Нам улууһугар педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Нам улууһун, I Хомустаах Ытык киhитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, «Эҥсиэли», «Кыым» хаhыаттар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрэ Елена Ивановна Неустроеваттан кини дьиэ кэргэнин учуутал династията саҕаламмыта.
Елена Ивановна 1941 сыллаахха от ыйын 21 күнүгэр Нам оройуонун Үѳдэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Иван Васильевич Неустроев, ийэтэ Марфа Михайловна Ядреева Үөдэйгэ «Пушкин» холкуоска сүѳһү кѳрүүтүгэр үлэлээбиттэрэ. Аҕата Елена төрүөн 4 ый иннинэ, онтон ийэтэ 15 саастааҕар ѳлбүттэрэ. Онон кыыс эбэтэ Александра Николаевна Эверстоваҕа, ийэтин кытары бииргэ тѳрѳѳбүт Алексей Михайлович Ядреевка иитиллибитэ.
1949 сыллаахха 9 саастаах кыысчаан Үөдэй начаалынай кылаастаах оскуолатыгар нулубуой кылааска үѳрэнэ киирбитэ. 1954 с. начаалынай оскуоланы бүтэрбитин кэннэ Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатыгар киллэрбиттэрэ. 1961 с. оскуоланы бүтэрэн, Намҥа «Карл Маркс» холкуоска Бѳтүҥ учаастагар хомсомуол путевкатынан кылааһынан ыанньыксыттыы тахсыспыта. Үлэ быыһыгар Бѳтүҥ оскуолатыгар пионер баһаатайдаабыта.
1963 с. Бөтүҥҥэ Ильин Николай Николаевичтыын ыал буолбуттара. Эһиилигэр Елена Намнааҕы педагогическай училищеҕа математика уонна физика учууталларын бэлэмниир биир сыллаах кууруска үѳрэнэн, «8 кылаастаах оскуолаҕа математика уонна физика учуутала» диэн дастабырыанньалаах I Хомустаах оскуолатыгар үлэтин саҕалаабыта. Манна 2 сыл үлэлээн баран, төрөөбүт-үөскээбит Үѳдэйин 8 кылаастаах оскуолатыгар көспүтэ. Эдэр киһи билиитин өссө элбэтэр туһугар 1974 с. Благовещенскайдааҕы педагогическай институкка кэтэхтэн үөрэххэ киирбитэ. 1975 сылтан I Хомустаах оскуолатыгар үлэтин салҕаабыта.
Елена Ивановна учууталлыыр эрэ үлэтинэн муҥурдаммакка, сельсовекка дьокутаатынан талыллыбыта, ону сэргэ I Хомустаах нэһилиэгэр сельсовет сэкирэтээринэн талыллан, уонча сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Өр сыллар тухары кини суруйуулара улуустааҕы «Ленин суола», «Эҥсиэли», онтон «Кыым», «Саха сирэ», «Эхо столицы», «Забота», «Эдэр саас», «Она+» хаһыаттарга бэчээттэммиттэрэ. 2019 сыл түмүгүнэн «Эҥсиэли» хаһыат бастыҥ кэрэспэдьиэнинэн ааттаммыта.
1991 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсан, оскуолаҕа начаалынай кылаас оҕолорун үөрэппитэ, дьиэҕэ олорон үөрэнэр оҕолорго учууталлаабыта. «Сайдыыга» иис куруһуогун салайбыта. 1995-2001 сылларга «Мичээр» оҕо үҥкүү ансаамбылыгар костюмерынан үлэлээбитэ.
х х х
Елена Ивановна 2 оҕолоох, 9 сиэннээх, 7 хос сиэннээх дьоллоох ийэ уонна эбээ.
Улахан оҕолоро Саргылана Николаевна Винокурова, эмиэ ийэтин курдук, учуутал идэтин талбыта. 1985 сыллаахха кэргэнэ Андрей Егорович Винокуровтыын Комсомольск-на Амуре куоракка педагогическай институту бүтэриэхтэриттэн ыла үѳрэммит оскуолатыгар 37-с сылын үлэлии сылдьар. Саргылана Николаевна үөрэммит оскуолатын устуоруйатын мусуойун 2007 сылтан тэрийэн үлэлэтэр. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар куонкурустарга, олимпиадаларга элбэх оҕону кытыннарар. Кини – үрдүк категориялаах учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үөрэнээччилэр билиниилэрин ылбыт учуутал буолбутун туоһулуур бэлиэлээх, үлэ бэтэрээнэ.
Кэргэнэ Андрей Егорович география учууталынан, «Горизонт» туристическай кулууп салайааччытынан 16 сыл үлэлээбитэ. Элбэх оҕону туризмҥа, спортивнай ориентированиеҕа дьарыктаан, улуус, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымыгар тиийэ күрэхтэһэллэрэ. Үѳрэтэр оҕолоро олимпиадаларга, научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэлэргэ ѳрүү бастыыллара кини предметин үрдүк таһымҥа баһылаабытын кѳрдѳрѳрѳ. Улуус, өрөспүүбүлүкэ учууталларыгар, туристическай инструктордарга элбэх маастар-кылаастары ыыппыта. Андрей Егорович бастыҥ үлэтэ СӨ Үөрэххэ, Айылҕа харыстабылыгар министиэристибэлэрин Бочуотунай грамоталарынан, граннарынан бэлиэтэммитэ. Инникигэ элбэх былааннаах үлэлии-хамсыы сылдьан, 2003 сыллаахха, баара-суоҕа 43 сааһыгар ыарахан ыарыыттан соһуччу суох буолан чугас дьонун аймаабыта.
Винокуровтар 4 оҕолоро бары үрдүк үѳрэхтээхтэр. Улахан кыыстара, эбэтин аатын сүкпүт Елена Андреевна Саха судаарыстыбаннай университетыгар саха салаатын бүтэрбитэ, саха тылын уонна литературатын, английскай тыл учуутала идэлээх. П.А.Ойуунускай аатынан литература мусуойугар пуонда сэбиэдиссэйинэн үлэлиир, СӨ култууратын туйгуна. Кэргэнэ Евгений Егорович Горохов — ХИФУ сурук мусуойун дириэктэрин солбуйааччы, РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, нуучча географическай уопсастыбатын дьиҥнээх чилиэнэ. Кэскил уонна Күн Куо диэн оҕолордоохтор.
Иккис оҕолоро Андрей Андреевич Винокуров ХИФУ биология-география факультетын бүтэрэн, аҕатын туйаҕын хатаран, 5 сыл география учууталынан үлэлээбитэ. Аҕатыттан уһуйуллан, кыра эрдэҕиттэн олимпиадаларга, күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттара, экспедицияларга, похуоттарга тэбис-тэҥҥэ сылдьара. Билигин бэйэтин сѳбүлүүр дьарыгынан дьарыктанар, тимир ууһа. Кэргэнэ Юнна Георгиевна география факультетын бүтэрэн, I Хомустаах оскуолатыгар география учуутала, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы. Нам улууһун эдэр учууталларын куонкурустарын кыайыылааҕа. Ульяновскай куоракка хамаанданан кыттан кэлбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи метотурнирга бастаабыттара.
Юнна Георгиевна — эмиэ учуутал дьиэ кэргэн оҕото. Аҕата Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Георгий Григорьевич Захаров өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр физик-учуутал. Оҕолоро Георгий уонна Валерий – оскуола үөрэнээччилэрэ, аҕаларын кытары успуордунан дьарыктаналлар.
Үһүс оҕолоро Анна Андреевна – ХИФУ филологияҕа факультетын суруналыыстыка отделениетын бүтэрэн, Мииринэй куоракка «Алмаастаах кыраай» теле-араадьыйа хампаанньатыгар 7-с сылын үлэлиир. Хайыһарга, спортивнай ориентированиеҕа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, призера.
Кыра кыыстара Айыына Андреевна Винокурова Нам улуустааҕы гимназиятын бүтэрэн, ХИФУ ИЗФИР (ФИЯ) дьоппуон отделениетыгар үѳрэммитэ, Ямагата куоракка биир сыл стажировкаламмыта. Английскайдыы, дьоппуоннуу холкутук кэпсэтэр. Билигин Дьокуускай куоракка EnglishMate тыл оскуолатыгар учууталлыыр.
Елена Ивановна иккис оҕото Николай Николаевич Ильин Тѳҥүлүгэ суоппар идэтигэр үѳрэнэн, «Нам» сопхуоска суоппарынан үлэлээбитэ. Билигин дьиэтин-уотун, сүѳһүлэрин, оҕуруотун, тус хаһаайыстыбатын көрөр-истэр. Саха ыалыгар наада буолар тиэхиньикэ: массыына, тыраахтар, от охсор толору баар ыала. Кэргэнэ Валентина Васильевна Партизаҥҥа «Гранд» маҕаһыыҥҥа үлэлиир. Ильиннэр 5 оҕолоохтор.
Улаханнара Алексей ыраах айан суоппара, Магадантан, Иркутскайтан, хотунан-соҕуруунан сылдьан таһаҕас таһар. Кини ийэтэ Елена Ивановна таайа, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Үѳдэй нэһилиэгин Ытык киһитэ Алексей Михайлович Ядреев аатынан ааттаммыта. Анжелина, Аэлита диэн кэрэчээн кыргыттардаахтар.
Иккис оҕолоро Алена Николаевна Дьокуускайга «Прометей» маҕаһыыҥҥа товароведтыыр. Милена диэн кыыстаах.
Онтон кэлэр оҕолор Алина – ХИФУ хайа факультетын 3-с кууруһун устудьуона, Николай сыбаарсык идэлээх, үлэтин саҕалаата, Владик – Партизан оскуолатын үѳрэнээччитэ.
х х х
Учууталлар династияларын саҕалааччы Елена Ивановна Неустроева математика учууталын идэтин таларыгар начаалынай кылааска математикаҕа үөрэппит учуутала Григорий Алексеевич Лазарев олук уурбута. Намнааҕы педагогическай училищены, Благовещенскайдааҕы педагогическай институту бүтэрэн баран, үөрэхтээһин эйгэтигэр талбыт идэтинэн 42 сыл устата математика, физика учууталынан үлэлээн кэллэ. Кыыһа Саргылана Николаевна ийэтин түбүктээх үлэтин төһө да көрө-билэ улааттар, учуутал идэтин таларыгар ийэтэ Елена Ивановна үтүө холобур буолбута саарбаҕа суох.
Ол туһунан Елена Неустроева:
«Кыыһым Саргылана оскуолаҕа үѳрэнэ сырыттаҕына, уруогун бэлэмниир кэмигэр мин эмиэ сарсыҥҥы уруокпар бэлэмнэнэрим. Үѳрэнэ сырыттаҕына карточкалары оҥотторон, уруһуйдарбын оҥорорбор кѳмѳлѳһүннэрэрим, нагляднайдарбын оҥорторорум. Үѳрэҕим туһунан элбэхтик кэпсиирим. Саргылана начаалынай кылааска үѳрэппит учууталын Аграфена Николаевна Софронованы олус убаастыыр. Ити барыта кини алын сүһүѳх кылаас учуутала буоларыгар олук уурбута», – диэн кэпсиир.
Онтон Саргылана Николаевна кылаас салайааччытын быһыытынан улахан болҕомтотун төрөппүттэри кытары үлэҕэ уурар. Оҕону иитиигэ элбэх төрөппүт бииргэ үлэлэһэрин туһугар дьиэ кэргэн аптарытыатын өрө көтөҕөргө, төрөппүттэр интэриэстэрин учуоттуурга, кинилэр олоххо ылбыт үөрүйэхтэригэр тирэҕирэргэ кыһаллар. «Хас биирдии оҕо талааннаах, киниэхэ ситиһиини уонна бэйэҕэ эрэли сайыннар» диэн тускулу тутуһан ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар.
Елена Ивановна Неустроева үлэлээбит ыстааһа – 40, Саргылаана Николаевна Винокурова – 37, Андрей Егорович Винокуров – 16, Юнна Георгиевна Винокурова – 7 сылга тэҥнэһэллэр. Уопсай ыстаастара — 105 сыл.
Елена Ивановна Неустроева сыралаах үлэтэ элбэх наҕараадаларынан, дипломнарынан, Махтал суруктарынан уо.д.а. бэлиэтэммитэ.
Үөрэппит оҕолоруттан уонтан тахса киһи учуутал идэтин талбыта элбэҕи этэр. Кинилэр ортолоругар математика, физика, биология, нуучча тылын, начаалынай кылаас учууталлара, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитээччи, дефектолог-учуутал, хореография педагога уо.д.а. бааллар.
Елена Ивановна Неустроева дьиэ кэргэнэ иитии-үѳрэтии эйгэтигэр, 1 Хомустаах ыччатын иитиигэ сэмэй кылаата баарыттан олус үөрэр, учууталлар династиялара инникитин даҕаны көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан барыаҕар эрэнэр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыскалар: С.Н.ВИНОКУРОВА архыыбыттан