Төрөппүттэр сүбэ ыла кэллэхтэринэ, оҕолорун бэрэбиэркэлээн көрөн баран: “Мөһөөччүккүт” туолбатах эбит”, — диэтэхпинэ – өйдөөбөтөхтүү көрөллөр диир. “Толугурас мөһөөччүк” уонна сахалыы логопедия тыын суолталаах боппуруостарын тула, 1983 сыллаахха Иркутскайдааҕы педагогическай институту бүтэриэҕиттэн, 44 сыл талан ылбыт идэтинэн үлэлиир, “Кустук” уһуйаан логопед-учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Елена Басыгысовалыын сэһэргэстибит.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
“Үлэм түмүгэ көстөрүттэн үөрэбин”
— Елена Петровна, 45 сыл, эттэххэ дөбөҥ. Оҕолору кытта үлэлиир уустук буолуо?
— 15 сыл устата Дьокуускайдааҕы психолого-медико-педагогическай хамыыһыйаҕа логопедтаан, оҕолору чинчийэн кэллим, ону сэргэ, методическай холбоһугу салайбытым. Ол иннинэ “Олененок” уһуйааҥҥа логопедтаабытым. Онтон хамыыһыйаҕа көспүтүм. Билигин үһүс сылбын оҕолору кытта дьарыктана сылдьабын.
Хамыыһыйаҕа үлэлээбитим, логопедтары салайбытым абырыыр. Ханнык ньыма туһалааҕын, туһата суоҕун көрөн кэллэҕим. Оҕолору кытта дьарыкка үлэм түмүгэ көстөр. Иитиллээччилэрим дорҕоону, тылы сөпкө саҥардахтарына, сыҕарыйыы көһүннэҕинэ – үөрэбин.
Оччотооҕу уонна аныгы кэм оҕолоро
— Аныгы уонна сэбиэскэй кэм оҕолоро уратылаахтар дуо?
— Билиҥҥи оҕо технология, куосумас өттүгэр наһаа сайдыылаах, билэрэ-көрөрө киэҥ. Ол гынан баран, биһиги оҕо сылдьан элбэхтик оонньуур, бэйэ-бэйэбитин кытта кэпсэтэр этибит. Аныгы оҕо уһуйаантан ураты оҕону кытта алтыһар эйгэтэ кыараҕас. Таһырдьа тахсан оонньуон — кэтэбил-манабыл, бириэмэ, хааччах. Урут төрөппүт дьиэ ис-тас үлэтигэр тугу гынарын, дьарыктанарын илэ көрөн, билэн улааппыппыт. Билигин оҕо онтон ыраах сылдьар.
Үс сааһыгар диэри
— Оҕо тыла хас сааһыгар ордук сайдарый? Ханнык түһүмэххэ төрөппүт болҕомто уурара ирдэнэрий?
— Оҕо тыла саамай сайдар кэмэ – төрүөҕүттэн үс сааһыгар диэри. Төрөппүт оҕоҕо күн сирин көрдөрүөҕүттэн кэпсэтэн барыахтаах. Аныгы төрөппүттэр хайыылларый? Ыскаабы хаһар, иһити-хомуоһу, таҥаһы-сабы ыһар диэн барытын быанан баайан кэбиһэллэр. Ити букатын сыыһа. Оҕо сөмүйэтинэн ыйар буолуоҕуттан, төрөппүт көрдөрө-көрдөрө интэриэһиргээбитин барытын быһаарыахтаах. Үстэ-түөртэ быһаардахха, биллэҕинэ, онно бэйэтэ чугаһаабат буолуоҕа.
Манна төрөппүттэр сүбэ ыла кэллэхтэринэ, оҕолорун бэрэбиэркэлээн баран: “Мөһөөччүккүт” туолбатах эбит”, — диэтэхпинэ – өйдөөбөтөхтүү көрөллөр. Мөһөөччүк диэн оҕо тылын баайын саппааһын этэбин. Оҕо бу биридимиэт аатын, туох аналлааҕын билбэт буолан баран хайдах саҥарыаҕай? Оҕо “мөһөөччүгэ” мунньуллан-мунньуллан баран, баппакка быата төлү барар. Ол аата тыллары холбоон этиини оҥорон саҕалыыр. Онон төрөппүт “мөһөөччүгү” толорорго кыһаныахтаах. Оччоҕо эрэ кырачаан киһи билэр, сайдар кыахтаах. “Мөһөөччүк” түгэҕэр толугуруу сылдьар аҕыйах тылынан тугу саҥарыаҕай? Оҕону кытта элбэхтик кэпсэтэн, көрдөрөн, ыллаан-туойан, укулаатын ууруллуохтаах. Үс сааһыгар диэри аһата-аһата, бэйэтэ дьаалытынан сайдарын кэтэһэртэн туһа тахсыбата чахчы.
«Оҕо 38-40 бырыһыана мөлтөхтүк саҥарар”
— Кэлин мөлтөхтүк саҥарар оҕо элбээтэ диэн дьаахханаллар. Итиннэ, бука, кэтээн көрүү, чинчийии оҥоһуллан эрдэҕэ.
— Быйыл күһүн үөрэх дьыла саҕаланаатын кытта, бэлэмнэнии бөлөх оҕолорун бэрэбиэркэлээбиппит. Онно көстүбүтүнэн, 38 бырыһыана мөлтөхтүк саҥарара биллибитэ. Бу — биир сылынан оскуола боруогун атыллыахтаах оҕолор.
Тус бэйэм балаҕан ыйыгар 60-тан тахса оҕону бэрэбиэркэлээтим, кинилэртэн 20-тэн тахса оҕо тыла мөлтөх. Ол оҕолору логопууҥҥа ылан кэбистим, хойутаан кэлбиттэр, хапсыбакка хааллылар. Онно эмиэ уонтан тахса оҕо баар. Уопсай ахсаанынан ылан көрдөххө, 38-40 бырыһыан тыла мөлтөх. Биирдии дорҕоону сөпкө саҥарбат оҕону өссө итиннэ киллэримиэххэ да сөп.
Аны аҕыйах сыллааҕыта маҥнайгы кылааска үөрэнэр оҕолору бэрэбиэркэлээбиппит, 38 бырыһыана мөлтөхтүк саҥарара көстүбүтэ. Ити олус улахан сыыппара.
Логопуун оҕо саҥарбат дорҕоонун туруоран үөрэтэ-үөрэтэ таһааран иһиэхтээх. Ол эрээри, “общее недоразвитие речи”, “фонетико-фонематическое недоразвитие речи” диагностаах оҕо олус элбэх буолан, көннөрү дорҕоону сөпкө саҥарбат оҕо барыта хабыллар кыаҕа суох. Онон билигин уһуйааннарга, орто бөлөхтөн саҕалаан, мөлтөхтүк саҥарар оҕолор бөлөхтөрүн хото арыйаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Оччоҕо көдьүүстээх буолуох этэ, билигин миэстэ букатын тиийбэт.
Аны сахалыы бөлөх иитиллээччилэрэ бары сахалыы саҥарар буолбатахтар. Холобур, биир сахалыы бөлөхтөн миэхэ дьарыкка кэлиэхтээх уон биир оҕоттон түөрдэ эрэ сахалыы тылын саппааһа баай. Бу түөрт оҕону эрэ сахалыы эрчийэбин. Кинилэр билэр тылларыгар олоҕуран, тылларын көннөрөр эрэ буоллаҕым. Ол иһин тыл саппааһа хайаан даҕаны ирдэнэр. Тылын баайа аҕыйах оҕо, мөлтөхтүк саҥарар оҕолор бөлөхтөрүгэр киириэхтээх. Маҥнай тылын баайын хаҥатан, эбэн, икки сылы быһа үөрэтэн таһааран, оскуолаҕа атаараллар.
Тоҕо биир тылы талларалларый?
— Икки тылланыы оҕону бутуйар дииллэр. Ити төһө оруннааҕый?
— Төрөппүттэн тутулуктаах. Дьиэҕэ нууччалаан иһэн сахалыы саҥарбакка, сахалыы саҥаран иһэн нууччалаабакка кэпсэтиллиэхтээх. Холобур, ийэтин кытта уу сахалыы, аҕатын кытта ыраастык нууччалыы кэпсэтэрэ ордук. Оччотугар эрэ оҕо икки тылы бутуйумуон сөп. Икки тылы билэрэ үчүгэй курдук эрээри, оҕо тыл ис хоһоонун өйдүүрэ бытаарар. Соторутааҕыта эһиги хаһыаккытыгар, “Саха сиригэр” оҕолорун үс тылга үөрэтэр Матвеевтар дьиэ кэргэн туһунан ыстатыйа тахсыбыта. Сөпкө, баары этэллэр. Тылы бутуйар букатын сыыһа.
— Логопедтар тоҕо бутуллубут тыллаах саха оҕотун нууччалыы үөрэтэргэ күһэйэллэрий?
— Сорохтор оҕолорун нууччалыы тыллаах уһуйааҥҥа биэрэн баран, дьиэлэригэр сахалыы эрэ кэпсэтэллэр. Ити тылын саппааһа баай, түргэнник толкуйдуур оҕолорго ордук табыгастаах. Бытаан сайдыылаах оҕоҕо – уустук. Оҕо тыл ис хоһоонун өйдүүрэ бытаарар.
Үксүн, биир этиигэ икки тылы тэҥинэн туттар ыал оҕото тылын бутуйар. Тыла мөлтөх, этиини даҕаны кыайан оҥорбот оҕоҕо эрэ, иккиттэн биир тылы тутуһуҥ диэн сүбэлиибит. Логопедтарга эмиэ кыһалҕа эбээт. Оттон дорҕоону саҥарбат оҕоҕо тылын саппааһа ирдэнэр. Баазата суох оҕону хайдах көннөрүөхпүтүй? Өскөтүн нууччалыы тылынан дьарыктанарга араас кинигэ дэлэй эбит буоллаҕына, сахалыыга – тарбахха баттанар. Бэл, үлэһиттэргэ аналлаах мэтиэдикэ, босуобуйа аҕыйах. Төрөппүт бэйэтэ дьарыктыырыгар сөптөөх букатын суоҕун кэриэтэ.
Тыл сүмэтэ тыа сиригэр баар
— Сороҕор төрөппүттэр, бэйэбит да ыраастык сахалыы саҥарбаппыт, этиигэ нууччалыы тылы кыбыппыппытын өйдөөбөккө даҕаны хаалабыт.
— Куоракка эйгэбит оннук. Саха тылын, култууратын сайыннарыахха наада диир буоллахтарына, тыа сирин сайыннарар ирдэнэр. Тылбыт баайа, сүмэтэ, култуурата тыа сиригэр баар. Ол эрээри, төттөрүтүн тыа сирдэрэ эстэр турукка киирдилэр, дьон үөс сиргэ талаһар. Тыа сирин оҕото тылга сыһыана, билиитэ төрүөҕүттэн күннээҕи олоҕу-дьаһаҕы, үгэһи кытта ситимнээх. Ыччаты тыа сиригэр олохсутар инниттэн анал бырагыраамалары оҥорон, үп-харчы көрөн, усулуобуйа олохтуур, сүөһүнү дэлэтэр ирдэнэр.
Логопедтары сахалыы бэлэмнээбэттэр
— Аны сахалыы тыллаах оҕону кытта анаан дьарыктанар логопедтары бэлэмнээбэттэр диэн истибитим.
— Суох, логопедтары бэлэмнээһин, туох баар ньыма барыта нууччалыы эрэ барар. Саха оҕотун кытта үлэлииргэ кыһалҕаттан тылбаастаан, уларытан, оҕолорго сөп түбэһэрин курдук оҥорон үлэлии сылдьабыт. Ити бэйэтэ туспа кыһалҕа буолар. Оннооҕор уопуттаах логопедтар дьонтон ыйыталаһа-ыйыталаһа, бэйэбит билэрбитинэн үөрэтэ сылдьабыт. Эдэрдэр үлэлииллэригэр өссө уустук. Кыһалҕаттан ньыма оҥоро сатыыбыт эрээри, наука өттүнэн көрүү суох.
— Сахалыы мэтиэдикэҕэ чопчу ааптардар бааллар дуу?
— Логопедтар Федора Егоровна Романова (“39-с уһуйаан”), Людмила Ивановна Ширяева (“Туллукчаан”) артикуляционнай эрчиллиилэри, тарбах оонньууларын бэлэмнээбиттэрэ биирдэ эрэ бэчээттэнэн тахсыбыта. Мин рецензиябынан Светлана Васильевна Артемьева (Чурапчы) уонна Таатта логопедтарын мэтиэдикэлэрэ бэчээттэммиттэрэ. Ити курдук, биирдиилээн чаҕылхай мэтиэдикэлэр бааллар.
— Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сахалыы тыллаах логопед төһө элбэҕий?
— Улууска миэстэтигэр үлэлиир дьон бааллар. Оттон Дьокуускай куоракка уончабыт эрэ, уоннааҕылар нууччалыы үөрэтэллэр. Биһиги бары нууччалыы үөрэнэн баран, кыһалҕаттан быраактыкаҕа үөрэтэн, дьарыктыы сылдьабыт.
Тыын боппуруос
— Логопедтар, туох сүрүн кыһалҕалааххытый?
— Сахалыы мэтиэдикэ суоҕа улаханнык атахтыыр. Соторутааҕыта быһаарыылаах тылдьыт таҕыста. Дьэ ити үчүгэй. Тыл суолтатын быһаарарга улахан туһалаах. Бастатан туран, уһуйаан оҕолорун эрчийэргэ, хас биирдии өйдөбүлгэ туспа тылдьыттары, араас кинигэлэри оҥоруохха наада. Биһиэхэ оннук суох буолан, араас тылдьыты барытын хасыһан чөкөтөбүт. Ону таһаартарарга эмиэ үп-харчы кырыымчык.
Иккиһинэн, логопедтарга билим өттүнэн көмөлөһөр киһи баара буоллар диэн баҕалаахпыт. Тыл үөрэхтээх учуонайдарга баран мэтиэдикэбитин көрдөрбүппүтүн, өйдөөбөтөхтөрө уонна көрөн баран хайдах баарынан: “Эһиэхэ чопчу логопед идэтин баһылаабыт эрэ учуонай көмөлөһөр кыахтаах эбит”, — диэн билиммиттэрэ. Сахалыы логопедияҕа биир даҕаны наука үлэһитэ суох. Дьиҥэр, быраактык быһыытынан бэйэбит тобулан толкуйдуубут. Ол сахалыы мэтиэдикэбит наука хараҕынан көрөн сыаналаныахтаах, үөрэтиллиэхтээх. Биһиэхэ онтубут доҕолоҥнуур.
Чопчу бары үлэлиир бырагыраамаларын оҥорор эмиэ кыаллыбат. Ким эрэ “с-ш”, “л-р” дорҕоону саҥарбат, атыттар “т” дорҕоону “к” дорҕоонунан солбуйаллар. Үөрэтэр мэтиэдикэбит уопсай сүнньэ биир эрээри, оҕо араас буолар. Ол иһин логопууҥҥа үлэлииргэ биир кэлим бырагырааманы оҥорор кыаллыбат. Барыллаан маннык үлэ көрүҥэ баар дииллэрэ эбитэ буоллар, туһаныах этибит.
2006 сыллаахха үһүө буолан “Оҕону чуолкайдык саҥарда үөрэтии” диэн методическай босуобуйа таһаарбыппыт. Быйыл СӨ Үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт хаттаан бэчээттээтэ. Холобур, төһө даҕаны бэйэбит саха буолбуппут иһин, биир сүһүөхтээх тыллары була охсон этэр, оҕо күн аайы дьарыктанар дьиэтээҕи тэтэрээтигэр сөптөөх тылы суруйан биэрэр ылбычча кыаллыбат. Матырыйаал наада. Бу сүрүннээн тылы хатылатарга туһалаах. Үп-харчы кырыымчык буолан, 300 ахсаанынан эрэ таҕыста. Тута атыыга барда, биир даҕаны хаалбата.
Ааспыт үөрэх дьылыгар, бэһиэ буолан түмсэн үлэлээн, ситимнээх саҥаны сайыннарыы кинигэтин бэлэмнээн “Бичиккэ” биэрдибит. Манна бэлэм тиэкис кэрчигэ бэриллэр, ону хайдах анаалыстыыры, тиэкиһинэн ханнык ыйытыыны биэрэри суруйдубут, ханнык этиилэри оҥоруохха сөбүн киллэрдибит, тыллар суолталарын быһаардыбыт, таабырыннары, өс хоһооннору, синонимнары тутуннубут. Бу төрөппүт туһанарыгар аналлаах литэрэтиирэ. Кинигэбит күн сирин көрдөр, төрөппүт элбэҕи туһаныах этэ.
— Елена Петровна, кэпсээниҥ иһин махтал.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru