Бүгүн — норуодунай бэйиэт Эллэй төрөөбүтэ 116 сыла

29.11.2020
Бөлөххө киир:

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай бэйиэтэ Серафим Романович Кулачиков-Эллэй төрөөбүтэ 116 сыла буолла. Кини 1904 сыллаахха сэтинньи 29 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. 

Олоҕун олуктара:

1920-1921 сылларга нэһилиэк уонна улуус ревкомун сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.

1924 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педтехникуму бүтэрбитэ, онно преподавателинэн үлэлээбитэ.

1928 сыллаахха суруналыыстыка Москватааҕы судаарыстыбаннай институтун бүтэрбитэ.

Институту бүтэрэр баран, «Хотугу ыччат», «Автономная Якутия», «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарга, «Чолбон», «Кыhыл ыллык», «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунаалларга үлэлээбитэ.

1936-1939 сылларга Тыл, литература уонна история институтугар фольклор отделын салайбыта.

1939-1942 сылларга уонна 1946-1948 сылларга Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатыгар бэрэссэдээтэллээбитэ.

1942-1944 сылларга Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыта, 1944 сыллаахха улаханнык бааһыран демобилизацияламмыта.

1946 сылтан — КПСС чилиэнэ.

1955 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата буолбута.

1964 сыллаахха Саха АССР норуодунай бэйиэтин аатын ылбыта.

С.Р.Кулачиков-Эллэй КПСС Саха сиринээҕи обкомун чилиэнинэн, Бүтүн Сойуустааҕы уонна Арассыыйатааҕы суруйааччылар сийиэстэрин делегатынан, ССРС Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын чилиэнинэн талыллыбыта.

1976 сыллаахха ахсынньы 14 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ.

Айар үлэтэ

Айар үлэтин 1924 сыллаахтан революционнай тыыннаах нууччалыы хоһооннору тылбаастаан саҕалаабыта. 1925 сыллаахха хоһооннорун уонна тылбаастарын хомуйан «Кыһыл хоһоон» диэн маҥнайгы хомуурунньугун бэчээттэппитэ. Хоһоонноро дьоҥҥо-сэргэҕэ, ордук ыччакка биһирэнэн, хайҕанан киэҥ Сахабыт сирин тэлийэ көппүттэрэ, дьон уоһуттан түспэт ырыалара буолбуттара. Айымньылара нууччалыы уонна араас омук тылларынан тылбаастаммыттара. Саха поэзиятын аан дойду таһымыгар таһаарбыт дьонтон биирдэстэрэ буолар.

Эллэй буойун бэйиэт буоларын быһыытынан, дойдуну фашистартан көмүскүүргэ ыҥырар уоттаах-төлөннөөх элбэх ырыалары, хоһооннору айбыта.

Серафим Романович Кулачиков-Эллэй саха поэзиятын бөдөҥ маастара, сүүрбэттэн тахса кинигэ ааптара. Кини Саха сирин суруйааччыларыттан бастакынан норуодунай бэйиэт аатын сүкпүт киһинэн буолар.

keskil14.ru, librvil.ru саайтартан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0