Электроннай «больничнайга» толору көһүү буолар

Бөлөххө киир:

2017 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ “Электроннай больничнай” бырайыак киирэн, мэдиссиинэ тэрилтэлэрэ электроннай көрүҥүнэн больничнай лиистэри толорор буолбуттара.

Бүгүҥҥү күҥҥэ маннык көрүҥүнэн 86 мэдиссиинэ тэрилтэтэ (85,1%) толорон биэрэр. 2021 сыл от ыйыгар диэри, 4 сыл иһигэр бу бырагырааманан барыта 558 672 больничнай лиис толоруллубут.

2021 сыл бастакы аҥаарыгар уопсайа 147 1034 больничнай лиис суруллубутуттан, 15 761 лиис кумааҕыга толоруллубут. Ол эбэтэр, уопсай ахсаантан 89,3%-на электроннай көрүҥүнэн толоруллар эбит. Былырыын бу көрдөрүү 70,4%-ҥа тэҥ этэ. Бу Социальнай страховкалааһын пуондатын Саха сиринээҕи салаатын үлэтин түмүгэ.

Санатар буоллахха, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн больничнай лиистэри кумааҕыга суруйуу тохтуур, быраастар электроннай көрүҥүнэн эрэ суруйан биэрэр буолуохтара.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0