РФ Госдууматын дьокутааттара вейпы (электроннай сигаретаны) бобор туһунан сокуон барылын бэлэмнии сылдьаллар. Муус устар 3 күнүгэр Госдуума Сэбиэтигэр спикер Вячеслав Володин дьокутааттары бу сокуону ылыналларыгар ыҥырда диэн “Ведомости” суруйар.
Урут, тохсунньу 18 күнүгэр Володин тустаах кэмитиэттэргэ вейпы бобор туһунан этиилэри киллэрэргэ сорудахтаабыта. Бу күн сигаретаҕа уонна никотиннаах электроннай систиэмэлэр убаҕастарыгар акцизтары үрдэтэр туһунан сокуону ылыммыттара. Сокуон кулун тутар 1 күнүттэн үлэлээн барбыта.
Кулун тутар 23 күнүгэр Володин премьер-миниистир Михаил Мишустиҥҥа вейптары бобуу туһунан этиилээх тиийбитэ. Премьер “бырабыыталыстыба бу боппуруоһу көрүө” диэн хоруйдаабыта.
ЛДПР баартыйа уруккуттан бу боппуруоһу көтөҕөр. Былырыын от ыйыгар электроннай сигареталары улаатан эрэр оҕолорго атыылыыры бобор туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрбитэ.
Госдуума тута от ыйыгар электроннай сигареталары уонна кальяннары уопсастыбаннай сирдэргэ туһанары, эрэкэлээмэлиири уонна улаатан эрэр оҕолорго атыылыыры бобор туһунан сокуону ылыммыта. Билигин саҥа сокуону ылыннахтарына, электроннай сигареталары туһанары, атыылыыры букатын бобуохтара.
Электроннай сигарета табахтааҕар ордук буортулааҕын туһунан «Роспотребнадзор» элбэхтик суруйар. Манна никотин эрэ буолбакка, пропиленгликотль диэн буортулаах бэссэстибэ баар. Ону тэҥэ, убаҕаһа паар буолан, киһи тыҥатыгар ордук түргэнник киирэр, алдьатар.