Елена Голомарева: «Төрөөбүт дойдубут сылаас тыына — Ийэ сылыгар»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Анал этиитигэр үүнээри турар сылы Ийэ сылынан биллэрбитин үгүс киһи сэҥээрдэ.

Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева бэйэтин санаатын бу курдук үллэһиннэ:

2021 сыл Арктика сайдыытыгар туһуланна. Ол чэрчитинэн үлэбит түмүгэ көһүннэ — бүгүҥҥү күҥҥэ  Арктика сайдыытыгар сокуоннаахпыт,  «Арктика оҕолоро», «Төрүт дьарыктар хайысхаларын сайыннарыы»  саҥа федеральнай бырагыраамалар баар буоллулар. Аны Хотугу муустаах муораҕа  мууһу алдьатан айанныыр сүүнэ хараабыллар таҕыстылар, инновационнай уот ситимнэрин туһаныы, хотугу эргимтэҕэ таһаҕаһы таһыы,  Арктика төрүт олохтоохторун барыларын сир, тырааныспар, дьиэ-уот нолуоктарыттан босхолооһун уонна да бары хайысханан үтүмэн элбэх үлэ барда. Тахсыылаах үлэ өссө да салҕаныа турар. 

2022 сыл Ийэ сылынан биллэрилиннэ.  Ийэ барахсан хас биирдии киһиэхэ саамай чугас киһитэ. Кини иэйиитэ, сүрэҕэ — оҕотугар. Онон Ийэнэн сирэйдээн бүтүн дьиэ кэргэҥҥэ барытыгар улахан болҕомто ууруллуоҕа. Сүрдээх киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох сыл буолуоҕар эрэнэбин. Мээнэҕэ Арктика сылын ситиһиитин холобурдаабатым.  Сайдыы тыына күүскэ биллиэҕэ.  Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүгэр төрөөбүт дойдубут сылаас тыына Ийэ сылынан биллиэҕэ. Онон үүнэр сылбытын сайдам сайаҕас санаалаах уруйдаан-айхаллаан көрсүөххэ! 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0