Егор Егорович Борисов – Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа, мэдиссиинискэй наука доктора, Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ, суруйааччы.
«Аргысмедстрахха»
Егор Егорович бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ булгуччулаах мэдиссиинискэй страховкалааһыны саҕалаан, «Аргысмедстрах» диэн тэрилтэни тэрийсибитинэн киэн туттуон туттар. Кини ол иннинэ Үөһээ Дьааҥы улууһугар Баатаҕайдааҕы киин балыыһаҕа 8 сыл быраастаан баран, аспирантураҕа туттарсан киирбитэ. Үс сыл ситиһиилээхтик үөрэнэн, доруобуйа харыстабылын тэрийиигэ наука хандьытаата буолан кэлбитэ. Дойдутугар кэлэн бэйэтин тэриниитинэн үлэлии сырыттаҕына, «Аргыс» национальнай страховкалыыр хампаанньа салайааччыта Валерий Степанович Осипов ыҥыран, мэдиссиинискэй страховканы олоххо киллэриэххэ диэн баҕа санаатын эппитэ. Ити 1990-с сыллар саҕаланыылара, саамай ыарахан кэмнэр этилэр… Оччолорго, бу саҥа хайысханы өрөспүүбүлүкэ салалтата даҕаны, нэһилиэнньэ даҕаны, оннооҕор мэдиссиинэ үлэһиттэрэ даҕаны билбэт этилэр. Инньэ гынан, үтүмэннээх быһаарар уонна тэрийэр үлэ ыытыллыбыта.
Куорат управлениетыгар
«Аргысмедстраҕы» атаҕар туруоран, куорат дьокутааттарын мунньаҕын солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн ситиһиилээхтик үлэлии сырыттаҕына, оччотооҕу куорат мэрэ Илья Филиппович Михальчук ыҥыран, куорат олохтоохторун эмтиир эйгэтин 9 сыл устата сыратын ууран туран салайбыта. Онтон саҥа мэр талыллан каадырдары бэрийиитигэр түбэһэн, 9 ый үлэтэ суох сылдьыбыта. Егор Егорович билигин этэринии, «куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат». Үлэтэ суох сылдьар кэмигэр, дьэ иллэҥсийэн, докторскай үлэтин түмүктээн, Москваҕа көмүскээбитэ. Ол кэнниттэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Вячеслав Лаврентьевич Александров инфузионнай суурадаһыннары оҥорор собуоту салайарга ыҥырбыта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы уонна соҕотох собуокка
Егор Егорович «Сахамедпром» инфузионнай суурадаһыннары оҥорор өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох собуот салайааччытынан үлэлээбитэ. Собуот өрөспүүбүлүкэ балыыһаларын барытын хааччыйан олорбута. Күрэстэһиини ааһан, ырыынагы барытын ылбыта. Ол эрээри, кыра субсидияны кыайан биэрбэккэлэр, үлэһиттэр хас эмэ сыллаах сыралара күдэҥҥэ көтөр кутталламмыта.
«Олус наадалаах собуот тутуллан, өрөспүүбүлүкэ балыыһаларын барыларын хааччыйан, ырыынакка тахсыбыппыт. QMP диэн аан дойдутааҕы стандартка эппиэттиир усулуобуйаҕа тымырга кутуллар суурадаһыннары бэйэбит уубутун фильтрациялаан, паардаан, биир да бактерията суох ыраастык оҥорорбут. Бородууксуйабыт арааһын өссө кэҥэтиэхпитин баҕарар этибит да, наар харчы тиийбэт айдаана буолара. Солбуйааччым, үтүө суобастаах, туруу үлэһит, олус эппиэтинэстээх Екатерина Ильинична Федорова хонтуруол өттүн кыайа тутар буолан, үлэбитигэр (ол иһигэр, улуустарга тиэрдиигэ) биир да алҕаһы таһаарбатахпыт.
Итинник кэскиллээх собуоту өрөспүүбүлүкэ куоттарбыта хомолтолоох. Кыра көмө, субсидия биэрбиттэрэ буоллар, билигин да моҥкурууттаабакка, тигинэччи үлэлиэхтээх этэ. Билигин собуоту хат сөргүтэр туһунан кэпсэтии барар да, уустук буолара буолуо. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, анал исписэлиистэр тарбахха баттанар дьон хааллылар», -– диэн алта сыл устата атаҕар туруорбут үлэтэ сөптөөхтүк сыаналамматаҕыттан, тиһэҕэр тиэрдиллибэтэҕиттэн кыра баттык санаалааҕын туһунан этэр.
Собуот сөргүтүллэр буоллаҕына, уопуттаах салайааччы, доруобуйа харыстабылын тэрээһинигэр докторскай үлэтин көмүскээбит Егор Борисов ыллыктаах сүбэтэ дьиҥ чахчы наада буолууһу. Егор Егорович ханнык баҕарар үлэҕэ эппиэтинэһи күүһүрдүү, бэрээдэк, хонтуруол, бэйэ бодону тардыныы, киһиэхэ киһилии сыһыан баар буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиир.
Страховка пуондатыгар
«Кэм-кэрдии уу сүүрүгүнүү устар, доруобуйа харыстабылыгар эмиэ уларыйыы-тэлэрийии буолар. Онуоха мин сөбүлэспэт өрүттэрим бааллар. Ол гынан баран, онно уларытыһар кыаҕым суох буолан, мин докторскайбын ааҕыҥ эрэ диибин. Дьиҥинэн, мэдиссиинэбит икки саары икки ардыгар тэйбэҥниир: ырыынак сыһыаныгар кыайан киирбэккэ, бүддьүөт бириинсибиттэн толору тэйбэт. Ол иһин, туох баар итэҕэспит-быһаҕаспыт сүрүн өттө итинтэн тахсар. Чааһынай килииникэлэр үөскээтилэр диибит да, кинилэри булгуччулаах мэдиссиинискэй страхование ырыынагар киллэрбэттэрин тэҥэ. Биир эмэ чааһынай килииникэ Булгуччулаах мэдиссиинискэй страхованиеҕа үлэлиир буоллаҕына, көҥүллүүр кээмэйдэрэ олус кыра.
Ол төрүөтэ биир – страховка харчыта тиийбэт. Ол иһин, хайдах эмэ гынан судаарыстыбаннай балыыһалары үлэлэтэр сорук турар. Үгүс поликлиникалар киһи ахсаанын, сыһыарыллыбыт дьонун элбэтэр интэриэстээхтэр, онтон оҥорор көмөлөрүн үксэтэр туһугар таласпаттар. Ол иһин, поликлиникаларга уочарат үөскүүр. Ити эмиэ сыыһа. Дьиҥэр, балыыһа оҥорбут өҥөтө уонна хаачыстыбата сыаналаныахтаах. Онон, бу эйгэҕэ чааһынай балыыһалары күүскэ киллэрэн, күрэстэһиини күүһүрдэн ким үлэтэ куһаҕанын, үчүгэйин билэргэ уолдьаста», -– диэн Егор Борисов тус санаатын үллэһиннэ.
«Өрөгөй аартыгынан» кинигэ нууччалыы саҥарда
Арай биирдэ, Егор Егорович кэнсиэркэ кытта сылдьан биир идэлээҕэ, доҕоро Виталий Андросов тыл этэригэр эппит санаатын олус сэргии истибитэ. Виталий Тимофеевич үрдүк сыанаттан «Кинигэ суруйуу -– олоххо сүппэт олугу охсуу. Тоҕо диэтэххэ, ону ааҕааччыларгын сэргэ, оҕолоргор, сиэннэргэр хааллараҕын», -– диэбитэ.
Егор Егорович бэйэтэ да олоҕу билбит, кэпсиир кэпсээнин, сэһэргиир сэһэнин, хоһуйар хоһоонун хаһааска илдьэ сылдьыбыт буолан, 60 сааһын илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрсөргө санаммыта. Сотору кэминэн «Өлбөт-сүппэт туһугар» диэн хоһуйуу-сэһэни суруйан, «Көмүөл» издательствоҕа бэчээккэ биэрбитэ. Чуолаан ыччат дьоҥҥо туһаайбыт кинигэтигэр ийэ итэҕэлгэ төннөргө ыҥырар.
Егор Егоровичтан эмчит идэтин талан, Саха сирин доруобуйатын харыстабылын сайыннарыыга олоҕун анаабыт киһи суруйар үлэнэн үлүһүйбүтүн ааһан, чопчу бу тиэмэни хайдах талбытын туһунан ыйыталастым.
«Дьэ, ону ким билиэй баарай? Суруйар дьон сорохторо үөһэттэн этитэллэр дииллэр. Миэхэ баҕар аллараттан, баҕар ойоҕостон киирбитэ буолуо (күлэр). Суруйан саҕалаан барбыппар бэйэтэ тахсан испитэ…
Аны икки сылынан, 2019 сыллаахха «Өрөгөй аартыга» диэн сэһэни суруйбутум. Дьэ, бу сэһэммэр, этэргэ дылы, сүрэхпэр-быарбар иҥэн хаалбыт кыһалҕаны таарыйбытым. Ыраата барбакка ыллахха, Автовокзал таһыгар уччуйар биичтэри, бомжтары хайдах маннык олоххо тиийбиттэрин көрдөрө сатаатым. Киһи туохтан арыгыһыт буоларыттан саҕалаан, киһи өрүттэр кыахтааҕын туһунан суруйдум», —– диэн сэмэйдик кэпсээтэ.
«Өрөгөй аартыга» диэн икки чаастаах кинигэни, кырдьыга да, киһи харах уута суох аахпат. Маннык тиэмэҕэ син элбэх айымньы суруллар да, Егор Борисов суруйуута эмиэ сонун, бэйэтин көлүөнэтин, илэ хараҕынан көрө-билэ сылдьарын сэһэргиир буолан, ордук итэҕэтиилээх, ылыннарыылаах. Үрүҥ халааттаах аанньал идэтин талбыт киһи буомурбут киһини өрүһүйэр, олоххо төнүннэрэр ытык иэһин толоруута айымньы ис тутулугар көстөн ааһара, сороҕор таайтаран да этэрэ кэрэхсэбиллээх.
Соторутааҕыта биир үтүө сонун кэллэ. Ол туһунан Егор Егорович эрдэ тыл аҥаарын быктарбатаҕа да буоллар, суруйар эйгэҕэ үтүө сонун түргэнник тилийэ көтөр. Ол курдук, Егор Борисов мэдиссиинискэй институкка бииргэ үөрэммит, күн бүгүҥҥэ диэри чугастык алтыһар, айар куттаах Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ бу сэһэни нууччалыы тылбаастаан, киниэхэ улахан бэлэҕи оҥорбута. Онон, Валентина Иннокентьевна сыралаах үлэтин сыаналаан, ааптар Минскэй куоракка кинигэтин бэчээттэттэ.
Кэпсээнтэн кэпсээн… Минскэй типографиятын дириэктэрэ үс улахан суруйааччыга биэрэн аахтарбытын улаханнык хайҕаабыттар. Онтон Беларусь Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ А. Н. Карлюкевич биир тыынынан ааҕан баран, төлөпүөнүнэн бэрт сэргэхтик сэһэргэспит уонна айымньы кэрчигин беларустуу тылбаастаан сурунаалга таһаарар баҕалааҕын эппит. Ону таһынан Сергей Шычко диэн суруйааччы бэйэлэрин тылларынан тахсар литературнай хаһыаттарыгар рецензия суруйбут. Маны таһынан Суруйааччылар сойуустарын Грамотатын туттарбыттар. Инньэ гынан, Егор Егорович бу сырыытыттан улаханнык кынаттанан кэлбитин туһунан кэпсиир.
Онон сотору өбүгэлэрин алаастарын аатынан псевдонимнаммыт Егор Борисов-Буор Булгунньах кинигэтин нууччалыы тылынан ааҕыахпыт.
х х х
Егор Борисов —— оскуола, устудьуон сылларыттан уопсастыбаннай үлэ көхтөөх кыттыылааҕа. Арай, хомсомуол киһи хайдах буолуохтааҕар ирдэбилэ үрдүгэ бэрт буолан, Таатта улууһугар оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хомсомуолга киирбэтэҕэ эмиэ туспа кэпсээн.
Егор Егорович доруобуйа харыстабылын сайдыытын түстэһэр уопсастыбаннай үлэлэрин сэргэ, аны Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнэ. Ол туһунан элбэх биэриилэргэ, суруйууларга сэргээн ааҕабыт.
Уопсастыба аныгы дьоҥҥо патриотическай иэйиини уһугуннарар, билиигэ-көрүүгэ тардыһыннарар, устуоруйаны кырдыктаахтык көрдөрөр сыаллаах-соруктаах киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн үлэлиир, Арассыыйа киэҥ киэлитинэн сылдьан Саха сирин туһунан сырдатар үлэни утумнаахтык ыытар.
Буор Булгунньах айар үлэҕэ билигин да былаана элбэх. Онон, инникитин Ааллаах Үүн, Дугуйдаан айанын, ковид алдьархайын, саха итэҕэлин, географическай уопсастыба айанын уо.д.а. тустарынан улахан айымньылары күүтүөхпүт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru