Элгээйигэ улуустааҕы дьыалабыай оонньуу саҕаланна

Бөлөххө киир:

«Сунтаар улууһун эрчимнээх ыччата — сайдыы туһугар!»  диэн санаанан салайтаран, Элгээйи нэһилиэгэр улуустааҕы дьыалабыай оонньуу саҕаланна. Нэһилиэктэртэн барыта 17 хамаанда кэлэн үлэлээн эрэллэр.

edersaas.ru

Бэйэлэрин ыччат дьонун өйөөн, хамаандаларын иилээн-саҕалаан Хоро, Туойдаах, Аллаҥа, Түбэй, Бүлүүчээн баһылыктара, Кэмпэндээйи, Сиэйэ, Күүкэй,Кутана, Күндэйэ, Элгээйи, Уһун Күөл, Устье баһылыктарын солбуйааччылара кэлбиттэрэ хайҕаллаах.

Маны таһынан Кириэстээхтэн, Тойбохойтон, Бордоҥтон ыччат хамаандалара тэринэн күрэххэ кыттыыны ыла сылдьаллар. Балаһыанньа быһыытынан кыттааччылар 6 хайысханан үлэлээн эрэллэр: волонтерство, экология, патриотическэй иитии, бэйэ оҥорон таһаарыыта, ыччат сынньалаҥын тэрийии, дьарыктаах буолуу. Быйыл хамаандалар кыайыыга дьулуһуулара биллэ күүһүрбүтэ көстөр. Күрэх тыҥааһыннаах буолара сабаҕаланар. Ситиһиилэри баҕарабыт!!!

Тимур Иванов, edersaas.ru анаан, Сунтаар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0