Елена Прокопьева: «Сайда-үүнэ тур Сахам сирэ!»

Ааптар: 
27.04.2022
Бөлөххө киир:

Сайда-үүнэ тур Сахам сирэ!

Улуу Өктөөп тэргэнин
Ньиргиэриттэн уһуктан,
Сайдан-үүнэн барбытыҥ,
Сахам сирэ барахсан!

Хараҥаттан сырдыкка,
Хаалыыттан сайдыыга
Тахсар суолу булбутуҥ,
Талаһаҕын уурбутуҥ.

Уоттаах сэрии толоонугар
Уһаарыллан буспутуҥ,
Улуу Кыайыы туһугар
Уоту-ууну ааспытыҥ.

Бүгүн сахам кыраайа,
Бастыҥнарга сылдьаҕын,
Бары көххө кыттаҥҥын ,
Балысханнык сайдаҕын.

Улуу Лена эбэҕэ
Модун муоста тутуллан,
Сырыы-айан элбиэҕэ,
Сыыдамсыйыа, түргэтиэ.

Сайдыы саҥа суолунан
Саргы-дьаалы тардыһан,
Үрдүк сыалга дьулуһан,
Үөрүүбүтүн үрдэтиий!

Үбүлүөйдээх сылынан
Үөрэн-көтөн тураммыт,
Уран саха тылынан
Уруй-айхал этэбит!

Елена Прокопьева.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0