Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ сайдарын, социальнай өттүнэн туруктаах буолары хааччыйар миэрэлэри ылынар туһунан ыйааҕа муус устар 2 күнүгэр тахсыбыта. Биир сүрүн хайысханан нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин бастакы уочарат хааччыйарга туһуламмыт былааны ылыныы буолар.
Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова этэринэн, билигин аҕам саастаах дьоҥҥо ордук болҕомто ууруллар. Министиэристибэ туох баар төлөбүрдэри, босуобуйалары хантаактаспакка, сайабылыанньа да суруллубакка, төлөнөрүн курдук үлэни хааччыйар сыаллаах.
Холобур, киин куоракка “изоляцияҕа” олорор, 65 саастарын ааспыт дьоҥҥо 4000 тыһыынча солкуобайы биэрэр туһунан Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыта. Бу көмө аҥаара төлөннө, сайаапката суох 20 180 киһиэхэ 40,4 мөлүйүөн солкуобайы ыыттылар. Оттон үлэлиир биэнсийэлээхтэр дааннайдарын үлэни биэрээччилэрэ социальнай көмүскэл управлениетыгар электроннай көрүҥүнэн тиэрдиэхтээхтэр, оччоҕо кинилэргэ төлөнөр.
Ил Дархан кулун тутар 20 күнүнээҕи ыйааҕынан, бырабыыталыстыбаҕа нуорма аахтата кылгас кэм иһигэр бигэргэниэҕэ. Ол чэрчитинэн, 70-80 саастаах дьоҥҥо көрүллэр көмө эмиэ сайаапката суох оҥоһуллар буолуоҕа. Сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, огдооболоругар, сэрии кэмин оҕолоругар көрүллүбүт төлөбүрдэр сайаапката суох бу ый устата төлөнөн бүтүөхтэрэ.
“Билиҥҥи туругунан, маннык төлөбүрү 11 тыһыынча бэтэрээн уонна сэрии кэмин оҕолоро ыллылар. Манна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 130 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Барыта 24 тыһыынча бэтэрээн уонна сэрии кэмин оҕолоро ылар бырааптаахтар”, — диэн миниистир чуолкайдаата.
Ону тэҥэ, бу күннэргэ судаарыстыбаннай өҥөнү биэрии быстах бэрээдэгэ оҥоһуллуо. Ол эбэтэр, 2020 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри, социальнай өйөбүл миэрэлэрин: босуобуйалары, төлөбүрдэри ыла сылдьыбыт дьон хос регистрацияламмакка, уһаппакка ылар кыахтаналлар. Босуобуйаны, төлөбүрү саҥа ылар дьон сайабылыанньаларын, докумуоннарын e-yakutia портал нөҥүө электроннай көрүҥүнэн ыытан, оҥорторуохтарын сөп.
Ил Дархан муус устар 2 күнүнээҕи ыйааҕын толорон, билигин сокуон барыла оҥоһулунна. Бу сокуон өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын туһаныыны кэҥэтиэҕэ. Холобур, 2020 сылга сэртипикээттээх дьон хапытаалтан 15 тыһыынчаны ылан туһаныахтарын сөп буолуоҕа. Бу элбэх оҕолоох ыалларга эбии көмө буолар. Бу сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын үбүлээһиҥҥэ 515 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru