Дьокуускай куорат оскуолаларын 10-11-с кылаастарын бастыҥ үөрэнээччилэрин Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин уонна үөрэх салаатын кэлэктииптэрэ эҕэрдэлээтилэр.
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн үрдүкү кылаас оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы утренник Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бэрт кэрэхсэбиллээхтик ааста.
Куорат 3-с нүөмэрдээх оскуолатын 11 «а» кылааһын үөрэнээччитэ Арина Богданова: «Бэрт интэриэһинэй тэрээһин буолла. Саҥа үүнэр 2019 сылынан Чысхаан доргуччу эҕэрдэлээн уонна Хаарчаана флеш-моб тэрийэн, барыбытын үҥкүүлэтэн сэргэхситтилэр. Онтон «Елки-7» кэмиэдьийэ киинэни көрөн үөрүүбүт өссө үрдээтэ. Киинэ бүтүүтүгэр сүрүн дьоруой хас да сыл көрбөтөх аҕатыгар кэлбитигэр, биһиги харахпыт уутун сотто-сотто, күлэ-күлэ ытыспытын таһынныбыт. Мин доҕотторбунаан олус астынан тарҕастыбыт», — диэн кэпсээтэ.
Максим Васильевич Ксенофонтов,
Дьокуускай куорат 3-с №-дээх оскуолатын учуутала.