтарыгар туруорар туһугар түүннэри-күнүстэри үлэлээһин кини олоҕун эдэр сааһын билиннэрбэккэ ааспыттара. Улахан уолун Данилын көмүү киниэхэ саамай улахан ыар сүтүк этэ. Бу кэннэ кини оҕолорум иннинэ өлүө суохтаахпын диэн саныыр этэ. Эмиэ биир күн элэҥнээн ааспыта. Таас ааннаах серван турбут онно кураанахсыйан хаалан киирбит киһи хараҕар тута быраҕыллара.

Дьууруй туран чэй өрбүтэ. Дуня номнуо хотонтон киирээт, күөрчэх ытыйбыта уонна таас иһиккэ эмээхсиҥҥэ анаан кутан баран Дьууруйга хоско ийэтигэр илдьэригэр соруйбута.

Дьууруй күөрчэх киллэрээри ийэтин хоһун аанын быыс сабыытын арыйбакка таалан турбута. Тоҕо эрэ кини бу сабыыны арыйдаҕына ыар аһыы сүрэҕин таарыйыан сэрэйбиттии, чараас сиидэс таҥастан иҥнэн турбута. Дьууруй сүрэҕэ чачхы таайбыт эбиит. Эмээхсин түүн утуйа сытан устунан бараахтаабыт этэ…

2014 сыл.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
4