Элгээҥҥэ (кэпсээн)

Ааптар:  Сэгэлдьийэ Чээлэй
18.06.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Сарсыарда эрдэ  Элгээн күөлүттэн чугас олорор Дьэрэмэй таһырдьаттан олус уолуйан, тыынар-тыыммат икки ардынан киирэн дьиэ иҺинээҕи дьону барыларын атахтарыгар туруорда:

—Иэдээн! Алдьархай! Тура тардыҥ!

—Тыый, бу туох буоллуҥ, доҕоор?!

—Оҕолор… Оҕолор хаҺыытыыллар… Ууга… Ууга!!!

Мэхээлэ түргэн үлүгэрдик ыалларыгар сүүрдэ. ТаҺырдьа тахсаат салгыҥҥа сүтэ-сүтэ күөрэйэр оҕолор хаҺыыларыттан уйулҕата айманна… Часкыйыы, ыһыы-хаһыы, дорҕооно биллибэт бобуллаҥныыр саҥа  иһиллэргэ дылы, киһи тугун да арааран истибэт үлүгэрэ… Толоон оҕолоро эрэ ити күөлүнэн сылдьааччылар, оскуолаҕа быҺалыы ааҺар муҥнаахтар алдьархайга түбэстэхтэрэ…

1937 сыл…Алтынньы бүтэҺик күннэрэ… Улуу Добдурҕа ыйа саха ыала олорор кыракый түөлбэтигэр ити курдук кутурҕаннаах күн аанын арыйбыта. Түргэн үлүгэрдик ким истибит Элгээн диэки түһүннүлэр. Күөлгэ чугаһаан истэхтэринэ тугу да билиммэттии, барытын мэлдьэһэрдии хойуу туман чарааһаан эрэрэ. Оҕолор хаһыылара иһиллибэт, арай ууга биир туох эрэ хара көстөр. Хамсыыр дии… Булумахтанар… Илиитэ күөрэҥнииргэ дылы… «Тулуй! Кытаат! Оо, киһи ыксаатаҕына бу атаҕым кыаһыламмыкка дылы буолан тугун сүрэй?!”—Дьэрэмэй ыгылыйбыт санаатыгар этэ-сиинэ бокоорон хаалбыкка дылы… Оо,  барахсан сукуна соно киэҥ буолан өрө үллэн ууга бу тимириэхчэ тимирбэккэ баарыстана күөгэҥниир эбит… Уһун ураҕастаах Дьэрэмэйдээх Мэхээлэ, аҕылаабытынан, көрбүттэрин итэҕэйиэ суох курдук тохтоон хааллылар… Дьэрэмэй өй ылбыттыы кытыыга умса тардыллан сытар балыксыт тыытын саҥата суох ыйан кэбистэ. Мэхээлэ сүүрэн иһэр дьоҥҥо:

—Тыыны! Тыыны киллэриҥ! Муус чараас! Түргэнник! Түргэнник!

Дьон хантан эрэ булгуруйбат модун санааланан, төннүбэт тиргэл күүстэнэн хаалбыт курдук сыыдам-сыыдамнык тыыны күөлгэ үтэн киллэрдилэр. Мууһу хайытан барчалыыр, дьон тыынан сырдьыгынатар тыастара бүтэһик тумаҥҥа сууланан үөһэ көй салгынныын силбэстэ.

Кыысчаан барахсаны тыыга соһо тардан ыллылар.  Халтаһалара хараҕын букатын быһа симмиттии хам хатан хаалбыт курдук, тыынара тыыммата биллибэт. Мэхээлэ дьахталларга таҥас көрдөөн хаһыытыыр, бөһүөлэккэ балыыһаҕа илдьэр сыарҕалаах оҕуһу ыйытар саҥата чуумпуну эмиэ аймаата. Сүөкүлэ кытыыга туран кыыһы илиитигэр ылаат:

—Оо, Каача дии. Һыллыый, атыттар? Атыттар…—ситэ саҥарбакка ытаан барда.

Мэхээлэ добдугуратар куолаһынан:

—Чэ, кыатаныҥ! Ийэтин санааҥ! Түргэнник хамсаныҥ!- диэт тыыларын эмиэ ууга анньан күөл ортотун диэки киирдилэр.

Иккис тыынан муҥхалаах дьон киирэн иһэллэрин көрөрдүү Каача хараҕын нэһиилэ арыйда, айаҕыттан сүөкэнэр ууга чачайыахтыы тыын былдьаста.

Маабыра бу сарсыарда сүрэҕэ өлөхсүйэн, угаардаабыт киһи курдук уһуктубута. Оргууй аҕай хамсана сатаатар даҕаны, иһин түгэҕэ олус сытыытык ыбылы тардарга дылы, оччоҕо сүрэҕэ субу көтөн тахсыахтыы, килиэккэҕэ хаайтарбыт туллуктуу тибигириир. Оҕолорун оскуолаҕа, кэргэнин малатыылканан бурдук астааһыныгар атааран баран, уоскуйаары, көмүлүөгүн иннигэр олоро түспүтэ. Ол олордоҕуна уота сүр иччилээхтик энэлийэрдии сыыгыныырын кытта, тэҥинэн, ыксаабыттыы тыһырҕыыр тыаһы уйуһуйа иһиттэ. Маабыра санаата туохтан эрэ тэһииркээн ылла да, хайыай, хотонун диэки хааман наскылдьыйда. Санаатыгар, таптыыр ынахтарыгар күннээҕи санаатын этиннэҕинэ чэпчиэх курдук. Ити курдук Маабыра күннээҕи үлэтэ туох эрэ дириҥ толкуйдаах, сөҥүөрбүт санаалаах  саҕаламмыта. Бытааннык да буоллар, үлэтин үмүрүтэн бүтэн эрдэҕинэ, хотон аана аһылла биэрдэ да, тыын быһаҕаһынан тыыммыт, аҕылаабыт Ньаадьа, кини кэнниттэн Элгээн ыалыттан Лэгэнтэй киирдилэр. Ньаадьа үрдэ суох бөтүөхтүүрүн, Лэгэнтэй чыҥаабыт сирэйин көрөөт, Маабыра сүрэҕэ сүр күүскэ ытырбахтаан ылла. Мээнэҕэ Лэгэнтэй бачча ыраахха хара сарсыардаттан соруктамматах буолуохтаах… Лэгэнтэй саҥата, Ньаадьа уоскута сатыыр этиилэрэ барыта ханна эрэ ыраах, букатын атын киһиэхэ туһуланар курдук, Маабыра хараҕа хараҥарар, арай киниэхэ күөл, муус, кини оҕолоро ууга уста сылдьаллара көстөр. Сүтэллэр, онтон эмиэ күөрэс гыналлар… Тоҕо эрэ, оҕолорун быанан кытыыга тардан ылыахтыы долборукка эриллэн турар быаны сыыйа тардан ылла. Ньаадьа илиититтэн тутуох курдук гынан иһэн, Маабыра хараҕын көрөөт ыһыктан кэбистэ. Маабыра кулгааҕар сарсыарда аһыы олорон, аҕалара Каачаҕа:

—Онон-манан быһалыы сатаабакка, күөлгүтүн эргийэр сиргитинэн бараарыҥ. Син-биир сөпкө тиийэҕит, мантан наар эрдэ тахсаҕыт. Уруокка хойутаабатыгыт да, сөп. Улахан киһигин дии, оттон эһиги, уолаттар, эдьиийгититтэн олох куота оонньоомоҥ,—диэн хос-хос сэрэтэр тыллара иһиллэн ааста да, сүр хатаннык часкыйаат, көрүөх бэтэрээ өттүнэ айан суолун устун холоруктуу ытылла турда.

Лэгэнтэй иһин түгэҕиттэн:

—Аны биһиги кинини сиппэппит,—диэн нэһиилэ ыган таһаарда. Ньаадьа бу туох буолла, Маабыра хайдах итинник сүүрдэ диэн өйдөөбөккө биир сиргэ хам хатанан хаалбыт курдук турда.

Толоон пиэрмэтигэр соһумар сурах үс ыал аанын аһыммакка, олус күүстээхтик тоҥсуйан сарсыардааҥҥы ыамы ситэ ыаппатаҕа.

**

Элгээн кытыытыгар туспа өрө тиргиллии, тутуу былдьаһыы этэ. Дьэрэмэй оҕолору оҕуска тиэйэн илдьэри дьаһайа туран ойуур саҕатын диэки туох эрэ дьикти күлүк элэкис гынарын көрө биэрэн, соһуйан кэннинэн тэйдэ. Оо, онно баар этэ амырыын көстүү! Баһыттан атаҕар тиийэ көлөһүнэ сүүрэн, киһи буолбатах, бу сибилигин ууттан тахсыбыт ибис-инчэҕэй күлүк тымныы салгынынан бурҕачыйан сүүрэн иһэргэ дылыта. Дьэрэмэй тута кимин сэрэйдэ:

—Сүөкүлэ, көр эрэ!—бэйэтин дохсун куолаһыттан бэйэтэ соһуйда.

Сүөкүлэ Маабыраҕа утары ыстанан тиийэн кууһаары гыммытын, сүүрэн иһээччи сүр күүскэ садьыйан кэбиспититтэн Сүөкүлэ охтон хаалла. Маабыра былаатын төбөтүттэн сулбу тардан ылла. Итиэннэ инчэҕэй эттээх тулуйан истибэт ынчык, хаһыы эҥэрдээх ытааһына күөл кытыытын толордо. Умса түһэн оҕолору биир-биир сирэйдэриттэн имэрийтэлээн ылла, эмискэ ытыыра тохтоон хаалла, онтон өй ылбыттыы Каачаны ыҥыран барда. Дьэрэмэй ону эрэ кэтэһэн турбуттуу:

—Маабыра, кытаат, тулуй. Кыатан. Каачаны балыыһаҕа илдьибиттэрэ. Оппуонньаны көрдүүбүт. Бэйэҕин санаа. –диэн баран дьахтар кэмэ чугаһаабыт иһин диэки көрөн кэбистэ…

Маабыра атаҕа сири билбэт, туга да ыалдьыбат, кулгааҕа биир кэм куугунас, хараҕын далыгар Оппуонньатын көрүөхтүү күөл кытыытын диэки сүр күүскэ үктэнэн хаамта. Күөлү өҥөйөн туран:

—Тоҕо?! Туох иһин?!—диэн кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан сибигинэйдэ.—Албын мууска киирбит оҕолорум сыысчааннарын тоҕо харыһыйбатыҥ? Мэник оҕолор тыыннарын тоҕо уйбатыҥ?—диэн харданы истиэхтии күөлү тула хаамардыы эргиир суолугар киирдэ. Ытыһыгар эрийэ туппут быатын көрдө, оҕолорун бу быанан субуйан таһаарбатаҕыттан хомойбуттуу сиэбигэр укта, хараҕын уута кэлбэт. Санаатыгар, Оппуонньата ийэтэ күөрчэх  ытыйбыт ытыгын салаары ханна эрэ кэтэһэр курдук. Уолчаанын сырдык хараҕа олус өйдөөх, наҕыл көрүүтэ кинини кэтиир курдук. Дьахтар эмиэ санна титирээн олус кыра, симик куолаһынан:

—Оппуонньаа, оҕом эрэ буолларгын көһүн даа… Уу эрэ ылбатын, ханнык да түгэхтэн мин хостуом… Оо, күөл иччитэ баар эрэ буолларгын иһит, бу тухары оҕолорум суолларыгар харгыһы олохтообот этиҥ, туох быатыгар бу маннык ыар санааны ылыммытыҥ буолла? Төннөр даа, оҕобун, көрдөһөбүн. Икки чыычаахпын ыллыҥ, уолчааммын төннөр даа, төннөр…—ытыыр икки, суланар икки эҥэрдээх куолаһы күөл алдьаммыт мууһа, истэрдии, оргууй   тохтуурга дылы гынна. Эмискэ чуумпуга чугас талах тыаһаата. Маабыра ол бөлөх үүнэн турар талахтар диэки хаамта. Санаатыгар, оҕотун бу талахтар ханна да ыыппатах буолуохтарын курдук, аҕыйахта хардыылаата да, хараҕа Оппуонньатын олус да кэҥээбит хараҕар хатанна. Ийэ тохтоон хаалла, уолун диэки илиитин уунна, уол дөйбүт курдук көрөн турда… Маабыра олох холкутаан хаалбыт куолаһынан:

— Һыллыый, Оппуонньа кэлиий, мин олус да сылайдым,—диэн иһиллэр иһиллибэттик ботугураата. Уол хамсаан да көрбөт, турбутун курдук турар. Күөлгэ тыылаахтар усталлар, сорохтор күөлү эргийэ хааман олох чугаһаатылар. Маабыра эмискэ хараҕа хараҥарда, байааттаҥнаан ылла, кулгааҕар олус чуор Оппуонньатын:

— Ийээ!-хаһыыта иһилиннэ, хаарга охтон эрэр ийэтин өрүһүйүөхтүү сулбу ыстанан таҕыста.

Тула дьон баар буола түстүлэр, Оппуонньаны кууһан ыллылар, ытыы-ытыы ийэтигэр бара сатыыр уолу уоскутан уҕарыта сатыыллар. Сорохтор Маабыраны тулалаан көтөҕөн ыллылар, ыраахтан Дьэкиим:

—Сыарҕалаах ат кэллэ! Түргэнник балыыһаҕа илдьэ охсуохха!

—Барахсан биэс килэмиэтир курдук сири хайдах сүүрэн кэлээхтээбитэ буолла. Кырааската баран эрэр, хойутаппатах киһи,—ботур-итир кэпсэтэн сыарҕалаах акка Сүөкүлэ көрөн-истэн барсарын тиэтэлинэн дьаһайдылар.

*

Сүөкүлэ Маабыра көлөһүнүн сото-сото суолун көрөр, санаатыгар, аттара бытаарар курдук. Чугас да соҕус буолуохтаах этэ. Уйбааны тиэтэтэн барар, киһитэ саҥата суох сөбүлэһэн, өс киирбэх Һаттыыр. Маабыра ынчыктаабат даҕаны, хараҕын да арыйбат. Кини арай этэ умайарын, сытар сирэ сып-сылааһынан илгийэрин билэр курдук, оччоҕо мэйиитэ эргийэн ханна эрэ устан хаалар. Сүөкүлэ сотору-сотору Маабыра сабыытын арыйан көрөр, дьахтар кубарыйдар кубарыйан иһэр сирэйин көрүөн да куттанар. Оо, бу кырааската барара элбэҕин, балыыһа сыырын анныгар кэллилэр да, эмискэ Маабыра өрө түллэс гынна, өрө уһуутаан баран биирдэ хаһыытаан хаалла. Уйбаан атын бытаардан  иҥэһэтин тардыалаата. Сүөкүлэ түргэн үлүгэрдик сабыыны арыйа баттаата да, Маабыраны уһуутаппытынан таҥаһын тоҕо тардан ыларын кытта, аллара кырачаан оҕо ньылбыс гынна. Сүөкүлэ өр толкйдуу барбата, оҕо киинигэр тииһинэн түстэ. Сүөкүлэ: «Кытаат, уолчаан, ытаа, саҥаҕын ийэҕэр иһитиннэр,»— оҕо эмэһэтин сымнаҕастык ытыһынан чапчыйан ылла. Чочумча буолаат, оҕо сэниэтэ суох бэбээрдэ. Ол икки ардыгар ат балыыһа иннигэр хорус гына тохтуу биэрдэ. Уйбаан олус сылбырҕатык балыыһаҕа ойон киирэн бырааһы батыһыннаран таҕыста.

……………..

Балыыһа иһэ уу-чуумпу. Маабыра оргууҋ аҕаҋ иһин хам туттубутунан оронугар эргичиҥнээн ылла. Бу ааспыт күн кини сүрэҕэр оспот бааһы хаалларда. Балыыһаҕа наһыылканан көтөҕөн киллэрбиттэрэ. Оҕотун хаата кэлээтин кытта ханна да баарын билбэт буолбута. Онтон биирдэ иһиттэҕинэ эмиэ оҕо ытыыра: «Оо, уолаттар барахсаттар, эрдэлээн хааллылар,»- диэн саҥаттан өҋдөнөн иһэн, оҕо ытыыра эмискэ тохтообутугар эмиэ өҋүн сүтэрбитэ.

Сарсыарда, олус эрдэ быһыылаах, аттынааҕы ороҥҥо хатыҥыр кыыс токуллан сытарын көрдө. Бу кыыс чачархай баттаҕын таптыы көрдө. Кыысчаан олус күүскэ сөтөллөн барбытыгар, арай кини Каачата буоларын билбитэ. Үөрүүтүттэн хараҕын уута, дьэ, субуруйан барда. Саҥа сырдаан эрэр көрүдүөр устун олус чиҥник үктэнэр атах тыаһа иһилиннэ, балаата аанын оргууй, сэрэнэн арыйан  быраас киирдэ, Каача бэгэччэгин тутан иһиллээтэ, тэтэрээтигэр сурунна. Онтон  Маабыра диэки хайыста, ытыһынан сүүһүн саба тутан көрдө уонна уһуктаҕаһын билэн:

—Маабыра, кутурҕаҥҥын тэҥҥэ үллэстэбин. Барытын билэн сыттаҕыҥ, игирэ уолаттар куоттулар. Бэйэҕин, хата, быыһаатыбыт. Эн сэттэ оҕоҥ туһугар барытын тулуй,—диэн чиҥ-чиҥник саҥарда.

Маабыра хараҕар тоҥ буорга Миичэкийэ, баара-суоҕа бэһис кылааска саҥа киирбит уолчаана уонна алтыс кылааска үөрэнэр Диимискэтэ муус-кырыа быыһынан субу ойон туруохтуу, оттон аттыларыгар эмиэ кинилэр аймах, биир удьуор сиэн оҕолоро — уоллаах кыыс бу туох буоллубут диэбиттии сытаахтыыллара көстөн кэллэ.

Суох, кини манна сытыа суохтаах. Туох баар күүһүн түмэн, күҥҥэ көрбүт улаатан эрэр чыычаахтарын уонна бу иэдээнтэн эрдэлээн аҕыс ыйдаах уолчааннара ытаан иһэн анараа дойдуга арахсыбыттарын атаара, хайаан да бардаҕына сатанар. Ити туһунан эппитигэр, Маабыра быһаарыныытын, быраас ылынна. Ийэ барахсан оҕолорун кытта бырастыыласпатаҕына кыракый, олус чарааһаабыт сүрэҕэ тулуйуо суоҕун билэрэ.

……………..

Маабыра балаҕаныгар киирбитэ көмүлүөк оһох уота үөрбүттүү тачыгырыыр тыаһа иһилиннэ. Оппуонньата сүүрэн кэлэн кууһа түстэ. Ийэтин кэннигэр уҥуох да тирии дииллэринии ыран хаалбыт эдьиийин көрөн хараҕын уута быыстала суох сүүрдэ. Оттон Каача быраатын таптаабыттыы унаарыччы көрөр сырдык харахтарыгар эмиэ харах уута бычалыйда, туттуна сатаан тас  таҥаһын көхөҕө ыйаабыта буолла. Оппуонньа эдьиийин сиэтэн илдьэн ыскамыайкаҕа олорто. Уонна хайдах эрэ уларыйан хаалбыт куолаһынан:

—Эдьиэй, убайдаах тоҕо күөлгэ киирбиттэрэй?—диэт эмиэ хараҕын уута саккыраан бараахтаата.

Каача саҥата суох ийэтин, аҕатын көрдө. Аҕата оргууй аҕай кыыһын төбөтүттэн имэрийдэ:

—Һыллыай, бырааккар кэпсээ. Баҕар, уоскуйуо.

—Оттон…Онтон… Кинилэр наһаа түргэн этилэр. Хаарга сурук баар этэ… Инники барбыт оҕолор күөлү туораабыт этилэр… Ону… Ону Диимискэ: «Муус турбуоот! Оҕолор мууһунан бардыбыт, ситиҥ диэбиттэр. Бу хаарга суруйбуттар! Эдьиэй, түргэнник! Түргэнник!»—диэн баран сүүрэ турбуттара. Мин хаһыытаабытым дии, ону истибэтэхтэрэ. Сүүрэ турбуттара. Эйигин күүтээри гыммытым да, Миичэкий хаһыытын истээт, мин эмиэ кинилэргэ сүүрбүтүм.—кыысчаан куолаһа титирэстээн ытаан барда, онтон остуолга умса түстэ. Оппуонньа:

—Эдьиэй, ытаама. Көр, бу мин ытаан бүттүм дии. Эн миэхэ сүүрэн иһэн кииримэ диэн хаһыытаабыккын истибитим ээ. Наһаа куттаммытым, ханна эрэ куотуохпун баҕарбытым, эһиги ууга сылдьаргытын көрүөхпүн баҕарбатаҕым. Ким эрэ, туох эрэ миигин талах быыһыгар илдьэрин курдук, атаҕым онно хаампыта. Сороҕун өйдөөбөппүн, дэлби тоҥмутум, эһиги хаһыытыыр этигит. Онтон ийэбин көрбүтүм да, бу сымыйа көстүү, кини хайдах бачча ыраахха кэлиэй дии санаабытым. Онтон ийэм охтон эрэрин көрөн, тутаарыбын, саһан турар сирбиттэн ойон тахсыбытым,—Оппуонньа букатын улахан оҕолуу эдьиийин харытын имэрийэ-имэрийэ оргууй саҥара олрбута. Маабыра оҕолорун көрөн уйадыйбытын биллэримээри, биирин ситэ туола илик кыысчаанын чаачыгырыыр саҥатын истэн, аралдьыйа сатаабыта. Сэттэ оҕо диэтэххэ дьиэ иһэ чуумпу, арай кырачаан Аанчык бэйэтин тылынан быычыгырыыр-чыычыгырыыр. Сөп буола-буола улахан оҕолор бары атастаһа сылдьан көтөҕөллөр, остуолга баар астан айаҕар угаллар. Ол аайы кыысчаан үөрэн даллаҥныыр, чаачыгырыы чаҕаарар, биллэр-биллибэт куударалаах сып-сырдык, чачархай баттаҕа сэрбэҥниир.

……………….

…Толоон кыракый түөлбэтигэр алта оҕону кистиир күннэрэ үүммүтэ. Тыа дьоно барахсаттар, харахтарын уутун кистэһэ-кистэһэ, тэҥнэһиэхтэрэ дуо, бары биир кутурҕаҥҥа суулаһа сылдьар буолан, түргэн түргэнник бары сиэри толорбуттара.

Киэһээҥҥи чэйдэрин чэйдии олорон аҕалара Өндөрөй көхсүн этиппэхтээтэ, ол кэннэ холкутаабыт куолаһынан:

—Оҕолорум эрэ буолларгыт, быраатаргытын, убайдаргытын умнумаҥ. Ол эрээри ким да ытыы-соҥуу сылдьыа суохтаах. Киһи олоҕо үөһэттэн ыйаахтаах дииллэр. Сарсыарда мин төһө эмит сэрэппитим үрдүнэн сүүрэн хаалаахтааннар ситэ тоҥо илик уонна кэбирээбит мууска киирэн былдьанаахтаатылар. Оттон Оппуонньаны Айыыһыта харыстаан талах быыһыгар саһыарбыт. Каачабыт улаатар, оҕолонор ыйааҕар дьон кэмигэр кэлэн быыһаатылар. Онон дьон үтүөтүгэр өрүү махталлаах буолуҥ,— Маабыратын олус аһыммыт, харыстаабыт хараҕынан көрдө:

—Оттон, эн, доҕоор, аны хотоҥҥо эҥин тахсыма. Дьиэҕэр кыра кыыскынаан олор. Хотону дьоммун уонна бу оҕолорбун кытта бэйэбит хайдах эмит үллэстэн көрүөхпүт. Билигин бары ону-маны санаабакка утуйа сатыаҕыҥ. Сарсын эмиэ үлэ күнэ,— этэрим манан бүттэ диэбиттии остуолтан турда.

Маабыра чочумча саҥата суох олордо, онтон кэҥээбит быһыынан:

—Аҕаҕыт сөпкө этэр. Барыбытыгар ыарахан, онон төһө кыалларынан үчүгэйи эрэ саныаҕыҥ. Оппуонньа уонна Каача бүгүн миигинниин утуйуҥ,—диэбитигэр Каача кэлэн ийэтин кууһа түстэ уонна:

—Ийээ, мин бүгүн аҕабын кытта утуйабын? Эн аттыгар ороҥҥо дии. Наһаа да ахтыбыппын аҕабын, барыгытын, дьиэбин,— диэн ситэ саҥарбакка эмиэ хараҕын уута таммалаан барда.

Маабыра:

—Котокубун даа… Чэ, сарсын миигинниин утуйаар. Бүгун Оппуонньа,—кыыһын төбөтүттэн сыллаан ылла. Оттон убайдара Боруонньа кырачаан кыыстарын көтөҕөн:

—Оттон Аанчык, хата, миигинниин утуйабын диир,—диэн араастаан таптаан ымманыйа-ымманыйа  оронун диэки көтөҕөн барда.

………………

Төһө да элбэх хонуктар биллибэккэ аасталлар, Маабыра сүтэрбит оҕолорун аһыйан өрө тыынара, кистээн ытыыра кэмэ суох. Түүн ортото уһуктан кэлэрин кэргэнэ биллэр даҕаны, хайдах уоскутуон билбэт, бэйэтэ да тууйуллара кэмнээх буолуо дуо… Биир күн сарсыарда эрдэ, дьон-сэргэ туруон иннинэ,  Маабыратын сыарҕалаах акка олордон Элгээн күөлүгэр айаннатта. Күөл кытыытыгар тиийэн Өндөрөй тула өттүн көрүннэ, быһаарыныылаах куолаһынан:

—Оҕолорбут айаннарын суолугар көрсөр

Күөлбүт иччитэ, Эбэ Хотуммут,

Оҕолорбут дуорааннаах хаһыыларыттан

Тэһииркии санаабыт буоллаххына,

Бука диэн, уҕарый.

Көмүс чыычаахтарбыт анараа олохторо

Уу нуурал буоларыгар көмөлөс диэн

Ааттаһар саҥабын, бука, иһит диэн

Амтаннаах алаадьынан күндүлээтэҕим буоллун!— диэн баран күөл кытыытыгар алаадьы уурда.

Маабыра ис кутугар иҥэриммит элэ-была тылын барытын саҥата суох, санаатынан күөлгэ анаан иэйэ-куойа тураахтаата. Ыксыы-ыгылыйа сылдьан, баҕар, сатамньыта суох тылласпыт буоллахпына, бука, баалаама, оҕолорун сүтэрбит ийэ оччотооҕу кутун-сүрүн өҋдөө дуу диэн ааттаһыы тылларын саҥа таһаарбакка анаахтаата. Өндөрөй барытын өйдүүр буолан кэргэнигэр:

—Маабыра, «Аан дойдуну санаа тутан турар» уонна «Киһини санаата салайар» дииллэр.  Онон, санаабыт хайа диэки халыйар да, олохпут ол диэки салаллар.—диэбитигэр биирэ сөбүлэһэн төбөтүн кэҕиҥнэттэ, илии илиилэриттэн сиэттиһэн аттарын диэки чэпчээбиттии, эрэллээхтик хаамтылар. Аттарыгар чугаһаан иһэн, Маабыра сиэбиттэн Оппуонньата суулаан биэрбит алаадьытын хостоон, уолугар харысхал буолбут бөлкөй талах хаарын тарыйан уурда:

—Оҕом Оппуонньам тыынын өрүһүйбүт айылҕам маанылара, оҕобун кытта бары  тэҥҥэ, бииргэ үүнүҥ, улаатыҥ,—диэн ботугураата.

Ийэлээх аҕа санааларын сиппиттии, аттарын тэһиинин айан суолугар киирэрдии салайа туттулар.

Сэгэлдьийэ Чээлэй,  2021 с.,  бэс ыйа

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0