Элиэнньин оннугар төнүннэ,
Эргийэн тулатын көрүннэ,
Сахатын дьонугар махтанна,
Сынньанан кэлбиттии сананна!
Күүппүппүт биһиги кинини,
Көҥүлгэ тиэрдибит киһини,
Кыракый эрдэхтэн билэрбит,
Киниэхэ мэктиэни биэрэрбит.
Үөрэнэн, идэни ыламмыт,
Үрдүккэ — үөһэҕэ көппүппүт,
Үчүгэй дойдулаах буоламмыт,
Үтүөнү, кэрэни көрбүппүт!
Лениннии үөрэнэн, олорон,
Үүнүүгэ — сайдыыга тиийбиппит,
Лениннии тылбытын толорон,
Үлүскэн үөрүүнү билбиппит.
Мин дьоллоох көлүөнэм махтанар,
Элиэнньин эһээнэн киэн туттар,
Мин сахам норуота айхаллыыр,
Элиэнньин сирдьити арчылыыр!
Оо, көрүҥ: уот кыһыл былаахтар
Умайа — оргуйа кыыһаллар,
ОЛ КЭМНЭЭХ хомсомуол уолаттар
Уруйдаах тыллары аныыллар!
Элиэнньин эһээбит төнүннэ,
Миэстэтин бигэтик булунна!
Эдэрдик сүрэхпит эймэннэ,
Муҥутуур чыпчаалга тайанна!
Елена Прокопьева, Мэҥэ Хаҥалас, «Таммахтар» айар холбоһук.