Эмчит, отоһут Мэхээлэ Чааскын

Ааптар: 
01.08.2018
Бөлөххө киир:

«Чааскын» диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторо, тута, «Куома Чааскын уола» диэн билэллэр. Итиэннэ билигин даҕаны хаһан эрэ ытык кырдьаҕаска эмтэммиттэрин, эмтэммит дьону кытары кэпсэппиттэрин, истэн билэллэрин сөҕөн кэпсээччи, махтанааччы элбэх. Уолугар, Мэхээлэҕэ да, биир оннук.


Итинник көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уос номоҕо буолбут сүгүрүйэр ытык кырдьаҕаспыт уолун, отоһут, эмчит Михаил Фомич Чашкины кытары мин хаһыакка анаан кэпсэтэр чиэскэ тигистим. Кини киһини кытары аһаҕастык кэпсэтэрэ, туруорута, көнөтө, судургута сэһэргэһэргэ астык. Сөбүлээбэтин эбэ­тэр кэпсиэ суохтааҕын быһаччы этэр. Кэпсэтэ олорон, быыһыгар, кыратык тылынан хаадьылаан да ылыан сөп. Кини онон толлубуккун аһараргар көмөлөһөр.

Ытык оҕонньор, сүдү киһи Куома

Михаил Фомичтыын кэпсэтиибитин аҕата оҕонньортон саҕалаатыбыт.

Куома Бөтүрүөбүс Чааскын төрөөбүт-үөскээбит дойдута Таатта Уолбата (былыргынан IV Байаҕантай нэһилиэгэ). Кини 19-20-с үйэлэр алтыһыыларыгар олорон, үлэлээн ааспыт сорсуннаах булчут, айылҕаттан айдарыылаах эмчит, отоһут, көрбүөччү, олоҥхоһут, ойуун.

Аатын дьон сэрэнэн ааттыыллар

Төһө да оччотооҕу сэбиэскэй былаас норуот эмчиттэрин утарбытын, сабыта баттаабытын, боппутун-хаайбытын иһин, ытык кырдьаҕаска кистии-саба эмтэнэ кэлээччи син биир элбэх эбит. Оннооҕор оччолорго, сибээс мөлтөх, айан-сырыы сэдэх кэмигэр, соҕуруу куораттартан кытары истиһэн, кыһалҕалаахтар анаан-минээн кэлэллэрин туһунан кэпсииллэр.

Кырдьаҕас эмтиирэ, дьиҥэр, олус элбэх. Олортон сороҕун эрэ ааттаатахха, сүрэх-тымыр, ис-үөс, быар, оһоҕос, куртах, сүһүөх ыарыыларын, ньиэрбэ ыарыһахтары эмтиирин, хаампат дьону хаамтарарын туһунан, о.д.а. элбэхтэ суруллан турар. Курдары оборон, бохсуруйан, туос эмэгэттэри сыһыаран, түөннээн, хааннаан, илбийэн эмтиир, оту алҕаан биэрэр эбит.

Оҕонньор бу ураты айдарыытын, эмтиир кистэлэҥин туһунан кимиэхэ да кэпсии-ипсии сылдьыбатах. Арай ону, киниэхэ эмтэммит махталлаах дьон сэһэргээн, суруйан испиттэрэ үөрүүлээх.

Мэхээлэҕэ аҕатыттан «айылҕата» бэриллибит. Ол да иһин, киниэхэ  эмиэ соҕурууттан, тас дойдуттан тиийэ эмтэнэ диэн ааттаан-суоллаан кэлэ турар буоллахтара. Бэл, тас дойдуттан кэлэн киинэҕэ уста сатаабыттар. Мэхээлэ ону мас-таас курдук боппут. Кини, уопсайынан, манна диэн эттэххэ, кэпсии да сатаабат. Арааһа, ол айылҕаттан ураты айдарыылаахтар дьоннорун-сэргэлэрин харыстааһыннара буолуо буоллаҕа. Кэлин, хаһан эмэ, “сөп” диэн көҥүл бэрилиннэҕинэ эрэ аһыллыахтарын сөп буолуо. Ураты дьон ону бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ.

— Төрдүбүтүгэр Дойомпо ойуун, Дьирбии ойуун диэннэр бааллара үһү. Сурахтарын ис­­тэрим. Дойомпо 18-19-с үйэлэр кирбиилэригэр төрөөн-үөскээн ааспыт. Мантан быһа холуйан 7 биэрэстэлээх сиргэ, Налга, кис­тэнэн сытар,— диир Мэхээлэ.

Дойомпо туһунан 2015 сыллаахха «Таатта» хаһыакка  маннык суруллубута баар.   «Дойомпо ойуун эрэ буолбакка, уус тыллаах ырыаһыт, олоҥхоһут быһыытынан эмиэ биллибит. 90 сааһын тоҕус хонук туолбакка сылдьан өлбүт. Өлөр күнүгэр тэлгэһэҕэ хардаҥ эһэ, сур бөрө кэлэн ааспыттар, сэргэҕэ суор олорбут. …Өлөрүн кытта, кыыллара суулаһан өлө сыталларын булан, бэйэтин кытта көмпүттэр» диэн.

— Аҕам аҕата Кылапчы Бүөтүр. Хомуһуннаах Дьирбии ойуун түгэх эһэбит. Бу Дойомпо да, Дьирбии да үксэ кыыран эмтииллэрэ үһү. Мин аҕам эдэр сылдьан «эттэппит». Бука, үс сыл буолуо. Суорҕан-тэллэх киһитэ буолан эрэй бөҕөнү көрбүт. «Киһи буолбат буолла» дии санаабыттарын кэнниттэн туран кэлбит. Бастаан кыыран эмтиирэ үһү. Айылҕаны кытары ураты чугастык алтыһар, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр саҥатын өйдүүр уратыламмыт. Кэлин, отунан-маһынан эмтиир, хаанныыр буолбут.  Дьон истиһэ-­истиһэ ыраахтан-чугастан кэлэ турар эбит. Ону дьону сымыйанан эмтиир диэн айдаан бөҕөнү тардан, бобуу-хаайыы бөҕө буолан, баппыыска ыла-ыла сордообуттар.

Төбөтүнэн ыалдьыбыт дьахтары кытта эмтээбит. Ийэлээх аҕам нууччалыы билбэт буоланнар, Николай Попов диэн сэрии бэтэрээнэ киһини ыҥыттаран тылбаастатан кэпсэппиттэр. Ол ыарыһахтарын үтүөрдэн ыыппыт.  Махтананнар, кэлин да, кэһии ыыталлар эбит. Дьэ, ити курдук, былыр да аҕабар соҕурууттан кэлэн эм­­тэнэллэрэ.

Аҕам киһи тыла наһаа күүстээх. «Тылынан өлөрүөххэ да, үрдэтиэххэ да сөп» диирэ. Отуччалаах сылдьан эбитэ буолуо, икки хатыҥтан биирин тыл күүһүнэн өлөрөн кэбиспитин кэмсинэр этэ,— диир уола Мэхээлэ. Ол туһунан хаһыакка урут суруйан турабын. Итиэннэ Дабаччыма «Айыылартан айдарыылаах Куома Чааскын» диэн кинигэтигэр эмиэ баар. Санатар буоллахха, икки улаатан эрэр чиргэл хатыҥтан Куома эдэр сылдьан, биирдэстэрин тыл саамай ыараханынан кырыыр. Биирин тыл саамай кэрэтинэн, үчүгэйинэн алгыыр. Кыраабыт хатыҥа үс сыл иһигэр иинэн-хатан, өлөн хаалар. Алҕаммыта чэлгийэ, силигилии үүнэр. Аны туран, Налга баар хатыҥы тыл күүһүнэн көһөрбүтүн туһунан эмиэ суруйан турардаахпын. Бу да сырыыбар, Мэхээлэттэн ону эмиэ ыйыттым. Үүнэн силигилии турар хатыҥ хас да миэтэрэни сыҕарыйан, көһөн биэрэн баран салгыы үүнэ турара, дьэ, дьикти. Улуу күүс  эрэ итинник сөҕүмэри оҥорор кыахтаах буоллаҕа!

— Аҕабар чугас эҥэрдээҕи ааттаах атастара: Ньулуунап, Туруору Бүөтүр, төрдүө-бэһиэ буолан мустаннар, үчүгэйдик олоҥхолууллара, ыллыыллара. Мин ону эмиэ онолуйан эрэллэр диэн сөбүлээбэккэ куотан хааларым. Аҕам олоҥхолуурун истибит ахан киһибин. Аны үһүс кылааска үөрэниэхпиттэн, олоҥхону аахтарар буолбута. Наһаа да сүрэҕэлдьиирим. Ыалдьыттар кэллэхтэринэ  кинигэни туора илгээт, таһырдьа элэс гынан хаалабын. Киирэн бэрт, хойукка диэри оҕолору кытта оонньуур буоллаҕым дии.

Оччолорго оту үксүн ийэм хомуйара. Мин хантан хомуйсуохпунуй. Эмтиирин кэлэ-бара син көрөр этим да, төрүт наадыйбат этим. Оҕонньор ону-маны кэпсээтэҕинэ, кулгааҕым таһынан аһаран иһэрим. Эмэгэтинэн эмтиирэ. Эмэгэтэ эмтээбэт буоллаҕына, сүтэн хаалара уонна бэйэтигэр кэлэрэ.

Аҕам мэтириэтэ

— Аҕам биһигини оскуолаҕа үөрэттэрээри Налтан көспүппүт. Ондуруоһаптар балаҕаннарыгар олорбуппут. Муосталаах эҥин, туох да оһуобайдаах балаҕан этэ. Ол балаҕан манна тиэргэммитигэр турбута. Кэлин бэйэм көтүрбүтүм.  

Эргэ дьиэбитигэр олорбуппут. Онтубут умайан хаалбыта. Туох да ордубатаҕа. Арай, аҕам мэтириэтин уот тыыппатах этэ.

Манна Михаил Фомич кэргэнэ Альбина Саввична эбэн этэр:

— Оҕонньор мэтириэтэ оҕо оронун үрдүнэн турбута. Өссө онно хоппуруон саптар иилиллэн турбуттара. Олор сиэнэн түспүттэр. Уот мэтириэти ырааҕынан тула эргийбит эрэ этэ.

Ити мэтириэти оччолорго, мин оскуолаҕа үлэлии сырыттахпына, оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлиир  А.А.Кириллин кып-кыра хаартыскаттан көрөн уруһуйдаан биэрбитэ.

Мэхээлэ Чааскын: «Ким кэлэрин, туга ыалдьарын билэбин»

М.Ф.Чашкин сүбэтинэн, көмөтүнэн туһаммыт киһи ахсаанын ааҕан сиппэппит. Киниэхэ кыһалҕалаахтар истиһэн быыс-арыт да булларбакка кэлэ туруохтарын баҕараллар. Мин тиийэн кэпсэтэр олорор кэммэр, дьоннор кэлэн күүпүттэрэ. Дьиэҕэ киирэн ыал ийэтин Альбина Саввичнаны кытары сэһэргэһэн тахсарбар, «куораттан кэллибит» диэн эдэр дьон киирбиттэрэ.

— Аҕам маҥнай кыра уолум эмтиэ диир этэ. Кэлин, улааппыппыт кэннэ, наар миигин, улахан уолум эмтиэ диир буолбута. Мин оҕонньор ону-маны туойар диэн куота көтөрүм. Этэрин истэ да сатаабат этим.

Букатын кэнники эмтээн саҕалаабытым. Үс сыл “ыалдьан” сөптөөх эрэйи көрбүтүм. Айыкката бэрт. Санатыма даҕаны, — диэбитин иһин, кэпсэтиибитин арыый атыҥҥа көһөрөбүт.

—Аан бастаан кэргэним аймахтарын эмтээбитим. Уҥуох сөтөллөөх, сүрэҕинэн мөлтөх, ыарыһах, инбэлиит киһини. Отунан. Аҕам эмтиирин кэлэ-бара сылдьан син көрөр буоллаҕым.  Кимтэн да сүбэлэтэрим онно суоҕа. Бэйэтэ кэмигэр киирэн испитэ. 

Киһи кэлэрин эрдэттэн сэрэйэбин. Эн бүгүн хаска, хайдах айаннаан кэлиэхтээххин барытын билбитим. (Мүчүк гынар. Хас да сыллааҕыта кэпсэтэ кэлэрбэр эмиэ барытын билэн, кэтэһэ олорор этэ. Онно барытын ыраас илиискэ ууран биэрбитин сөхпүппүөн!— ааптар ). Дьоннор кэлээри төлөпүөннээтэхтэринэ, туохтара ыалдьарын тута билэбин. Оттон көстөн, биллэн кэлэр, ону хайыахпыный? Ыарахан ыарыһах иһэр буоллаҕына, эмиэ билэбин. Дьоммор этэбин.

Эмтээх оту бэйэм хомуйбаппын. Урут кэргэним хомуйар этэ, билигин оҕолорум. Ийэбит ыраастыыр, суулуур. Кэлин ханна барытыгар эмтээх оту атыылыыр буоллулар. Биисинэс оҥоһуннулар. Онон дьон атыылаһан  илдьэ кэлэллэр. Көрөн-истэн бараммын, отторун алҕаан биэрэбин. (Сырдык “Өбүгэ күүһэ” диэн суруйуутугар — лоһуор от (вероника седая) алгыһы эрэ ылынарын туһунан бэлиэтиир. – аапт.)

Сүрүннээн тимэх оту, оҕонньор отун (Вероника седая, Вероника серая), буҕарааскайы, уҥуохтаах отон угун, туоһу о.д.а. туттабын. Туттарым элбэх, испииһэктии олорбоппун.

Урут биир күҥҥэ элбэх киһини эмтиирим. Күүстэринэн кытары кэлээччилэр баар буолаллара. Билигин адьас аккаастыыбын. Аҕыйах киһини ылабын. Сүрэҕэлдьиибин,— диир оҕонньор быһаччы.

Ыарыы майгыттан-сигилиттэн эмиэ тутулуктаах дииллэр ээ, — диэн ыйытабын.

— Бэйэлэрэ омуннаах, наһаа ылынымтыа дьон баар буолаллар. Паачыканан ыарыылаахтар кэлэллэр. Онон көрөн биир-биир ылгыыгын. Барыта сибээстээхтэр.

Бу аныгы үйэҕэ дьон доруобуйата хайдаҕый? Эйиэхэ ордук туохтара ыалдьыбыт дьон кэлэллэрий?

— Араас ыарыылаах бары кэлэр. Оннооҕор наркоманияны кытары эмтэтиэхтэрин баҕараллар. Тэҥнээн көрдөххө, 80-с сылларга диэри үөс ыарыыта адьас сэдэх этэ. Биир эмэ наһаа арыгылаабыт киһи үөһэ туолара. Билигин буоллаҕына, оннооҕор уу кыһыл оҕо үөһэ ыалдьар. Аны, киһи үксэ нооро ыалдьар буолла. Ис-үөс туһунан этэ да барыллыбат. Соҕуолаахтар (зоб), тириилэрэ бааһырбыттар, сүһүөхтэрэ ыалдьар дьон, о.д.а. Ити астан-үөлтэн, салгынтан, таҥна-симэнэ сылдьыыттан тутулуктаах.

Эмэгэтинэн эмиэ эмтиибин. Сороҕор эмэгэттэрэ сүтэр уонна миэхэ бэйэбэр тиийэн кэлэр. Аҕабар курдук. Хайдах кэлэрин тоҕо этиэхпиний?!.

Урут хаанныыр, түөннүүр этим. Онно сытыы харах наада. Адьас кыл да түгэнин мүччү тутуо суохтааххын. Барытын таба тутуохтааххын. Ол иһин, кэлин, сааһырыы быһыытынан хараҕым мөлтөөн, ылсыбаппын. Эппиэтинэһэ улахан.

 

«Таҥна сырыттыннар, арыгыны испэтиннэр»

Ааҕааччыларга баҕа санааҥ, сүбэҥ.

— Бэйэ аһын-үөлүн аһыы сатыаҕыҥ. Урут бэртээхэй биэ кымыһа оҥоһуллар буоллаҕына, билигин сорох сирдэргэ доруоһалыыллар. Ол кымыс буолуо дуо? Үүппүт ыаммытынан буолбатах. Бэйэ сүөһүтүн этэ наада. Кииһилэ үөрэтэ, от үөрэтэ, суорат, араас элбэх буолара. Онтуҥ киһиэхэ быдан туһалаах, иҥэмтиэлээх буоллахтара. Онтубут билигин аны тыа да сиригэр көстөрө күчүмэҕэй буолла.

Сөптөөхтүк таҥна сылдьыахтарын баҕарабын. Итиитэ бэрт диэбэккэ. Куйаастан өлбүт суох. Тымныыттан тоҥон өлүөххэ сөп. Сүһүөҕү харыстыахха наада. Ол иһин, таҥна сылдьыҥ диэн сүбэлиибин. Бу, эн эмиэ чараастык таҥнан сылдьаҕын. Киэргэнэн. (Куйаас күн этэ. Таҥаһым айаҥҥа, куйааска  син сөптөөх курдук этэ да, оҕонньор чараас диэн сэмэлиир, сүбэлиир. Итиэннэ киэргэммиккин диэн хаадьылыыр—ааптар).

Арыгыны испэтиннэр. Билиҥҥи арыгы суррогат, араас эбилигэ элбэх. Ол иһин дьон ыллараллар, иһэн сордоноллор.

Табаҕы тардыбатыннар. Бу мин табахтыырым сыыһатын, куһаҕанын билэбин. Аҕам оҕонньор үстээхпэр хамсатын биэрэрэ. Хамсатыгар сэбирдэх табаҕы ыбылы симэн, уматан баран илдьэн биэрэрим. Аара баран иһэн, балачча соппойбохтоон ыларым. Аһыыта диибин диэн. Сэбирдэх табах хатана бэрт этэ. Куһаҕан дьаллык. Адьас чугаһаабатахтара да көнө.

Оттон олох тупсан иһэр, киһи үйэтэ уһаан иһэр дииллэр дии?

— Биир өттүнэн олох сайынна, тубуста. Ол эрээри, син биир, ити эппиттэрбин учуоттуур, үчүгэйдик көрүнэр наада. Салгыммыт куһаҕана бэрт. Өссө собуот тутаары гыналлар. Оччоҕо салгыммыт, оппут-маспыт, үүнээйибит, уубут-хаарбыт хайдах буолар? Бу барыта киһиэхэ эргиччи дьайар.

 

Сэлээркэ, кирэдьиит туһунан

 — Сыанабыт сыл ахсын үрдэ суох үрдээн иһэр. Тыа сиригэр сүөһүнү-аһы дэлэтиҥ дииллэр. Сэлээркэбит сыанатын үрдэтэллэр. Оччоҕо хайдах оттуубут? Сүөһү-ас хайдах ииттэбит? Дьиэтэ-уотта туттуҥ, тиэхиньикэтэ атыылаһыҥ дииллэр. Оччоҕо кыайа-хото оттуоххут, бэйэҕитин үчүгэйдик көрүнэн олоруоххут диэн буолар. Биэнсийэ сыыһа ханна тиийиэй. Дьон бөҕөнү кирэдьиит хабалатыгар киллэрэллэр. Арааһа, кирэдьиитэ суох киһи диэн суох да буолла быһыылаах. Дьону итинник угаайыларынан иэдэттилэр. Олох тубуста диэн баран, баттахтарынааҕар элбэх иэскэ баайаллар. 

Дьиэ кэргэнэ – бигэ тирэҕэ

Михаил Фомич олоҕун доҕоро Альбина Саввична оскуолаҕа саха тылын үөрэппит, дириэктэрдээбит. Кэлин, кэргэнигэр көмөлөһөн олорбут. Чааскыннар түөрт оҕолоохтор, уонтан тахса сиэннээх­тэр. Оҕолор бары үрдүк үөрэхтээхтэр. Улахан уол Михаил тиис бырааһа. Кыыстара Раиса идэтинэн биология учуутала, экэнэмиис. Фома эмиэ икки үрдүк үөрэхтээх, Ытык Күөлгэ дьаһалтаҕа үлэлиир. Савелий уруһуйдьут ааттааҕа буолан, бастаан Нам педагогическай училищетыгар үөрэммит. Онтон экэнэмиис идэтин ылбыт. Билигин Хабаровскайга үөрэнэр уонна ылыахтаах идэтин эрдэттэн чиҥэтинэн улууһугар “Тааттаавтодор” ААУо үлэлиир.

Ыал ийэтэ Альбина Саввична:

— Мэхээлэлиин бастаан билсэрбитигэр төрүт саҥата-иҥэтэ суох, олус сэмэй уол этэ. Киниэхэ кэргэн тахсар дьылҕам таайан манна, Уолбаҕа, адьас тардыһан, баҕаран туран үлэлии кэлбит эбиппин. Бастаан үөрэхпин бүтэрээт, дойдубар Чычымахха оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлээбитим. Онтон СГУ-ну кэ­­тэхтэн үөрэнэн, саха тылын учууталын идэтин ылбытым. Сир уларытан Хара Алдаҥҥа үлэлээбитим эрээри, чуҥкуйбутум. Уолбаҕа кэлээт, мууспутун-маспытын тиэйэн биэрэр улахан саҥата-иҥэтэ суох уолу наһаа сэҥээрбитим. Мэхээлэ улахан эмчит уола буоларын истэн билэр этим. Ол сыл киниэхэ кэргэн тахсыбытым. Мэхээлэм тырахтарыыс ааттааҕа. Билигин да, ити тиэргэммитигэр турар көлөтүн адьас субу-субу көрөр-истэр. Тыраахтары тыаһыттан туга моһуоктаары гыммытын кытары билэр.  

Көр эрэ, өссө мин оҕо сылдьан Ытык Күөлгэ билэр дьоммутугар хоноһолуу тиийэн  баран, оҕонньору уу харахпынан көрбүттээхпин ээ. Эһээбит кэлэр үһү диэн оҥостуу, туттуу-хаптыы, бэлэмнэнии бөҕө буолтара. Адьас истэриттэн үөрэн, долгуйан, истиҥник ааттыыллар этэ. Бары чэйдээбиппит. Онно оҕонньору кытары кэккэлэһэ олорбутум. Биир хоско утары ороҥҥо эһээ сытыа диэн буолта. Мин ол эһээни кэтэһэ сытан утуйан хаалбыт этим. Сарсыарда уһуктубутум, оҕонньор туран дьону эмтии барбыта ырааппыт этэ.

* * *

Чааскыннар Уолба ытык-мааны ыала. Тыа ыалын сиэринэн бэйэлэрин көрүнэн-истинэн, оҕолорунаан хардарыта көмөлөсүһэн, өйөһөн олороллор. Ыал аҕа баһылыга, тапталлаах эһээтэ Мэхээлэ – Михаил Фомич ааҕааччыларбытыгар төрөөбүт дойдуларыттан тэйбэттэригэр, бэйэлэрин көрүнэн сылдьалларыгар сүбэлиир.

Олоҕун олуктара

Чашкин Михаил Фомич

1947 сыллаахха Тааттаҕа “Ворошиловка” (сэбиэскэй кэмтэн хаалан хаалбыт аат. Уруккута холкуос киинэ, кэлин сопхуос учаастага) төрөөбүтэ.

1954 с. Уолба 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ.

Уус Тааттаҕа тырахтарыыстар куурустарыгар үөрэнэр.

37 сыл устатыгар Уолбаҕа тырахтарыыстыыр.

2000 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсар.

Кэргэннээх, түөрт оҕолоох, сиэннэрдээх.

Сэмсэ тыл

Михаил Попов, балыксыт биригээдэтин биригэдьиирэ, Булуҥ оройуона:

—Куома Чааскын туһунан оҕо эрдэхпиттэн ийэбиттэн истэн үчүгэйдик билэбин. Бу улахан ытык эмчит араас ыарыылаах аата-ахсаана биллибэт элбэх киһини сахалыы эмтээн үтүөрдүбүтүн туһунан биһиги Сахабыт сиригэр билбэт да киһи диэн суоҕун кэриэтэ ини. Сүдү, улахан киһи буоллаҕа.

Бу сүгүрүйэр ытык киһибит уола Мэхээлэ эмтиир буолбута эмиэ — биһиги, саха дьонун-сэргэтин үөрүүтүгэр, дьолугар. Михаил Фомич киһини кытары кэпсэтэ олорон курдаттыы билэр, көрөр.  Кини алҕаабыт ото, биэрбит эмэгэтэ төһөлөөх киһини үтүөрдүбүтэ, үрүҥ тыынын өллөйдөөбүтэ буолуой! Сүбэтэ-амата, ылыннарыылаах ыллыктаах тыла кэпсэппит киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэр. Мин, тус бэйэм, Мэхээлэҕэ кэмиттэн-кэмигэр кэлэ турабын. Кини миэхэ көмөлөспүтэ тугунан да кэмнэммэт улахан.

Ийэ айылҕабыт бар дьонун кэскилин туһугар анаан биэрбит  дьоммутун ытыктыаҕыҥ, харыстыаҕыҥ.

Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0