Олоҥхоһут Бүөтүр Оҕотоойоп «Элэс Боотур» олоҥхото турок тылыгар тылбааһа тахсыбыт. Кинигэни «Комен» диэн кинигэ кыһата бэчээттээбит. Бырайыак ааптардарынан уонна тылбаасчыттарынан Метин Эргүн, Чокуур Гаврильев уонна Тит Захаров буолаллар.
Биһиги хаһыаппытыгар кылаабынай эрэдээктэрдээбит, бырайыак ааптардарыттан биирдэстэрэ, СӨ сибээс уонна информационнай технологияларга миниистири солбуйааччы Чокуур Гаврильевы кытта кэпсэттибит:
—«Элэс Боотур» олоҥхо ааптарын уолун, аатырбыт хомусчут Бүөтүр Оҕотоойобу билэр этим. 2005 сыллаахха, оччолорго «Саха» НКИХ үлэлии сырыттахпына, кини аҕатын олоҥхотун турок тылыгар тылбаастыырга көрдөспүтэ. Тит Захаровтыын (билигин тутуу фирматыгар дириэктэрдиир) сүбэлэһэн баран, холонон көрөргө быһаарыммыппыт. Тылбаастаан баран, хардарыта тиэкистэрбитин көрөрбүт, тылбытын-өспүтүн эбэн, тупсаран биэрэрбит. Оннук сыл аҥаарын кэриҥэ үлэлэспиппит. Бүөтүр Оҕотоойоп орто дойдуттан букатыннаахтык барбытын кэннэ, аймахтара биһиэхэ сибээскэ тахсан, олоҥхону бэчээттээн күн сирин көрдөрөргө көрдөспүттэрэ. Маныаха «Бичик» кинигэ кыһатын кылаабынай эрэдээктэрэ Валерий Луковцев өйөөн, тылбааспытын Турцияҕа профессор Эргүҥҥэ ыыппыта. Онон профессор Метин Эргүн көмөтүнэн, уон сыл буолан баран, Бүөтүр Оҕотоойоп ыра санаатын дьэ толордубут. Олоҥхо күн сирин көрдө», — диэн эттэ.
Профессор Метин Эргүн Гази (Анкара) университетыгар үлэлиир. Турция парламеныгар икки төгүллээн депутатынан талыллыбыта. Саха фольклорун улаханнык сэргиир, сэҥээрэр. Саха олоҥхотун хас да төгүллээн таһаарыы ааптара. 2013 сыллаахха «Саха эпоһа уонна Эр Соҕотох» диэн үлэтэ бэчээттэммитэ. 2015, 2016 сыллардаахха Иннокентий Пухов «Якутский героический эпос олонхо: основные образы» уонна Николай Емельянов «Сюжеты Олонхо о родоначальниках племени» үлэлэрин тылбаастаабыта.
Петр Васильевич Оготоев 1910 сыллаахха төрөөбүтэ. Уус-Амма нэһилиэгин олоҥхоһута. САССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, этнопедагог, музеевед. Бу иннинэ кини «Эһэ Хара аттаах Элэс Боотур» биллиилээх олоҥхото нуучча, француз, англия тылларынан тахсыбыттара.