Өлүөхүмэҕэ 50 сыл анараа өттүгэр бөртөлүөт саахалламмыта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ куораттан 40-ча килэмиэтирдээх Кыыллаах нэһилиэгин Даппарай сэлиэнньэтигэр 50 сыл анараа өттүгэр бөртөлүөт саахалламмыта.

edersaas.ru

1969 сыл Өлүөнэ өрүскэ харыы тахсан, Кыыллаах Арыы ууга барар кутталланан, ыам ыйын 29 күнүгэр олохтоохтору нэһилиэктэн өрүс уҥуор үрдүк сиргэ – Даппарайга көһөрөргө күһэллибиттэрэ. Дьокуускайтан Ми-2 бөртөлүөт тиийбитэ. Өлүү түбэлтэлээх, бөртөлүөккэ 7 улахан киһи,  8 оскуола үөрэнээччитэ итиэннэ 11 уһуйаан иитиллээччитэ киирбиттэрэ. Ити түмүгэр, сорох чахчылар туоһулуулларынан, бөртөлүөт ылыахтаах ыйааһына 400-тэн тахса киилэ аһара барбыт. Ол түмүгэр, Даппарай өттүгэр биэрэккэ аҕыйах миэтэрэ тиийбэккэ, салгыҥҥа ыйанан тура түһэн баран, биинтэтинэн (рулевой винт) хара сыыр биэрэгин таарыйан, онтон сиэттэрэн эмискэччи эргийэн, муустаах ууга сууллар.

Саахал түмүгэр 26 киһиттэн экипаж икки чилиэнэ уонна биир пассажир тыыннаах хаалаллар. Пилот суукка тиийбэккэ, силиэстийэ кэмигэр өлөр, штурмаҥҥа 8 сылы биэрэллэр.

Саха сиригэр тахсыбыт авиа саахаллар тустарынан бу сыылканан киирэн ааҕыҥ https://edersaas.ru/saha-siriger-buolbut-ulahan-avia-saahallar/

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0