Бу күннэргэ уһун өрөбүллэргэ олорор буолан, бары интернеттэн, социальнай ситимнэртэн арахсыбаппыт.
edersaas.ru
Соторутааҕыта биир батсаап бөлөххө наһаа да үчүгэй сонун кэллэ. Бөлөх дьоно маны ааҕаат, санаабыт көтөҕүлүннэ, дууһабыт сырдаата.
Бэҕэһээ грузинскай социальнай ситимнэргэ Кахетия олохтооҕо 63 саастаах Како (Акакия) Джейранашвили дэриэбинэтигэр тюльпан саадын олордорун туһунан тэлэбиисэр сонуннарыгар кэпсээбиттэр. Саас аайы кини тюльпаннарын Тбилиси биир ырыынагар илдьэн атыылаан, дохуот киллэринэр эбит. Оттон бу саас… Туох буолбутун бары билэбит. Саастаах киһи: «6 тыһыынча үүннэрбит тюльпаным таах хаалар буолла. Сытыйар буоллулар быһыылаах. Хаарыан сырам…» — диэн олохтоох тэлэбиидэнньэҕэ ааһан иһэр дьонтон ыйытыыга (опрос) хардарбыт. Сарсыныгар… атын сюжет көстүбүт. Акакий тюльпаннарын барытын атыыласпыттар! Фейсбук ситимин туттааччылар саастаах киһиттэн тиийэн тюльпаннарын барытын атыылаһан баран, Тбилиси инфекционнай балыыһаларын быраастарыгар уонна кырдьаҕастарга көмөлөһө сылдьар волонтердарга бэлэхтээбиттэр. Үтүө санаа диэн оннук. Акакий Джейранашвили «быыһаммыт». Кылаабынайа, эмчиттэр уонна волонтердар кинилэргэ махтал баарын билбиттэр!
Ханна да олорорбутуттан, хайа да омук буоларбытыттан тутулуга суох үтүө сыһыан —бастыҥ холобур.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат. edersaas.ru
Хааптыска — батсааптан.