ЭМЭЭХСИН КЭПСЭЭНЭ: Ыһыах ыаһаҕа

Ааптар:  Валентина-Чэлгийээнэ
14.07.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Алексей Пудов

Сааһыран да бараммын, ыһыаҕы наһаа сөбүлүүбүн.

Куорат Үс Хатыҥ диэн ааттаах ыһыахтыыр сиригэр массыынанан уһуннук айаннаан тиийэҕин, бирээмэ чарапаахы айанын санатар. Хайыаҥый, сылга биирдэ буолар ыһыахха сылдьар баҕаттан, олорсубут массыынаҥ суоппара кыыһырыа диэн, мөҕүттүбэккин, бэйэтэ да “иһэ буһа” олорор буолааччы.

Ол курдук айаннаан, син эбиэт саҕана аатырар Үс Хатыҥҥа тиийэҕин, ыраахтан муусука, дорҕоонноох саҥа-иҥэ долгунугар оҕустаран, имиллибит таҥаскын, утаппыккын, куртаҕыҥ да курулаабытын умнан, элбэх дьону кытта тэҥҥэ хаамсан, ыһыахха киирэр ааҥҥа ыраастанан, түһүлгэни көрбүтүнэн, Үрүҥ Тунах ыһыах ыалдьыта буола түһэҕин. Саха тэҥэ суох үөрэҕин, өрө көтөҕүллэҕин, ис-искиттэн сырдыыгын, дьикти турук абылаҥар ыллараҕын…

Айылҕа барахсан ситэн силигилээн турара бу кэрэтин! Салгынныын минньигэс, сыттыын дьикти…

Төһө кыайаргынан куоталаһыыны да, атыылыыр ларектары да, мин аҕай дэммит ааттаах-суоллаах тэрилтэлэр түһүлгэлэрин, ыһыах кэрэ көстүүлэрин, араас өҥнөөх балааккалар бытарыһан туралларын, шашлык сытынан муннугун кычыгылаталларын, ыаллар хас да хонукка хоно-өрүү кэлбит курдук оҥостубуттарын көрөн, ыһыах сирэ сыл аайы кэҥээн, тупсан, киэркэйэн иһэрин көрөн, сөҕүү бөҕөнү сөҕөҕүн.

Бэйэҥ да хардыыҥ аайы ас сыта тунуйа биэрэн, сахабыт маанылаах астарын атыылаһан аһыыгын, билэр дьоҥҥун көрсөн кэпсэтэн, эҕэрдэлэһэн ааһаҕын. Дьиктитэ баар, итиччэ элбэх сүүһүнэн киһи аалыҥнаһан ааһарын быыһыгар билэр киһигин биири эмит көрсөҕүн ээ…

Саамай сөбүлүүрүм – кэнсиэр. Хас да сиринэн ырыа-тойук дьиэрэйэр, тала сылдьан көрөҕүн. Син киһи буолан, бырагыраамабын суумкабар укта сылдьабын. Мунаахсыйдахпына, дьонтон ыйытан, көрүөх баҕалаах кэнсиэрим сирин булан тиийэбин. Хас да чааһы быһа күн уотун утары олорон кэнсиэр көрбүтүҥ кэннэ, ньиэгир диэн сымыйа, сирэйиҥ молоо-

руччу харааран, абырыыр ачыкыҥ суола хаалан, били маҥан бэйэлээх сирэйиҥ дьаабыланар ээ, айабыын, кэм дьахтар аймаҕа буолан, хомойон ылаҕын да, хайыаххыный, тугунан да соттон, аны кылбайбаккын. Дьэ, итинниккэ түбэһэн, аны кэнсиэри ойоҕоһуттан эҥин көрөр буолан турабын…

Бэйэ тута сылдьар кыракый хомуллан хаалар олоппоһо суох буоллаххына, биир накаас, атаҕыҥ сылайан, ыалдьан моһуоктуур, хайыай, кини да күнү быһа хас да килэмиэтири хаамтаҕа, сылайымына. Ыксаан, ача күөх окко олорон ылаҕын, сытыахча да турукка киирэҕин. Һэ, киһи да күлэр, нарайан баран сытыллыа дуо, ама…

Чэ, сити курдук, саха биир бастыҥ бырааһынньыгын – ыһыаҕы көрөн, астынан, дуоһуйан, сөрүүн түһүүтэ дьону таһар оптуобуска олорсон дьиэлиигин. Биллэн турар, дьиэҕэ хаалбыттаргар, ыһыах кэһиитэ диэн, үтэһэлээх эт, кыынньар кымыс ылан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах тиийэҕин. Төһө да сылайдаргын, дьону кытта бииргэ ыһыахтаабыккыттан, оһуокайдаан ойбуккуттан, саҥа халадаай кэтэн сайбалдьыйбыккыттан искэр үөрэҕин, кыанар эрдэххэ, үөрүүлэргэ кыттыһан иһиэххэ дии саныыгын. Эмээхсин уһун кыһыны быһа Үс Хатыҥ ыһыаҕар сылдьыбытын кэпсээн, ыһыах ыаһаҕа гынар, тугу көрбүтүн-истибитин ситэри симээн кэпсиир, бэйэтин күлэ-күлэ, тугу сэҥээрбитин, тугу сирбитин тоҕо тэбиир.

Дьүөгэлэр барахсаттар ол ыаһахпын истэ-истэлэр күлэн “уҥа”сыталлар, эһиил илдьээр дэһэллэр… Күнэ көстүбэт кыһыҥҥа самаан сайын кэрэ кэмин туһунан кэпсэтэр туох куһаҕаннаах буолуой? Чэ, бүтүөххэ, айах аһыллан баран сабыллымаары гынна, ыһыах ыаһаҕа дэлэгэй буоллаҕаа…

Эһиилги ыһыахха диэри, бар дьонум!

Валентина-Чэлгийээнэ.

+1
15
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0