Алаас ааттаах, дойду сурахтаах. Сир-дойду аайы араас дьоҕурдаах дьон төрөөн-үөскээн олордохторо. Ырыаһыттар, уустар, худуоһунньуктар – маннык дьону билэбит-көрөбүт, харахпыт далыгар сылдьаннар, нэһилиэктэрин ааттаталлар, аатырдаллар. Бу кэнники олохпут тутула уларыйан, саха айылгыта уһуктан, көрбүөччүлэр, норуот эмчиттэрэ, былыргынан ойууттар баар буоллулар. Кинилэр ортолоругар айылҕаттан айдарыылаах, хомуһуннаах ойууннары билэбит.
Олохпор биир дьикти киһилиин алтыһан ааспыппын кэпсиэхпин баҕарабын.
Арай биир сайын куоракка, автовокзалга, дойдубар бараары такси кэтэһэ олордохпуна ойоҕоспуттан ким эрэ одуулуурун сэрэйэн, кэннибин хайыһан көрбүтүм, бэйэм саастыыта киһи тоҥолуппакка көрөн олорор эбит. Мин хайыспыппын көрөн, хайдах эрэ мичээрдииргэ дылы гынна, ойон туран, чуо утары хааман кэлэн, илиитин биэрэн дорооболосто, көхсүн этиттэ уонна ааппын ааттаата. Чыпчылҕан түгэнигэр араастаан толкуйдуу сатаатым да, олох билбэт киһим эбит. Онуоха киһим:
-Хайа, билбэтиҥ дуу, оҕо сылдьан, начаалынайга,төрдүс кылааска бииргэ үөрэммиппит ээ, мин Өлүөһүк диэммин, өйдүүрүн дуу? – диэбитэ. Оҕо сааһым кэрчик кэмнэрэ, киинэ лиэнтэтинии элэҥнэспиттэрэ. Өйбөр Өлүөһүгү туоратарбытын, атаҕастыырбытын өйдөөн кэлбитим. Дохсун оҕо саас олуона быһыыларыттан кыбыстыбытым.
Төрдүс кылааска үөрэнэ сырыттахпытына,хотон тутааччы нуучча биригээдэтин кытта,аҕатынаан эмискэ баар буолан хаалбыттара. Ийэлэрэ суоҕа,ону токкоолоһор да киһи баарын өйдөөбөппүн. Биригээдэ эргэ дьиэни сөргүтэн кыстаабыттара. Оччолорго итинник биригээдэлэр кэлэллэрэ сонун буолбатах этэ. Бэл,сопхуос үлэһиттэрин оттук мастарын,нууччалар дэлээнэҕэ үрдүттэн олорон,кыһыннары-сайыннары кэрдэллэрэ. Кэм ирдэбилинэн үлэ да үлэлэниллэрэ,арыгы да иһиллэрэ. Тыа сирэ муҥутаан сайдан,киһи-сүөһү мунньустан,үлэ-үөрэх барыта социалистическай күрэхтэһиинэн сыаналанара.
Өлүөһүк хайдах оскуола боруогун атыллыаҕыттан,олохтоох оҕолортон туоратыллан барбыта. Кырата,хачаайыта,онно эбии табах,арыгы иҥпит сытыттан сиргэммитэ буолан,ким даҕаны сыста сатаабатаҕа. Онон паартаҕа соҕотох олороохтообута. Баҕар үөрэҕэр дьоҕурдааҕа буолуо да,дьиэтигэр ким кининэн дьарыктаныай. Үөрэнэр-үөрэммэт сылдьан,саас көһөн хаалбыттара. Өлүөһүк оннук биир сыл үөрэнээри оҕолортон атаҕастанан,учууталлартан туоратыллан наар үтүргэҥҥэ сылдьан,туох да өйдөбүл хаалларбатаҕа. Арай сотору-сотору ыалдьан,балыыһаҕа киирэрэ.
-Ээ. Өйдөөн, өйдөөтүм, — хайдах эрэ тылым бөлүөхсэн ылбыта.
-Чэ, кыбыстыма. Ааспыт аастаҕа, Өлүөһүк санаабын өтө көрөрдүү эппитэ.
-Үтүмэн сыл ааспытын да кэннэ, эчи, киһини өйдүүрүн да бэрт эбит дии, — кырдьык сөхпүппүн биллэрбитим.
-Ээ билэн, билэн, барыгытын өйдүүбүн, — киһим хайдах эрэ түгэхтээх баҕайытык эппитэ.
-Өлүөһүк, билигин ханна бааргыный, туох үлэһит буоллуҥ?
-Хотунан-соҕуруунан эргийэ сылдьабын. Дьон туһугар үлэлиибин.
Өйдөөбөтөрбүн да өскүөрүтүн, “ээ,” диэбитим.
Өлүөһүк хачаайы, уҥуоҕунан кыра эбит, арай харахтара уоттаах, киһи кыайан утары көрбөт, бэйэтин туһунан кэпсиэн баҕарбатаҕа.
-Өлүөһүк, хайа диэки бардыҥ? — Киһибин кимин-тугун билбэт буоламмын оҕо эрдэҕээҥҥитинии ааттыыбын.
-Эһиги диэки.
-Онно туохха?
-Ээ, ыҥырбыттара, — киһим эмиэ таайтарыылаах баҕайытык эппитэ.
Бу кэмҥэ таксибыт кэлэн тахсар ааны былдьаспыппыт. Барааччы да син баара. Үөрэммиппитинэн анньыалаһан-үтүөлэһэн, тарыырданан УАЗ массыынаҕа симиллибиппит. Оннубун булан, түннүгүнэн көрбүтүм, Өлүөһүк дьоҕус үрүксээгин туппутунан, аа-дьуо бүтэһик киирэн эрэрэ. Массыына үктэлигэр атаҕын сыыһа үктээн, утары олорор дьахтарга баран түспүтэ. Дьахтар өлөн эрэрдии сарылаат, ыыс-бурут тылларынан Өлүөһүгү үөхпүтүнэн барбыта:
-Чиччик баара итирэ-итирэ киһиэхэ саптылла түспүт буола-буола. Өлүөһүк барахсан тугу да саҥарбатаҕа. Ол аайы дьахтар Өлүөһүк мөккүспэтин билэн, кыратын-хачаайытын көрөн сэнээн, бэйэтиттэн бэйэтэ кыынньан өрө татыаккаланан олорбута. Айанньыттар бу кэрээнэ суох быһыыттан бөтө бэрдэрбиттэрэ, ким да,тугу да саҥарбатаҕа. Арай Өлүөһүк “Алҕас- алҕас бырастыы гын,” диэмэхтээбитэ. Дьахтарбыт кэнникинэн кыраан-таныйан барбытыгар, массыынаҕа үөрэ-көтө киирбит айанньыттар саҥаларыттан маппыттара. Солуон салгына тыынардыын ыараабыта. Истэ сатаан баран тулуйбаккабынТаанньаны билэбин оҥорон: — Бээ эрэ, бу тохтоо эрэ. Өлүөһүк эйиэхэ соруйан охтубата ээ уонна бырастыы гыннарда дии, диэбиппэр, аны дьахтар мин үрдүбэр түспүтэ:
-Эн даҕаны,ойоҕоһуттан ойох көрдөөбүккэ дылы,туох буолан алын сыҥаах буола олордуҥ! Киһи билэр күөлүн балыга этиҥ дии!
Суоппар тулуйбата быһыылаах, магнитофонун улахаҥҥа холбоот, массыынатын үктээн кэбиспитэ. Солуута суох түрүлүөнтэн тэһииргээн, Өлүөһүктүүн төһө да кэккэлэһэ олордорбут, айах атан кэпсэппэккэ хаалбыппыт. Нуктаабыта буола олорон, Өлүөһүгү көрбүтүм доҕоор, дьүһүнэ-бодото дьиппиэрэн, муус курдугунан били дьахтары чыпчылыйбакка да көрөн олороро. Киһи маннык уларыйарын хаһан да көрбөтөх буолан, этим сааһа аһыллыбыта, куйахам күүрбүтэ. Өлүөһүк киһиттэн уратытын билбитим, улахан айылҕалааҕын сэрэйбитим.
Кэлиэхтээх сирбитигэр кэлэн түспүппүт кэннэ, арай киһим:
-Олохтоох киһи биир сиргэ илдьэн биэриэҥ дуо, эрэйгин төлүөм, — диэбитигэр сөпсөһөн тоҥхох гыммытым.
Түөртүүр саҕана матасыыкылынан ыйан биэрбит сис тыатыгар илдьэн биэрбитим, төһө да дьиктиргээтэрбин “манна тоҕо кэллиҥ?” диэн ыйыппатаҕым. Киһим ханна кэлбитин сирийэн көрдө уонна:
Аны үс хонугунан манна кэлээр, — диэбитэ.
Төһөнөн Өлүөһүктүүн алтыһабын да соһуйарым, толлорум элбээн испитэ. Үс күн тугу аһаан-сиэн сылдьыаҕын, ханна утуйуоҕу ыйыталаһа барбатаҕым. Үс хонон баран кэлбитим, киһим били түһэрбит сирбэр, охтубут маска олорор этэ. Сирэйэ-хараҕа сырдаабыт, туттара-хаптара сытыырхайбыт. Ойон туран илии тутуһан дорооболоспута, санныбыттан таптайбыта уонна “маладьыас,” диэбитэ. Кэпсэтиибит онон бүппүтэ. Айаннаан иһэн “биһиэхэ чэйдиир инибит” диэбиппэр көннөрү “суох” диэт баһын быһа илгистибитэ. Үргүлдьү өрүскэ аҕалбыппар, паром бараары турар буолан, эмиэ кэпсэппэккэ хаалбыппыт. Идэбитинэн илии тутуспуппут. Өлүөһүк харахпын утары көрөн туран:
-Сискин тымнытыма, барыта үчүгэй буолуо, миигин илдьэ сылдьыбыт сиргэ, хаһан да барымаар, билэ-көрө сатаамаар, — диэт имнэнэн кэбиспитэ. Барыах курдук буолан иһэн: — Били дьахтары кыратык үөрэттим, аны хаһан даҕаны дьону сэниэ суоҕа, илдьиппин тиэрдээр, дьоҥҥо итинник сыһыаннаспатын. Кэмэ кэллэҕинэ маҥан ат буоламмын түүлүгэр киирэн эмтиэм, — диэт таабырын киһим паромҥа киирэн хаалбыта.
Өлүөһүгү атаараат чэпчээн хаалбыппын өйдүүбүн. Кытылтан тэйэн эрэр парому көрөн туран, тугу кэпсэппиппитин санаабытым. Маҥан ат, сис туһунан эппитин санаан хас да сылы быһа ыалдьыбыт сиспин араастаан хамсатан көрбүтүм, ыалдьар быһыыта биллибэтэҕэр, ыалдьыбат буолбутуттан, илдьэ сылдьыбыт манньабар эмтээбитин билбитим. Үөрүүбүттэн Өлүөһүк көрөрүгэр-көрбөтүгэр кыһаммакка, тэйбит паруомҥа далбаатаабытым уонна икки тойон тарбахтарбын чочоҥнотон көрдөрбүтүм. Ол иһин даҕаны икки түүн субуруччу түүлбэр маҥан атынан көтүппүппүн, кэргэммэр кэпсээбиппэр, ат дьахтар сүрэ, атын кэргэннэнээри гыммыккын быһыылаах диэн тойонноон хабырыйса сыспыппытын өйдүүбүн, онтукам баара Өлүөһүк ийэ кыыла сылдьыбыт эбит.
Сотору Таанньа инсуллаабытын, куоракка балыыһаҕа киирбитин истибитим. Күннээҕи олоххо үтүрүттэрэн, илдьиппин олох да умнан кэбиспит этим. Биир күн анаан-минээн Таанньалаахха барбытым, дьиэҕэ Таанньа ийэтэ көрсүбүтэ. Балбаара эдэрчи соҕус да буоллар, биллэрдик кырдьыбыт көрүҥнээҕэ.
-Дорооболоруҥ! Таанньаҕа наадалаах этим.
-Ол туох наадалааххыный? Таанньа орон киһитэ буолан сытар, дьөрү саҥарбат даҕаны, ити хоско сытар. Аас, — диэбитигэр, эмп сытынан тунуйбут хоско киирбитим Таанньа этиргэн бэйэтэ хайа охсор аҥара хаалбытын, харахтарын уота умуллубутун көрөн, туох диэхпин билбэккэ тэпсэҥнээбитим.
-Таанньа дорообо, ээ, мин бу, илдьит этэ кэллим, бу сайын таксига биир киһини саҥарбыккын-үөхпүккүн өйдүүр буолуохтааххын. Улахан айылҕалаах киһини өһүргэтэҥҥин бу ыалдьа сытаҕын. Киһин илдьиттээбитэ, дьону сэниирин тохтоппут буоллаххына, түүлгэр маҥан ат буолан киирэн эмтиир үһү, — сорукпун толороот эргиллэн иһэн Таанньаны көрбүтүм,хараҕын дьүккэтэ уунан туолбут этэ.
Хас да ый буолан баран арай маҕаһыыҥҥа Таанньаны көрсө түспүтүм. Хаһааҥҥыттан эрэ билэр киһитинии истиҥник дорооболоспута, тугу эрэ этээри батыспыта эрээри, саҥарбатаҕа.
Дьэ итинник, олохпор дьикти түбэлтэҕэ түбэһэн турабын. Биллибэтинэн айылҕалаах дьон баалларыгар итэҕэйбитим. Өлүөһүк барахсан билигин ханна эрэ, биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьан,бэйэтэ эппитинии,дьонтон биир кэппиэйкэ харчыны ылбакка, ыарыһахтар түүллэригэр маҥан буолан көстөн эмтии сылдьар буолуохтаах диэн эрэнэбин.
Сааһыран баран санаатахпына,оҕо эрдэҕиттэн ойууҥҥа уһуллан эттэтэн ыалдьарын билбэккэ,балыыһаҕа киллэрэн араастаан эмтии сырыттахтара. Кэмэ оннуга…
Иннокентий Попов – Оҕуруоттаах,
Суотту, Уус Алдан