Былырыыҥҥыттан ыла үлэлии сылдьан, ыарыйдаххына, “больничнай” лиискин кумааҕыга буолбакка, электроннай көрүҥүнэн биэрэр буолбуттара. “Больничнай” төлөбүрүн уонна балтараа сааһыгар диэри оҕо көрөн олорор ийэҕэ РФ социальнай страховкалааһын пуондатын Саха сиринээҕи салаата төлүүр.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу пуондаҕа 26 750 страхователь бэлиэтэммит: ол иһигэр 23 393 тэрилтэ, 3195 урбаанньыт. Ол эбэтэр бачча тэрилтэ үлэһиттэригэр “больничнайдарын” төлүүр, “социальнай бакыаты” мэктиэлиир кыахтаах. Ааспыт сыл устата уопсайа 7387,7 мөл. солк. дохуот киирбит. Ол иһигэр үлэҕэ эчэйииттэн, профессиональнай ыарыылартан страховкалыыр усунуостар – 1816,9 мөл. солк.
Ол эрээри, сыллааҕы ороскуот 8158,3 мөл. солк. тэҥнэспит. Бу тиийбэт чааһыгар федеральнай бүддьүөттэн дотация (8 млрд. солк.) көрүллэр диэн пуонда салаатын управляющайа Марина Мироновская иһитиннэрдэ.
Маны тэҥэ, социальнай страховкалааһын пуондатын Саха сиринээҕи салаата санаторийдарга-куруортарга эмтэниини, онно тиийэргэ айан ороскуотун уонна быратыаһынан, баттыктарынан, тайаҕынан, о.д.а. хааччыйыыны эмиэ уйунар. Манна 286,7 мөл. солк. көрүллүбүт, ол 2017 сылы кытары тэҥнээтэххэ, 12,97%-нан үрдүк.
Саха сиригэр чэпчэтиинэн туһанааччылар федеральнай регистрдарыгар киирбит 62,932 киһи баар, ол иһигэр: 56430 инбэлиит уонна 6502 инбэлиит оҕо. Кинилэртэн санаторийга-куруорка эмтэнэ барарга 2029 киһи босхо путевканан, айан ороскуотун төлөттөрөргө 690 киһи туһаммыт. 6235 киһи уочаракка турар. Манна барытыгар федеральнай бүддьүөттэн 57,7 мөл. солк. ороскуоттаммыт.
Оҕо көрөн олорор ийэлэр босуобуйаларыгар 2926 мөл. солк. төлөммүт.
Ааспыт сылга үлэлии сылдьан эчэйии 324 түбэлтэтэ тахсыбыт, ол иһигэр 42 киһи суорума суолламмыт, 54 киһи ыараханнык эчэйбит.
Маннык иһитиннэрии кэллэҕинэ, тута хамыыһыйа тэриллэн, быһылаан тахсыбыт сиригэр тиийэн быһаарсар, докумуону хомуйсан саҕалыыр. Өлбүт киһи иитимньитигэр 1 мөл. солк. тиийэ төлөнөр.
2018 сылга ыалдьан “больничнай” ылбыт дьон ахсаана 249 тыһ. эбит буоллаҕына, 24397 киһи электроннай “больничнайы” суруйтарбыт. Сыллата бу маннык өҥөнөн туһанар киһи, тэрилтэ ахсаана элбээн иһэр. Чахчы, кумааҕыга үп да кэмчилэнэр, ону тэҥэ бириэмэтинэн эмиэ түргэн. Онон кэнники маннык электроннай көрүҥҥэ толору көһүү соруга турар.
Социальнай страховкалааһын пуондатын Саха сиринээҕи салаата 19 судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор. Манна нолуок сулууспатын, Биэнсийэ пуондатын, СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтин, Элбэх өҥөнү оҥорор киини кытта бииргэ үлэлэһэр. Өҥөнү электроннай көрүҥүнэн оҥоруу ахсаана элбээн иһэр, бу эмиэ өҥөнү оҥоруу хаачыстыбата тупсарыгар туһуланар.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru