Алтынньы 1 күнүгэр Дьокуускайдааҕы ГРЭС умайан, иннэ-бүргэс үрдүгэр олоруу балаһыанньата үөскүү сырытта. Энергетиктэргэ бэйэлэригэр да «уйаларыгар ууну киллэрбит» буолуохтаах. Дьолго, саахал халлаан арыый да сылаас кэмигэр таҕыста.
Куораты таһынан тоҕус улууһу хааччыйар
Баҕар, сорох дьон билбэтэ буолуо эрээри, Дьокуускайдааҕы ГРЭС-тэн өрөспүүбүлүкэ 500 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэтин олоҕо тутулуктаах. Станция илин эҥээр, киин улуустары уонна Дьокуускай куораты сылааһынан, уотунан хааччыйан олорор. Өскөтүн кыһыҥҥы өттүгэр саахал, уот араарыллыыта тахсар түгэнигэр, өрөспүүбүлүкэ аҥаара тымныы ытарчатыгар ылларар кутталлаах.
Алтынньыга тахсыбыт саахал чахчытынан, силиэстийэ уорганнара РФ Холуобунай кодексатын 216-с ыстатыйатын 1 чааһынан холуобунай дьыала тэрийдилэр.
Дьокуускай куорат «кырдьаҕас» станциятыгар бу бастакы улахан саахал буолбатах. 2008 сыллаахха сэтинньигэ ГРЭС төрдүс нүөмэрдээх гаас турбинатыгар саахал тахсан, Дьокуускай куоракка уонна Амма, Горнай, Нам, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарын олохтоохторун ыгылыта сылдьыбыта. Тута өрөмүөннээннэр, уоту, ититиини холбообуттара.
2011 сыллаахха тохсунньу саҥата үһүс нүөмэрдээх гаас турбината саахалланан, уотунан хааччыйыыга саппаас ГТУ-ну холбообуттара. Бу пресса хараҕын далыгар эрэ киирбит улахан саахаллары ааттаталаатым. Сыллата төһө эмэ саахал тахсара буолуо да, энергетиктэр кистии-саба сылдьаллара чуолкай.
ГРЭС ааспыт үйэ 60-с сылларыгар тутуллан, сүрүн чаастара эргэрэн, туһаттан тахсан иһэллэр. 40-тан тахса сыл устата үтүө суобастаахтык өрөспүүбүлүкэҕэ сулууспалаан кэллэ. Аны күммүт-дьылбыт туруга атын регионнардааҕар улахан уратылаах буолан, кыстыкка эрдэ киирэн, турбиналар кэмэ-кэрдиитэ суох үлэлииллэр. Маннык кытаанах балаһыанньаҕа хайа баҕарар тиэхиньикэ хаһан баҕарар алдьанар, кээһэнэр туруктаах.
Станция үйэтин уһатаннар, сыллата үлүгэрдээх үбү-харчыны кутан өрөмүөн, саҥардыы үлэтин ыыталлар. Ол эрээри кырдьаҕас аата кырдьаҕас. Алдьаныы, кээһэнии ханна барыай, син биир тахса турар. Холобур, бу сайыны быһа ГТЭ-45-3
(3-с уонна 4-с нүөмэрдэр) гаас турбиналарыгар хапытаалынай өрөмүөн үлэтин ыыппыттара.
Өрөспүүбүлүкэни барытын баһылаан олорор хампаанньа
«Якутскэнерго» ПАУо өрөспүүбүлүкэ энергетическэй ырыынагар бэйэтэ аҥаардастыы «монополистаан» олорор. Онон, сорох түгэҥҥэ туһанааччыларга сыһыана бардам соҕус да диэх санаа кэлэр. Күрэстэһэр, утары турар хампаанньа суох. Уотунан аҥаардастыы “Якутскэнерго” эрэ хааччыйар. Күрэстэһии суоҕуттан, баһылыыр-көһүлүүр салаа аҥардастыы айбардаан олорон, кылгас кэмҥэ уот барыытыгар, саахал тахсыытыгар улахан болҕомтону уурбат түбэлтэтэ да баар буолааччы. Маны ордук тыа сиригэр олорооччулар бигэргэтиэхтэрин сөп. Кытыы, сылдьарга эрэйдээх, суола-ииһэ суох нэһилиэктэргэ уот бардаҕына, хас да чааһы, күнү быһа да кэтэһиэхтэрин сөп.
[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-left» color=»pink» add_icon=»true»]«Якутскэнерго» ПАУо састаабыгар Е.Н. Батенчук аатынан Бүлүүтээҕи ГЭС (бу станцияттан өрөспүүбүлүкэ арҕаа улуустара уоттанан-күөстэнэн олороллор); Дьокуускайдааҕы ГРЭС (өрөспүүбүлүкэ 10 улууһун хааччыйар); Дьокуускайдааҕы ТЭЦ; Арҕааҥҥы уонна Киин электрическэй ситимнэр; Энергосбыт киирэллэр. Итиэннэ энергетическэй хампаанньа алын сүһүөх түөрт тэрилтэлээх: «Сахаэнерго», «Теплоэнергосервис», «ЯЭРК» уонна «Энерготрансснаб» АУо-лар.[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-quote-right» color=»pink» add_icon=»true»]
Ааспыт сылга 449 уот арахсыыта
Энергетическэй хампаанньа эбийиэктэригэр сыллата сүүһүнэн технологическай алдьаныы тахсар. Уот арахсыытын туһунан этэ да барыллыбат. Холобур, 2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уоту араарыы 449 түбэлтэтэ тахсыбыт. «Маассабай» уот арахсыытын туһунан аҕыннахха, былырыын алтынньыга «Дьокуускайдааҕы ГРЭС – Табаҕа» хайысхатынан саахал тахсан, өрөспүүбүлүкэ аҕыс улууһун уонна Дьокуускай куорат сорох кыбартаалларын олохтоохторо хас да чааһы быһа уота суох олорорго күһэллибиттэрэ. Оттон сэтинньигэ Л-110 үрдүк күүрүүлээх уот ситимигэр саахал тахсыбыта.
Аны арҕаа улуустар уотунан ититиигэ холбонон, олохтоохтор оһохторун көтүрэннэр, билигин уот барар түгэнигэр улахан кыһалҕаны көрсөллөр. Эбиитин бөһүөлэк иһинээҕи ситимнэр эргэрэннэр уонна подстанциялар кыамталара намыһаҕыттан, уот кыамтата мөлтөх. Бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр Арҕааҥҥы электрическэй ситимнэр бэрэстэбиитэллэрэ ис ситимнэри саҥардыыга уонна подстанциялар кыамталарын улаатыннарыыга үлэ-хамнас ыытыахпыт диэн эрэннэрэллэр даҕаны, күн бүгүнүгэр диэри улахан хамсааһын тахса илик.
Ордук сааскы өттүгэр уот ситимин тирэхтэрэ (опоры) сууллар, биитэр ууга барар «үгэстээхтэр». Дьиҥэр, өрөмүөн үлэтин сыл ахсын ыыталлар эрээри, бу боппуруос кыайтара илик. Саас буолла даҕаны уот арахсыыта лаппа элбиир. Энергетиктэртэн ыйыталастахха, тирэхтэр сууллубут аатыраллар. Буолумуна, ааспыт үйэ 70 – 80 сылларыгар тутуллубут мас тирэхтэр үйэлэрин моҥоон эрдэхтэрэ.
Дьон бэйэтэ эмиэ буруйдаах
Саахал тахсыытыгар, уот арахсыытыгар аҥаардастыы энергетиктэри буруйдуур сыыһа дии саныыбын. Ол курдук, алтынньы 4 күнүгэр уот ситимин икки тирэҕин изолятордарын саанан ытыалааннар, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарын олохтоохторо уота суох хаалбыттара.
Оттон бу саас болҕомтото суох тырахтарыыстан сылтаан, Дьокуускай куорат Даркылааҕар уот ситимигэр саахал тахсан, 450 ыал биир чаас устата уота суох олорорго күһэллибитэ.
«Якутскэнерго» ПАУо Киин электрическэй ситимнэрэ иһитиннэрбитинэн, технологическай саахал үгүс бырыһыан болҕомтото суох суоппардар буруйдарыттан тахсар эбит.
Ыам ыйын 6 күнүгэр Хатаска 0,4 кВ кыамталаах уот ситимин тирэҕин (опора) массыынанан тоҕо анньан, Хатас бөһүөлэгэр саахал тахсан, уот арахса сылдьыбыта. Эмиэ маныаха маарынныыр түбэлтэ Уус Алдан Бороҕонугар ыам ыйын 13 күнүгэр тахсыбыта. Ол курдук, Toyota Corolla массыына суоппара Л-Борогонцы-2 уот ситимин тирэҕэр баран түһэн, бөһүөлэк үрдүнэн уот арахсыбыта.
Дьокуускай куорат уонна илин эҥээр, киин улуустар эрэллээхтик уотунан уонна сылааһынан хааччыллыылара инникитин иккис нүөмэрдээх ГРЭС-тэн быһаччы тутулуктаныаҕа. «Кырдьаҕас» ГРЭС-и солбуйуохтаах 2-с нүөмэрдээх станция бу ыйга үлэҕэ киллэриллиэхтээх этэ даҕаны, арааһа болдьоҕо көһөрүллэр чинчилэннэ. «РусГидро» баһылыга Николай Шульгин ТАСС-ка иһитиннэрбитинэн, энергетическэй эбийиэк сыл бүтүүтэ биирдэ силигэ ситэн үлэҕэ киллэриллиэхтээх.
Оттон арҕаа уонна хоту улуустарга балаһыанньа хайдах буолуой? Ис ситимнэри саҥардыы үлэтэ хаһан ыытыллыай?
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru