Елена Волкова: «Бэрэсидьиэн социальнай үлэһиттэргэ махталын биллэрдэ»
СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова бэрэсидьиэн Владимир Путин Анал этиитин туһунан санаатын үллэһиннэ.
— Бэрэсидьиэн Анал этиитин баһыйар үгүс чааһа социальнай эйгэҕэ, нэһилиэнньэни өйүүргэ, дьадайыыны утары охсуһууга, демографическай сайдыыга туһуламмыт. От ыйын 1 күнүттэн аҥаардас төрөппүттэргэ, хат дьахталларга көмө саҥа миэрэлэрэ ылыллыахтара, онон оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр систиэмэ кэҥээн биэрэр.
Дойду аҕа баһылыга социальнай сулууспалар, кырдьаҕастар интэринээт-дьиэлэрин үлэһиттэригэр туһулаан махтал тылларын эппитин олус үөрэ иһиттибит. Уустук кэмҥэ үлэһиттэрбит мөлтөөн-ахсаан биэрбэккэ, чиҥээн, эппиэтинэстэрэ өссө үрдээн биэрдэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр социальнай көмүскэл систиэмэтигэр 5,5 тыһыынча киһи үлэлиир. Реабилитационнай кииннэр, интэринээт-дьиэлэр, социальнай хааччыйыы үлэһиттэригэр үрдүк эппиэтинэс сүктэриллэр – үлэ, хамнас, дуоһунас эрэ туһуттан буолбакка, сүрэхтэрин ыйыытынан кыаммат дьоҥҥо көмөлөһөр, үтүө дьыаланы үксэтэр аналлаахтар, — диэн кини эттэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru