Сырдык Айыылары сиргэ көрсөр, саха омук ытык ыһыаҕын көрсөр күммүт бу кэллэ. “Эллэй эһэбит саҕаттан…” диэн, иннинэн сирэйдээхтэр саха диэн ааттаныахтарыттан бэлиэтиир, түҥ былыргыттан ыһыктыбакка илдьэ кэлбит бырааһынньыкпыт үтүө да кэмнэргэ, саппахтаах да дьылларга куруутун бэлиэтэнэрэ. Биллэн турар, ыһыах куруутун биир оҥоһуулаах тэрээһин буолбатах этэ. Эр Соҕотох Эллэй маҥнай ыспыт ыһыаҕа, Дыгын Куллатыыга улууһун мунньар түмсүүтэ, Кыайыыны уруйдаабыт сэбиэскэй ыһыах, 90-с сылларга сөргүтүллүбүт ыһыахтар тус-туспа тыыннаах, оҥоһуулаах этилэр, ол эрэн кыттыылаахтарыгар эрэли эбэр, үөрүүнү үксэтэр дьоһун түмсүүлэр этилэр. Уос номоххо хаалбыт, сурукка киирэн аатырбыт ыһыахтар туһунан ахтан ааһыаҕыҥ.
Түҥ былыр. Эллэй олохтуур ыһыаҕа
Үгүс үһүйээҥҥэ киирэн үйэлэри курдаттаан кэлбит уос номоҕор киирбит ыһыаҕы Эллэй Үрүҥ Айыы Тойону уруйдаан, Уордаах Дьөһөгөй Тойоҥҥо көрдөһөн, Айыыһыт Хотуну ааттаан тэрийбит. Түһүлгэ тула чэчир анньыбыт, айыылартан сыспай сиэллээҕэ, хороҕор муостааҕа элбии турарыгар көрдөһөн, чороонун өрө көтөхпүт, кымыс ыспыт, тойук туойбут. Онуохаҕа халлааҥҥа үс үрүҥ көтөр көтөн кэлэн түһүлгэ үрдүнэн элиэтээбиттэр. Бу күҥҥэ диэри ыһыах диэни харахтаабатах аҕа кынна Омоҕой уонна тула мустубут дьон үрүҥ айыыларга итэҕэйбиттэр, Эллэй үгэһин ылынан күн бүгүҥҥэ диэри ыһыах ыһар буолбуттар.
Бу үһүйээн кыра туспа хоһуйуулаах, ол эрэн сүрүнүгэр чопчу хатыланан үгүс улуустарга хатыланар. Саханы саха оҥорор малы-салы, үгэстэри аҕалбыт Эр Соҕотох Эллэй ыспыт ыһыаҕа маҥнайгы Үрүҥ айыылары уруйдуур Ыһыах буолар.
17-с үйэ. Дыгын Дархан түмсүүтэ
1629-1630 сылларга Дыгын Дархан аҕатын Мунньан Дархан сиригэр, Куллаты үрэҕэр улахан ыһыах тэрийэр. Дыгын бэйэтин улууһун кытары атын улуустар тойотторун ыҥыран арҕааттан ааҥнааһын туһунан суостаах сураҕы үллэстэр. Үрдүк Моҕол ураһаҕа халыҥ аймахтары түмэр саха саарыннарын тула түмэн үрүҥ Айыыларга алгыс этэр. Эллэй саҕаттан бу сиргэ ыһыах ыһыы быстыбат тиһиктээх тэрээһин. Ол эрэн, чуолаан бу ыһыах үһүйээннэргэ кэпсэнэр улахан суолталаах түмсүү буолбут быһыылаах. Өр кэмнэргэ Дыгын Дархан илэ баара дуо, баар эбит буоллаҕына, туох киһи этэй диэн диэн ырытыы уостубатаҕа. Билигин историческай наука дуоктара Андриан Борисов өр сыллаах үлэтин түмүгүнэн, Дыгын 17-с үйэҕэ олорбут дьиҥнээх киһи буоларын дакаастаабыта. Дыгын “…археология матырыйаалларын уонна маҥнайгы кэлбит нууччалар суруйбут докумуоннарын кытта тэҥнээһин бэрт соһуччу билиилэри биэриэн сөп. Дыгын 16-17-с үйэлэр силбэһиилэригэр чахчы олоро сылдьыбыт киһи. Кини Хаҥалас улууһун уонна чугастааҕы улуустары баһылаан олорбут. Биллэн турар, киниэхэ сыһыаннаах фольклор матырыйаалын историческай диир сатаммат. Итиннэ олох былыргы, мифологияҕа, архетипическэй араҥаҕа сыһыаннаах булкаастар дьиҥнээх историческай киһигэ сыһыаннаах чахчылары кытта булкуһа сылдьаллар. Ону наука үстүрүмүөннэрин туһанан, чинчийэн араарабыт, үөрэтэбит. Нуучча докумуоннарыгар киниэхэ сыһыаннаах суруллубут чахчылар бааллар”.
Дыгын ыһыаҕын Никита Аржаков эпическэй хартыынатыгар (Андриан Борисов научнай консультант) көрүөххэ сөп. Худуоһунньук дьүһүйүүтэ, үһүйээн тыына уонна учуонай чинчийиитин силбэһиитэ бэрт дьикти көстүүнү ойуулаан таһаарбыттар.
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ. Иохельсон ыһыаҕа
Ыһыах чопчу халандаар күнүгэр сигэммэтэх, “күөххэ үктэнии” кэмиттэн саҕаланар, кыахтаах дьон ыһар тэрээһиннэрэ быһыытынан элбэх 18-19-с үйэ чинчийээччилэрин үлэтигэр хоһуллубут. Кинилэр суруйууларын батыһан аныгы кэм диэки кэллэххэ, ыһыах бэрт кыра уларыйыылардаах, сүрүн киэбин түҥ былыргыттан ыһыктыбакка кэлбит. Биир ордук сиһилии хоһуллубут ыһыаҕынан, туох да саарбаҕа суох, Владимир Иохельсон хаартыскаҕа түһэрэн, экспонаттары хомуйан чинчийбит Чурапчытааҕы ыһыах буолар. Бу киниэхэ анаан, тустаах кэмтэн арыый эрдэ тэриллибит ыһыах. Владимир Иохельсон Өлүөнэ өрүс аһыллыан иннинэ Дьокуускайтан илин кытылга туораан 1902 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр Чурапчыга кэлбитэ кини суруктарыттан биллэр. Онтон сылыктаатахха, “илин улуустарга саха төрүт үгэстэрэ ордук үчүгэйдик хараллан хаалбыттар”, ол иһин этнография матырыйаалын хомуйарга ордук табыгастаах эбит. Сахалыы саҥарар, саха омук үгэһин убаастыыр, тутуһар чинчийээччини Чурапчы дьоно ытыктаан көрсүбүттэр. Учуонайга олус күндү бэлэх оҥоһуллубута – баай тигиилээх туос ураһа туттарыллыбыттара ону туоһулуур.
Америка естественнай наукаларын мусуойугар хараллан кэлбит хаартыскалартан ол кэмнээҕи ыһыаҕы тэрийбит дьоннору ааттарынан билэбит. Хаартыскаҕа ыһыаҕы тэрийбит баай баархат сонноох Гурий Попов тойону, бэйэтин кэмигэр үтүө иистэнньэҥ быһыытынан ааттанар Уус Ылдьаананы кинилэр сыдьааннара Александра Бочкарева булбут.
Бу докумуоҥҥа киирбит, хаартыскаҕа хатаммыт ыһыах кэнники кэм чинчийээччилэригэр бэрт элбэҕи биэрбитэ, көрдөрбүтэ. Оттон Иохельсон кэллиэксийэтигэр хомуйбут сири иһитэ, симиирэ, симиирчэхтэрэ, көҥкөлөйдөрө мусуойдарга харалла сыталлар, ааспыт кэм илэ туоһулара буолаллар.
Сэбиэскэй кэм. Кыайыы ыһыаҕа
Сэбиэскэй былаас кэмигэр ыһыах ыһыытын туһунан элбэх бэйэ бэйэлэрин утарар чахчылар бааллар. Биир өттүнэн, таҥараны, итэҕэли утарар былаас ыһыаҕы итэҕэл сиэрэ-туома курдук ааҕан боборо, көҥүллээбэтэ биллэр. Атын өттүттэн бассабыыктар былаастара олохсуйбутун кэнниттэн элбэх араас ыһыах ыһыллыбыта биллэр. Норуот кэпсээннэригэр араас сылларга ыытыллыбыт ыһыахтар номох буолан билиҥҥээҥҥэ диэри биллэллэр. Холобур, аатырбыт Боссоойкону 1928 сыллаахха Уот Субуруускай хамыһаар ыһыахтан кыйдаабытын туһунан туоһу кэпсээн баар. Аны сэрии саҕаламмытын туһунан соһумар сонуну, 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр, үгүс холкуостаахтар ыһыахха бэлэмнэнэ сылдьан истибиттэрин туһунан элбэх ахтыы баар.
Ордук киэҥник биллэр, докумуонунан туоһуламмыт ыһыахтар “Кыайыы ыһыаҕа” диэн уопсай аатынан биллэллэр. 1945 сыл ыытыллыбыт ыһыахтар, кырдьык, Саха сиригэр сүдү оруоллаах кэрдиис буолбуттара. Бу кэнниттэн саха омук ыһыаҕы кистии-саба буолбакка, аһаҕастык бырааһынньыктыыра көҥүллэммитэ. Отчуоттартан сылыктаатахха, 1945 сыл сайыныгар ыһыаҕы 21 оройуон ыыппыт, 230 кэриҥэ холкуос иһинээҕи уонна холбоһуктаах тэрээһиннэр ааспыттар. Бу сыл бүгүн күҥҥэ диэри сүрүн үгэс буолбут ыһыах ыһар күн олохтонор. Сэрии иннинэ ыһыах сайыҥҥы саамай уһун күҥҥэ – бэс ыйын 22 күнэ ыытыллар эбит буоллаҕына, бу күн сэрии саҕаламмыт күнэ буолан, ыһыаҕы биир күн эрдэлэтэн, бэс ыйын 21 күнүгэр ыларга уураахтаабыттар. Ыһыах идеологическай ис хоһоонун олохтуур ыйыылар-кэрдиилэр тахсаллар: ыам ыйын 15 күнүгэр саха араадьыйатыгар “Холкуос хамыыһыйаларыгар ыһыах тэрийэллэригэр көмө” диэн ааттаах биэрии тахсар. Ыам ыйын 18 күнүгэр ”Кыым” хаһыакка ”1945 сылга ыһыаҕы тэрийэр туһунан” уонна “Ааспыт сыллааҕы ыһыах уопутуттан” диэн ыстатыйалар тахсаллар.
Сэрии, хас да сыллаах бобуу, сут дьыллар кэнниттэн дьон үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ үгүс күүһүн түмэн Кыайыы ыһыаҕын көрсүбүттэрэ үгүс сыыппараларынан туоһуланар. Холобур, Сунтаар оройуонугар 428 биэ үүтүттэн 31,6 туонна кымыс оҥоһуллубут, 6142 кымыс кутар иһит хомуллубут.
Уларыта тутуу. Ыһыах сиэрин-туомун сөргүтүү
Сэбиэскэй кэмҥэ идеология олох бары көстүүлэригэр хайаан даҕаны баара, онон ыһыах эмиэ “социалистическай тутул” туругуруутун туһугар анаммыт тэрээһиҥҥэ кубулуйбута. Бу туһунан ордук сиһилии ырытыыны суруйааччы Софрон Данилов «Саха сирэ» хаһыат 1991 сыл бэс ыйын 21 күнүгэр таһаарбыт “Ыһыах” диэн ааттаммыт матырыйаалыгар ырытар: “Ол гынан баран ордук кэнники 40-50 сыл устатыгар биир кэлим сэбиэскэй норуоту үөскэтэр туһугар национальнай уратылары хайа кыалларынан түргэнник сүтэрэ охсорго дьулуһан, омугумсуйууну утары охсуһарынан сирэйдэнэн, бастаан ыһыаҕы, «ааспыт үйэ хаалынньаҥынан» ааттаан, букатын суох оҥорорго, ол кыайтарбатаҕар, «ыһыах» диэн аҥардас аатын хаалларан баран, ис хоһоонун кытта тас көстүүтүн эмиэ уларытарга үгүс сыллаах утумнаах үлэ ыытыллыбыта. Туох-баар кыһамньы кэрэни кэрэхсииргэ, үтүөҕэ дьулуһарга, доҕордоһууга-тапталга умсугуйарга, илгэ-эйэҕэ тардыһарга ыҥырарын оннугар, хас биирдии киһи күн бүгүҥҥү дьолун-соргутун хаһан эрэ олохтонуохтаах абстрактнай идея өрөгөйдүүрүн туһугар сиэртибэлииргэ, оччотооҕу система өстөөхтөрүгэр ханнык да харысхалы билбэт буоларга, кылаассабай сэргэҕи сытыылыырга ыҥырыахтаах диэн буолбута. Онон, быһата, ил-эйэ өһүөннээх өстөһүүнэн, амарах-аһыныгас быһыы харса-хабыра суох «тимир волянан» солбуллубута”.
Бу кэмнэргэ кичэллээх үлэ барар, этнография матырыйаалларыттан урукку ыһыахтар тутулларын үөрэтии, сиэри-туому сөргүтүү саҕаланар, кинигэлэр тахсаллар. Үгүс сиэр-туом олоҥхо иһигэр хоһуллууттан хомуллар, үйэлэр тухары умнуллубут чахчылар күн сиригэр төннөллөр.
1993 сыл. Ельцин ыалдьыттаабыт Таатта ыһыаҕа
Былатыан Ойуунускай 100 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйгэ анаммыт ыһыахха, 1993 сыл сайыныгар Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин ыалдьыттаан ааспыта. 35 С0 кыраадыс итии, үҥүрүк куйаас күҥҥэ 65 саастаах Ельцин баай тигиилээх саха сонун, бэргэһэтин кэтэн туран мустубут дьону уруйдаабыта. Толору кымыстаах чороону көтөҕөн баран, кымыһын тиһэх таммаҕар диэри испитин көрдөрөн таҥнары туппута уонна оһуохайга кыттыбыта. Бу сыл Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Үрдүкү Сэбиэт дьокутааттарын кытта атааннаһыыта муҥутуур чыпчаалыгар тиийбит бэрт күчүмэҕэй сыл этэ.
Саҥа үйэ. Үс Хатыҥҥа “Туймаада ыһыаҕа”
Өр сыллар устата Дьокуускай куорат ыһыаҕа ЯГСХА ипподромугар тэриллэр дьоҕус тэрээһин этэ. Ол эрэн, 90-с сылларга саха омук санаата төрүт култууратыгар эргиллэн сылтан сыл ыһыахха сылдьыан баҕалаах дьон үксээн испитэ, ипподром иэнэ кыараҕас буолара көстүбүтэ.
1998 сыл ыһыах Үс Хатыҥ диэн ааттанар ытык сиргэ көһөрө биллибитэ. Бу сыл маҥнайгы тутуулар – “Күнү көрсөр түһүлгэ” уонна “Тойук тоҕойо” тутуллубуттара. Ыһыах түүн 03:40 чааска күнү көрсүү сиэринэн аһыллыбыта. Арыллыы тэрээһинигэр Саха сирин маҥнайгы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев кыттыыны ылбыта. Ыһыахха «Туймаада Аан Дархан этээччитэ» оһуохай этээччилэр күрэхтэрэ аан бастаан ыытыллыбыта, “Дыгын оонньуулара” саҕаламмыта.
Кэлэр сылга кымыс иһэр сир “Үрүҥ Тунах түһүлгэтэ”, “Дьөһөгөй” ат сүүрдэр сир, “Оһуохай” үҥкүү киинэ үлэҕэ киирбиттэрэ. Сылтан сыл саҥаттан саҥа тутуулар элбээн испиттэрэ, Үс Хатыҥ өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн ыһыахтыыр сирэ быһыытынан норуокка биллибитэ. 2002 сыллаахха киин куорат 370 сааһыгар анаммыт ыһыахха Үс Хатыҥ биир биллэр бэлиэтэ “Алтан сэргэ” турбута.
2012 сыл Гиннесс рекордугар киирбит оһуохай
2012 сыллаахха тэриллибит “Туймаада ыһыаҕа” Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 380 сылыгар анаммыта. Ыһыах Ил Дархан Айсен Николаев сэргэҕэ ытык дуоҕаны анньыытынан аһыллыбыта. Оһуохай түһүлгэтигэр хас да ый бэлэмнэммит тэрээһин – үтүмэн элбэх киһини түмэр оһуохай саҕаламмыта. Кыттааччы бары таһаарааччы тылын хатылыыра, биир да киһи килии тутуһууну ыһыктыбата тоһоҕолонон этиллиибитэ. Анаан-минээн рекорду бигэргэтэ кэлбит Гиннесс кинигэтин бэрэстэбиитэлэ Джек Брокбэнк болҕойон көрө-истэ сылдьыбыта. Мустубут дьон иннигэр Ил Дархан “бу оһуохай көр-нар үҥкүү буолбакка, айыыларга анаммыт, сомоҕолоһууну көрдөрөр сиэр-туом буолар” диэн санаппыта. 20 мүнүүтэ кэриҥэ хаһан даҕаны буолбатах улахан оһуохай Үс Хатыҥ сиригэр биир киһи курдук эргийбитэ. 15 293 киһини түмпүт улуу оһуохай сурукка киирбит устуоруйа буолбутун туһунан эспиэр бигэргэппитэ.
Түмүккэ
Ыстатыйабыт уон сыл анараа өттүгэр буолбут ыһыаҕынан түмүктэнэр. Ити кэмтэн ыла ыһыах тэрээһинэ сылтан сыл тупсан, сайдан, кыттааччыларын ахсаана үксээн иһэр. Ыһыах таҥаһа, мала-сала, түһүлгэ киэргэлэ бу кэрчик кэм устата харахха быраҕыллардыы уларыйда, тубуста. Биир ыстатыйаҕа үйэлэр усталарыгар буолбут бэлиэ ыһыахтары барыларын ахтан ааһар сатаммат сорук. Дьиҥэр, хас улуус аайы, хас нэһилиэк аайы саха дьонугар улуу суолталаах мааны ыһыахтар сыл аайы буолаллара чахчы. Онон, кэлэр көлүөнэлэр өбүгэ сиэрин-туомун ыһыктыбаттарын, ыһыахтыыр үгэс ситимин быспатыгар эрэнэн туран, сайыҥҥы кэрэ күннэри уруйдуу көрсүөҕүҥ.
edersaas.ru