Елена Голомарева: «Аныгы табаһыт бары өттүнэн дэгиттэр буолуохтаах»

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Санкт-Петербург куоракка «Арктика: билиҥҥитэ уонна сарсыҥҥыта»  диэн  аан дойдутааҕы XI  форум буолла.  Тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн дьокутааттара кытыннылар.  

Форум туһунан кэпсииригэр Ил Түмэн хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар боппуруостарыгар уонна дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомареваҕа төлөпүөнүгэр эрийэн ыйыталаспыппытыгар: “Тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн тиийбит дэлэгээссийэ  үгүс секцияларга кытынна. Форумҥа  Арктиканы сайыннарыыга сүрүн оруолу ылыахтаах аччыгый авиация, дьиэни-уоту тутуу, Арктиканы ыраастааһын, хотугу аҕыйах ахсааннаах олохторун-дьаһахтарын тупсарыы  курдук тыын боппуруостарга бэрт кэпсэтиилэр, дьүүллэһиилэр буоллулар.

Аҕыйах ахсааннаах норуоттарга аналлаах секцияҕа сырыттым. Өр сылларга туруорсубут боппуруостарбытыттан Арктика тулатыгар олорор төрүт олохтоох дьон олохторун хаачыстыбата тупсуохтаах диэҥҥэ болҕомтобутун ууран үлэлээтибит. Ол курдук, төрүт олохторунан-дьаһахтарынан дьарыктанар дьон кыһыннары-сайыннары көс олоҕунан олороллоро биллэр.  Кинилэргэ туох көмө оҥоһуллуохтааҕын туһунан кэпсэтии барда. Быйыл  Арктика эргимтэтигэр урбааны сайыннарыыга  аналлаах федеральнай сокуон ылыллыбыта. Сокуоҥҥа саҥа түһүмэҕи киллэрбиппит билигин үлэлээн эрэр. Онон табаны иитиигэ улахан хамсааһын тахсыаҕа. Ону тэҥэ, “Арктика оҕолоро” диэн бырагырааманы  парламент туруорсуутунан олоххо киллэрэри ситистибит. Бу чэрчитинэн,    Арктика эргимтэтигэр олорор оҕолорбут доруобуйаларын туругун тупсарыналларыгар кыах бэрилиннэ.

Аны туран, ыччаты хайдах гынан Арктикаҕа сыһыарабыт диэн боппуруоска  үөрэх үрдүк кыһаларыгар  хотугу эргимтэҕэ олорор эдэр дьон үөрэнэллэригэр аналлаах тус сыаллаах миэстэлэри тэрийиэххэ диэн эттилэр. Бу туһунан этиини СӨ Парламена өссө  эрдэ  эппитэ. Биһиги саамай улахан сорукпутунан таба иитиитинэн дьарыктанар ыччат дьоммут билиҥҥи аныгы олоххо бары өттүнэн сөп түбэһэн дэгиттэр сайдыылаах буолалларыгар баҕарабыт. Бу манна ветеринарнай дьыалаттан саҕалаан мэдиссиинэни, IT-технологияны билэр-көрөр аныгы табаһыты бэлэмнээн таһаарарга ылсан үлэлиэххэ диэн этии киллэрдим”, — диэн кэпсээтэ.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0