Эллэй убайбыт Чыҥыс Хаантан куотан кэлбэтэҕэ

Ааптар: 
21.01.2017
Бөлөххө киир:

Чыҥыс Хаан (Чингисхан) туһунан уруккуттан интэриэһиргээн ааҕабын. Урут кинини оччотооҕу систиэмэҕэ олоҕуран суруйаллара. Кыргааччы, сэриилээччи, харса-хабыра суох, хаанымсах киһи курдук. Ол да буоллар, миигин бастатан туран, Чыҥыс Хаан, монголлар улуу империяларын олохтообут баһылык быһыытынан сөхтөрөр. Билигин, Чыҥыс Хаан ааспыт тыһыынча сыллааҕы аан дойду улуу киһитинэн ааттаммытын кэннэ, кини туһунан кинигэлэр, киинэлэр өссө элбээтилэр.Төһө да бу улуу киһи олорон ааспыт олоҕун кэрчиктэригэр быһаарыллыбатах түгэннэр элбэхтэрин үрдүнэн, кини туһунан кэлиҥҥи суруйуулар сиэрдээх соҕус өйдөбүлү үөскэтэллэр дии саныыбын.

Петр Павлов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/
Дьэ, итинник санаалаах сылдьан, 2006 сыл сайыныгар Чурапчыттан төрүттээх, улуу тренер Д.П.Коркин иитиллээччилэриттэн биирдэстэрэ Степан Федотович Попову кытта кэпсэтии быыһыгар “Чыҥыс Хаан Чурапчыга, эбэтэр Саха сиригэр кистэммит буолуон сөп” диэн соһуччу сабаҕалааһыны оҥорбутун өйбүттэн түһэрбэккэ, кырдьык оннук буолуо дуо диэн, үүйэ-хаайа туппут санаабын ситээри 2008 сыллаахха Степан Федотовиһы кытта анаан көрсөн сэһэргэһэргэ, онон бу санааны дьон дьүүлүгэр таһаарарга соруннум.

Чыҥыс Хаан – ахсыс халлаан айыыта

—  Степан Федотович, Чыҥыс Хаан туох-ханнык киһи этэй уонна бу монголлар аан дойду историятыгар туох суолу-ииһи хаалларбыттарын туһунан Саха сиригэр сыһыаран хайдах көрөргүн билиэхпин баҕарабын.
— Кырдьык, Чыҥыс Хаан – билиҥҥи кэмҥэ сүрдээх интэриэһинэй тиэмэ буолла. Чыҥыс Хаан диэн ити бэйэтин аата этэ сылдьар. Ол аата, Чыҥыс Хаан – ахсыс халлаан айыыта диэн хас биирдии саха оҕото билэр. Оттон атын омуктартан ыйыттахха, Чингиз диэн уларытан ааттаан баран, бу тыл туох суолталааҕын ким даҕаны, биир даҕаны омук билбэт. Тоҕо диэтэххэ, ити кинилэр тыллара да, кинилэр итэҕэллэрэ даҕаны, бэйэлэрин киһилэрэ даҕаны буолбатах.
Оттон биһиги, сахалар, ордук чуолаан чурапчылар, Чыҥыс Хааны кытта син биир сибээстээхпит. Мин бэйэм Чурапчы киһитэбин, Хатылыбын. Биһигини, Хатылы боотурдар дииллэрэ, историяны үөрэтээччилэр монгол төрүттээххит диэн саба быраҕан этэллэрэ.
Чурапчы – ити билиҥҥи аата, уруккута Хатылы диэн. Нуучча кэлиитигэр картаҕа Хатылы боотурдар “Хатылинская волость” диэн киллэрбиттэр. Ол кэлин уларыйан Хатылы, онтон салгыы аны Боотурускай улуус диэн уларытан ааттыыллар.
Биир маннык түгэн баар, Новосибирскайга, сэбиэскэй кэмҥэ үйэтин тухары Чыҥыс Хааны үөрэппит археолог-учуонай баара, нуучча киһитэ. Кини билиҥҥи чурапчылары Чыҥыс Хаантан төрүттээх буолуохтарын сөп диирэ. Ити археолог сабаҕалааһынынан, Чыҥыс Хааны бу диэки аҕалан көмпүт, кистээбит буолуохтаахтар диэн эбит. Ол иһин, бу эһиэхэ олимпийскай чөмпүйүөннэр, дьон киэнэ чулуулара үөскүүллэр, күүстээх санаалаах киһи кистэнэ сытар сиригэр күүстээхтэр төрүөхтээхтэр диэн матыыптыыр. Ити киһини Баайаҕаттан төрүттээх, бэйэтэ юрист идэлээх П.П.Винокуров көрсө сылдьыбытын мин, худуоһунньук И.С.Билюкинтан истибитим. Өссө Чурапчыга экспедициянан кэлээри гыммыт да, табыллыбатах. Кини аатын-суолун, билигин баарын-суоҕун билэр, чопчулуур киһи, Новосибирскайга тиийэн үлэлэһиэ этэ. Биһигини хантан да, рекламалаан да диэн буолбакка, дьиҥнээҕин сабаҕалаан билэн бу манна кэлэ сатаабыт буолуохтаах.
Атын биис уустара (улуу уустар) бу маны биллэн турар, билиммэттэрэ сөп. Оттон Чурапчыга, Чыҥыс Хаантан сыдьааннаахпыт диэн аһаҕастык этэр дьоннор билигин да бааллар. Хааҥҥа хатаммыт хастаммат, уҥуохха угуллубут умнуллубат, эккэ иҥэриллибит этэ сырыттаҕа, сииҥҥэ силбэммит сипсийэ сылдьаахтаатаҕа.

Хадаҥнар (киданнар) – билиҥҥи чурапчылар

— Оччоҕо маннык, олох эрдэттэн саҕалыахха. Үөрэхтээхтэрбит, биһиги төрүппүт Эллэй Чыҥыс Хаан сэриититтэн куотан кэлэн бу Уһук Хотугу сиргэ олохсуйан, сахалары үөскэппитэ диэн суруйаллар. Итиннэ Эн көрүүҥ хайдаҕый?
— Элбэх омук кыттыспыта. Чыҥыс Хаан 720 омугу, араас бииһи баһылаан-көһүлээн олорбут киһи. Ол дьон бары саха итэҕэлин анныгар киирбиттэрэ. Ити Чыҥыс Хаан туһунан кинигэлэргэ аахтахха, монголлар Үрдүк Мэҥэ халлааҥҥа үҥэллэр. Эренжен Хара Даваан суруйарынан, Чыҥыс Хаан дьаһааҕар биир маннык тоһоҕолоон этии баар: ууга ииктиир, уокка ииктиир киһи өлөрүллэр диэн. Тоҕо? Ол аата, биһиги “святыняларбытыгар” (сырдык айыыларбытыгар) ыар аньыыны оҥоруу буолар. Айылҕаҕа үҥээччилэргэ, уоту-ууну таҥара оҥостооччуларга аньыыны оҥорор киһи өлөрүллүбэккэ ханна барыай, киһи буолбатах буоллаҕа дии.
Эллэй туһунан этэр буоллахха, кини хайдах даҕаны Чыҥыс Хааны утаран, онтон ордубут киһи буолар кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, Айыы итэҕэлин илдьэ сылдьара, күҥҥэ сүгүрүйэрэ, сиэрин-туомун, ыһыаҕын ыһара, кымыһы, саламааты аһылыктанара, сирин, Аал уотун аһатара… Ол аата, Айыы итэҕэлин анныгар Үрдүк халлаан таҥаратыгар түмсүбүт 720 омуктан биирдэстэрэ буоллаҕа. Онон Эллэйи, Чыҥыс Хаан өлбүтүн кэннэ буолбут хайдыһыылартан, сэриилэртэн ордон кэлбитэ диир сөп буолуо. Оттон сахалары Эллэйтэн үөскээбиттэрэ диир адьас сыыһа, ол оннугар Эллэйтэн элбээбиппит, тэнийбиппит диир олохтоох буолуо этэ.

— Чыҥыс Хааны личность, историяҕа киирэр киһи быһыытынан хайдах сыаналыыгын?
— Кини билиҥҥинэн хомуньуус. Аан дойду үрдүнэн саамай эйэлээх, көҥүл, сайдыылаах олоҕу олороору охсуспут киһи. Омуктары холбоон. Онон идеята хомуньустуучускай диэххэ сөп. Чыҥыс хаан – улуу киһи. Араб айанньыта Рашид-ад-дин суруйарынан, бэйэтигэр баай-дуол диэни мунньумматах, империятыгар атыыны-эргиэни сайыннарбыт, дьонугар-сэргэтигэр уорар диэни олох умуннарбыт, халыыр диэни адьас хааллаттарбыт киһи.
Чыҥыс Хаан саха итэҕэлин ылыммат түөлбэлэри күүс өттүнэн ылар этэ. Куоратынан олорору төрүт сөбүлээбэт. Кинилэри хоро таһан аһааччылар диир, ол иһин “хород” аатырар (бэлэм бэлэстэр, аһыыр айахтар).

Чыҥыс Хаан Чурапчыга, эбэтэр Саха сиригэр кистэммит буолуон сөп

—Дьэ, Чурапчыбытыгар төннүөххэ, хайдах эрэ киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук дии?! Ол гынан баран, Эн эмиэ да дуоспуруннаахтык этэргин киһи ылынар. Холобур, Чыҥыс Хаан өлүгэ ханна кистэммитэ билигин аан дойдуну барытын долгутар. Сайдыылаах дойдулар өйдөөхтөрө, учуонайдара, чинчийээччилэрэ бары көрдүү сатаан баран, били “Сокровенное сказание монголов” кэпсииринэн, Бурхан Халдун диэн ытык хайа тэллэҕэр кистэммит буолуон сөп диэн суруйаллар. Ону Эн Чурапчыга, эбэтэр Саха сиригэр диэн, тоҕо чопчу бааччы этэргин өссө төгүл быһаара түһүөҥ дуо?
— Чыҥыс Хаан Сүбэтэй Боотур (нууччалыы кинигэлэргэ булан аахтахха Субудэй, Чыҥыс Хаан биир улуу сэрииһитэ – П.П.) диэн сүбэһиттээх. Манна даҕатан эттэххэ, Хатылы боотурдар баһылык киһилэрэ. Кини буоллаҕына, Чыҥыс Хаан өлүгүн уонна 20 тыһыынча ахсааннаах сэрииһиттэрин кытта сүтэн хаалар, хоту диэки түспүттэр. Ол сүтэн, бу манна, сахалыы сиэринэн кини кэриэһин быһыытынан, биһиэхэ аҕалан кистээбит буолуохтаахтар. Антах сүгүн сытыарбаттара биллэр. Дьэ, ол иһин көрдүү сатаан баран, булар кыахтара суох. Тоҕо диэтэргит, кинилэр сабаҕалыыр сирдэригэр Чыҥыс Хаан өлүгэ суох буоллаҕа дии… Сымалыыр сиһинэн боотурдар XVIII үйэҕэ диэри манаабыттара тугу эрэ сабаҕалатар.
— Степан Федотович, оччоҕо Эн аан дойду научнай-историческай, чинчийэр үлэтигэр бу этииҥ наһаа соһуччу буолбатах дуо? Ону Эн кырдьык, ис сүрэххиттэн этэҕин дуо?
— Ити мин этиим буолбатах, Новосибирскайга үлэлиир археолог-учуонай сабаҕалааһына. Итини биһиги, Хатылы боотурдарыттан төрүттээхтэр, хааммытыгар хатаммыта, уҥуохпутугар угуллубута баар буолан кырдьыктаахтык ылынабыт. Итинтэн мин уонна мин курдуктар төрүт муодарҕаабаппыт да, дьиктиргээбэппит даҕаны, биһиги кииммит ханна түспүтэй онно кистэнэбит — диэн өйдөбүллээхпит.
Оттон, аан дойду науканы, историяны чинчийээччилэрэ атыннык сабаҕалыыллара, туспатык толкуйдууллара, төрүт да суох сиригэр көрдүүллэрэ биһиги буруйбут буолбатах. Баҕар, маннык кэпсэтии улахан тосту өҕүллүүнү киллэриэ. Ону биһиги кырдьыгын эрэ билэ сатыахтаахпыт. Өскөтүн ити учуонай этэрин курдук буоллаҕына, төттөрүтүн биһиги ытык киһибитин тыыттарыа суохтаахпыт, харыстыахтаахпыт. Төһө кыалларынан кистиэхтээхпит. Оннооҕор сиэнэ “Тимир содьороҥ” Тамерлан хостоммут күнүгэр сүүрбэ мөлүйүөн сүтүктэнэр сэриибит саҕаламмытын умнуо суохтаахпыт.
— Монголлар сыдьааннара бу манан кэлэн, Чурапчы сиригэр урут олоро сылдьыбыт буоланнар, билигин кинигэттэн ааҕан биллэххэ, ити улууска баар сирдэр монголлуу ааттаахтара киһини дьиктиргэтэр. Ити – Одьулуун, Хадаар, Төлөй, Хатылы, Чөбүччээн, Дириҥ, Хайахсыт, Мугудай, Чакыр, Бахсылар бу барыта монгол төрүттэрин, монгол улуу дьонун ааттара сылдьар быһыылаах дии саныыбын. Өссө Аммаҕа Чыҥыс Хаан сиэнэ Хубилай-хан удьуора Алтан-хан курдук Алтан Аммаҕа, Чурапчыга, Мэҥэ Хаҥаласка,Тааттаҕа Чыҥыс Хаан үһүс уола Угэдэй аатыгар маарынныыр Игидэй диэн сирдэр бааллар. Ити барыта биир түөлбэҕэ тулата алта көс эргимтэлээх сиргэ бааллар ити курдук, төһө баҕарар салгыы туруохха сөп. Онон, кырдьык, итиннэ туох эрэ баар…
— Сөпкө этэҕин, ити улуу монголлар аҕа уустарын ааттара сылдьаллар. Ол барыта историяҕа баар. Оттон биһиги Чыҥыс Хааны сэбиэскэй кэм историятын таһымынан, хаанымсах, варвар эҥин диэн, билиммэтэҕэ буола сатыыбыт. Киниттэн эрэ аккаастаммыт киһи, биһиэхэ эрэ сыһыарбаталлар ханнык диэн санааттан. Төттөрүтүн, монголларга биэрэн сыһыара сатыыбыт. Дьиҥэ, монгол диэн омук суох ээ. Былыргы ааттара – халкилар. Ону буоллаҕына, Чыҥыс Хааныҥ: “Бу, эһиги биһиэхэ бэриниилээхтик сулууспалаатыгыт, моҕол ураһалаах дьон эһиги моҕоллор буолуҥ” – диэбититтэн олохсуйан, монголлар диэн аатыран барбыттара дииллэр. Ити XIV-XV үйэттэн.
(Итиннэ сөбүлэһиэххэ сөп, Европа улуу айанньыттара уонна үөрэхтээхтэрэ монголлар тустарынан бастакы үлэлэригэр, кинилэри монголлар диэбэттэр, моголлар дииллэрин элбэхтэ түбэһэн ааҕыахха сөп, — П.П.).

х х х

Бу суруйуу кэпсэтии быһыытынан ыытылынна. Тэттик, судургу ыйытыыларынан кэпсэтэр киһим санаатын билээри, “айаҕын аһаары”, уһугуннараары тугу аахпыппынан кыттыстым. Тылтан кэпсээн тахсар буоллаҕа дии. Өскөтүн, чурапчылар (боотур уустар) монголлары кытта сибээстээхтэрин туһунан бу иннинэ гипотезалар баар эбит буоллахтарына, “Чыҥыс Хаан Чурапчыга, эбэтэр Саха сиригэр кистэммит буолуохтаах” диэн этии биһиэхэ ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии иһиллэр.
Оттон Чыҥыс Хаан ханна көмүллэ сытара Монголия баһылыктара үйэттэн үйэҕэ бэриллэн испит чып кистэлэҥнэрэ. Онон, номох быһыытынан кини өлүгэ Бурхан Халдун хайа тэллэҕэр кистэммит диэн суруйалларыгар биир бэйэм итэҕэйэбин. Итэҕэллэрин быһыытынан бэйэлэрин улуу удьуордарын уһугуннарыахтарын, онон атын дьон туох эрэ аат-суол оҥостуохтарын баҕарбаттар.
Ол гынан баран… тыала суохха мас хамсаабат дииллэринии, Степан Федотович Попов тиэрдибит санаата силистээх-мутуктаах диэххэ сөп. Онон бу боппуруоска туһааннаах дьон ылсан үлэлэһэллэрэ, санааларын атастаһаллара эрэйиллэр.

Петр Павлов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

Ыспыраапка

Ааптартан: Степан Федотович Попов – идэтинэн геолог, сэбиэскэй кэмҥэ, бобуулаах эрдэҕинэ А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй мэҥэтин көрдөөн Москва кылабыыһаларыгар, архыыптарыгар элбэх күнүн-дьылын бараабыта.
Степан Федотович уларыта тутуу буолуоҕуттан Айыы Сиэн диэн ааты ылынан, норуот эмчитин быһыытынан киэҥник биллэр. Айылҕаҕа ыарыы суох, арай кукка-сүргэ, өйгө-санааҕа, силиигэ-сииҥҥэ, эккэ-уҥуохха кэһиллии тахсар диэн үөрэҕи ыытар.
С.Ф.Попов 2007 сыллаахха сахалартан аан бастакынан Нью-Йорк куоракка, Холбоһуктаах Нациялар түмсүүлэрин генеральнай штаб-квартираларыгар тиийэн, үрдүк трибунаттан бэйэтин көрүүтүн билиһиннэрбит, тылын ылыннарар ытык киһибит буолар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0