Электроннай больничнай табыгастааҕа бигэргэннэ

Бөлөххө киир:

РФ бырабыыталыстыбата быстах кэмҥэ үлэтэ суох буолууну туоһулуур электроннай лииһи (больничнай лиис) толорууга информационнай хардарыта үлэлээһин быраабылаларын бигэргэттэ.

edersaas.ru

Ол эбэтэр страховкалааччы, страховкаланааччы, эмтиир тэрилтэлэр уонна медицинскэй-социальнай экспертиза федеральнай судаарыстыбаннай тэрилтэлэрэ больничнай лиис электроннай көрүҥүн оҥорорго тустаах быраабылаларга олоҕуруохтара.

Больничнай лиис электроннай көрүҥэ докумуоннары оҥорууга, эмтиир быраас больничнай лииһи суруйарыгар бириэмэтэ кылгаан биэрэригэр көдьүүстээх буолуоҕа.

Ону сэргэ страховкалаах хас биирдии киһи уонна страховкалааччы РФ социальнай страховкатын фондатын саайтыгар киирэн, тус кабинетын арыйан, больничнай лииһин (ол иһигэр, оҕо күүтэр уонна төрүүр кэмигэр анаммыт пособиеларын) туһунан чахчылары билэр кыахтанар.

Манна даҕатан эттэххэ, больничнай лиис электроннай көрүҥүн дойду үгүс регионнарын олохтоохторо биһирээтилэр.

Интэриэһиргиир боппуруостаргытын социальнай страховкалааһын фондатын регионнааҕы отделениетын www.r14.fss.ru саайтыгар ЭЛН диэн түһүмэххэ киирэн көрүөххэ эбэтэр (4112) 500-333 “суһал сибээс” төлөпүөнүгэр эрийэн билсиэххэ сөп.

Надежда ЕГОРОВА, Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0