Дьокуускай хабыллар хаба ортотугар «Киин» киинэ-тыйаатырын кэннигэр олус эргэ дьиэ турар. Ити дьиэ куорат былыргы тутууларыттан биирдэстэрэ диэччилэр. Билигин бу дьиэ хаһаайыннара бары өлөн-сүтэн биитэр көһөн, дьиэ үксүн куортамҥа бэриллэн турар быһыылаах. Ол дьиэ аттынан ааһан иһэн, дьүөгэм кэпсээнин тута саныы түһэбин уонна мантан түргэнник тэскилии охсорго кыһанабын.
Аннушка ол сыл үөрэҕин кэтэхтэн үөрэнэн бүтэриэхтээх этэ. Устудьуон кыыс биир ый сыыһыгар олоруом этэ диэн дьиэ куортамнаан түбүгүрэ, ороскуотура сылдьыа дуо, хара бастааҥҥыттан Дьокуускайга үөрэнэр дьүөгэлэринэн аҕыйахтыы хоно-хоно көһө сылдьар былааннаах киирбитэ.
Аннушка — норуот киһитэ. Биһиги бары да дьүөгэбит хаһан биһиэхэ хоно кэлэрин былдьаһа-тарыһа күүтэбит, уочараппыт тиийэн кэлэрин кэтэһэбит. Ол гынан баран, кыыспыт Дьокуускайга киирэн баран аҕыйах хоноот ыарыйдым диэн төттөрү дьиэлээн хаалбыт этэ. Барбыт сураҕын истэн соһуйан эрэ хаалбыппыт.
Кэлин дьүөгэбин көрсөн баран, сэрэппэккэ эрэ төннөн хаалбытын, күүттэрбитин сэмэлээри оҥостон баран, кыыһым «баһаалыста, ол сырыыбын букатын санатыма, ынырык куһаҕан дьыалаҕа түбэспитим» диэн харыаран кэбистэ.
Били дьиэҕэ аймахтара олороллор эбит. Аннушка киэһэ хойукка диэри үөрэнэн баран, оптуобуска хойутаан хаалан, чугастыы ол ырааҕынан аймахтарыгар хоно кэлбит.
— «Бачча киэһэ кэлэҕин», — диэн омнуолуохтара диэн кыбыста-кыбыста киирбитим. Ол иннинэ оптуобус тохтобулугар бу ыал ийэтин көрсөн кэпсэппитим, хойутаатаххына биһиэхэ кэлэн хоноор, манна чуп-чугас, тыйаатыр кэннигэр дьиэ куортамнаан олоробут диэбитэ. Онон, эмиэ да эрэх-турах санаалаахпын.
Кыһын буолан таһырдьа хабыс-хараҥа, саатар подъезтарын иһигэр эмиэ уота суох эбит. Киирэн иһэн хайдах эрэ этим сааһа аһыллан, ис-испиттэн наһаа дьиибэтик тымныйан кэллэ. Сиирэ-халты алдьаммыт хаптаһыҥҥа үктэнэн ыллым. Санаабар, онно муоста анныттан киһи илиитэ быган атахпыттан тарда сатаан сарбаҥныыр курдук. Бэрт ыарахан никсик сыт сабыта биэртэлээтэ. Аймахтарым кыбартыыраларын аанын бэрт эрэйинэн булан тоҥсуйдум.
Дьиэҕэ кыыстара эрэ баар эбит. Убайым үлэлии сылдьар, оттон саҥаһым дойдулаабыт. Кыыс мин кэлбиппиттэн туох да олус үөрдэ. Хап-сабар остуол бэлэмнээн чэйдэттэ, бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсибэт да буолларбыт, хайабыт да үөрэ-көтө кэпсэтэ олорон аһаатыбыт. Кыыс «соҕотоҕун хонорбуттан наһаа куттанабын, эн кэлиэххэр диэри ытыы сыһа-сыһа тэлэбиисэр иннигэр олорбутум» эҥин диэн кэпсээтэ да, мин адьас чугастык ылымматым, өйдөөбөтүм. «Аата, бары барыта, куттаныах сир баппатаҕын. Куорат килбэйэр киинигэр олорон туохтан куттаныахха сөбүй?» дии санаатым. Кэпсэтэ олорбохтоон баран, түүн үөһэ ороммутун оҥостон сыттыбыт. Наһаа сылайбыт эбиппин, тута, утуйан киирэн бардым.
Түүлүм быыһынан көрдөхпүнэ, кыбартыырабыт аана оргууй аһылынна, подъезтан наһаа ынырык, үп-үрүҥ дьүһүннээх эмээхсин киирэн ала-чуо миигин көрбүтүнэн сорунуулаах үлүгэрдик ынан тиийэн кэллэ. Мин кутталбыттан сатаан да тыыммаппын. Эгэ, сарылыыр кыах кэлииһи дуо? Ол эмээхсини көрөн баран сытабын. Эмээхсин миигин уун-утары харахпын тобулу көрөр. Кини көрөрүттэн харахпын да кыайан саппаппын, хамсыыр да кыаҕым суох. Эмээхсин наһаа ыараханнык сыыгыначчы тыына-тыына аттыбар кэлэн олорунан кэбистэ. Онно били подъезка билбит киһи кутун-сүрүн хам баттыыр ыар сытым наһаа хойуутук саба биэрдэ. Туох баар күүспүн-уохпун барытын түмүнэн улаҕаа диэки эргийдим уонна харахпын быһа симэн баран суорҕаным анныгар киирэн кирийэн хааллым. Сүрэҕим эппэҥнэс, хаһан да абааһыны көрбөтөх киһи, сүрэҕим тохтоон өлөрүм буолуо дии санаабытым. Эмээхсин тыынара субу сыыгыныыр. Хаһыытыы сатыыбын да, испиттэн саҥам кыайан тахсыбат. Төһө өр оннук олорбутун билбэппин. Санаабар түүнү быһа көлөһүн-балаһын бөҕө аллан, нэһиилэ тыынан эппэҥнии сыттым. Утуктаан дуу, өйбүн сүтэрэн дуу, дуу-даа буолан эрдэхпинэ… Били күтүрүм суорҕаммын арыйа баттаан хоонньоһо сатаан тииһэн барда. Амырыын дьыала буолла. Туох баар күүспүн барытын түмэн тобукпунан-тоҕонохпунан киэр анньа сатаан кэбистим да кыайтарбата. Абааһы диэтэххэ, дьиҥнээх киһи курдук эттээх-сииннээх, ол эрээри тыбыс-тымныы. Дэлби куттанан хамсыыр кыаҕын сүтэрбит киһини абааһы киһилиэ баара дуо, тыбыс-тымныынан, ынырык ыар сытынан саба аҥылыйан, эмээхсиним хоонньоһо сытынан кэбистэ. Мин ханна да барар-турар кыаҕым суох, килэччи көрөн баран сыттаҕым дии.
Бу түүн ааһан испэтин, уһунун-киэҥин! «Күн таҕыстаҕына баҕайы барар ини» диэн бэйэбин уоскутуна сатыыбын. Ол сытан көрдөхпүнэ түннүк быыһынан туох эрэ сырдык киирэн эрэрэ, мин «һуу» диэн эрэрим баара. Салгыытын өйдөөбөппүн, утуйан хаалбыппын быһыылаах.
Ким эрэ илгиэлиириттэн соһуйан уһугуннум. Көрбүтүм, ыалым кыыһа оскуолатыгар бараары уһугуннара турар эбит. Тураары гынабын да, илиим-атаҕым кыайтарбат, ыбыс-ыарахан, нэһиилэ хамсыыбын. Күөмэйим ыбылы кууран, бүтэн хаалбыт, сатаан саҥарбаппын. Кыыһым «наһаа ынырык көрүҥнээххин, ыалдьыбыккын быһыылаах» диэн соһуйда. Инньэ гынан, наһаа ынырыктык ыалдьан, «суһал көмө» массыыналанан эҥин сүгүн үөрэммэтэҕим. Быраастар тугум ыалдьарын кыайан быһаарбатахтара. Оттон аймахтарым мин кэлэн барбытым кэннэ ол дьиэттэн көспүттэрэ, кыыстара эмиэ тугу эрэ көрбүт үһү.
Онон абааһы диэн харамай тыаҕа, өтөхтөргө баар иччитэх балаҕаннарга эрэ буолбакка, бэрт элбэх киһилээх-сүөһүлээх куораттар кииннэригэр эмиэ баар буолар эбит этэ.