ЭЛЭЙБИТ ЫСТАПААН (ҮҺҮЙЭЭН)

Ааптар: 
04.06.2018
Бөлөххө киир:
Туманынан бүрүллэн умнуллан эрэр тэгил дьыллар ааспыт утааларыгар Сүлэ сиригэр-уотугар Элэйбит Ыстапаан диэн эр бэрдэ төрөөн-үөскээн олорон ааспыт.
Улаатан-баараҕадыйан, дьэ уола-хаан дэтэ сылдьан, ойдом олорор ыалларын кыыһын ойох ылан, ыал буолбут. Ол кэмтэн ыла элбэх дьыл-хонук күннээҕи түбүккэ-садьыкка үтүрүйтэрэн, муҥха хотоҕоһо субуллан тахсарыныы, биллибэккэ-көстүбэккэ устан ааспыт. Балаҕаннарын таһыгар үүнэн үөрдүспүт дьылыгырас титириктэр кыскыырдаах-эриирдээх тыалга-буурҕаҕа хоҥкуҥнаабат модороон мутуктаах-салаалаах баараҕай тииттэргэ кубулуйбуттар. Ону тэҥэ бу ыал дьахтар, эр киһи дэтэр саастара ааһан, күрэнэн, «эмээхсиэн» «оҕонньоор» дэһэр, тоҥхоччу кырдьар саастара бу тиийэн кэлбит. Унньуктаах уһун олоҕу бииргэ олорбуттарын тухары кинилэр оҕолонор-урууланар үөрүүтүн-көтүүтүн билбэтэхтэр. Балаҕаммыт иһин сэргэхситэр оҕо саҥатын истибэтибит, олохпутун салгыах айылаах кэнчээри ыччаты хаалларбат муҥмут буоллаҕа дэһэн, санааҕа-онооҕо ылларар, мунчаарар идэлэммиттэр.
Арай биир кэри-куру сарсыарда чэйдии олорон, ойоҕо маннык саҥалаах буолбут:
— Оҕонньор! Эн, оҕолонуох-ыччаттаныах киһи, миигин кытта олорон үйэҕин моҥоон эрэҕин да, өтөхпүт төҥүргэһэ, сурпут кэриэһэ суох хааларыгар тиийдэ. Арааһа, мин  төрөөбөппүттэн оҕо үөскээбэтэ быһыылаах. Онон эн эдэр, төрүүр-ууһуур дьахтары ойох ыларыҥ эбитэ буоллар, баҕар, кэннигэр кэнчээри ыччаты төрөтөн хаалларыа этиҥ. Ону, оҕонньоор, эн туох дии саныыгыный?
Үйэлэрин үтүөтүн, чиргэл эдэр саастарын бииргэ олорон кэлбит, биирдэ да улаханнык «ар-бур» дэсиһэн этиһэн, охсуһан барбатах эмээхсинин ыйааһыннаах, ыллыктаах тылын-өһүн Элэйбит бэркэ сөбүлүү истэр:
— Эн ити үчүгэй санааны эттиҥ ээ… Төрөөн-үөскээн ааспыт бэлиэбин саатар биир-икки оҕону төрөтөн кэннибэр хааллардарбын, санаам дьэ нус-хас буолан, бу сиртэн арахсан барыам этэ, — диэн үөрэ түһэр.

Инньэ диэн сүбэлэһэн баран, Элэйбит тэринэн-бэринэн, арыалдьыт киһи булунан, Бүлүү өрүс хаҥас биэрэгэр сытар Хочо улууһугар ойох кэпсэтэ айанныыр. Онно тиийэн Бэкээн кинээс уола Чохороон уон сэттэлээх кыыһын, саас өрүс мууһа ыраастаннаҕына, халыым төлөөн, кэргэн ылыах буолан кэпсэтэн, дьиэтигэр төннөр.

Кэргэн кэпсэтээччилэр барбыттарын кэннэ, кыыс улахан санааҕа-онооҕо ылларар.
«Бу дьонум сэттэ уон саастаах бүдүгүрэн эрэр оҕонньорго эргэ сүгүннэрэр буоллулар. Ол киниэхэ ойох буолуох кэриэтин, сүгүннэрэн илдьэ барыан иннинэ, өрүһүм барахсан мууһа күргүстээн барыыта, арай эбэбэр түһэн өлөн хааллахпына туох баарый?! Ол эрээри, кэбис! Айыыта бэрт буолсу. Ити бөлүүн үчүгэй баҕайы түүлү түһээтим ээ… Ортотугар улахан булгунньахтаах, кыра-намчы оттоох киэҥ алаас арҕааҥҥы кырдалыгар үс буруо бурҕачыйан ыраахха субуруйан тахсар. Дьэ дьикти түүл… Субу түүлбүнэн сылыктаан, өйбөр аттаран көрдөхпүнэ, баҕар, мин киһи-сүөһү төрдө буолар кэскиллэниэм. Олоҕум оҥоруута ону билиэ буоллаҕа».
Кыыс түүлүн итинник эргитэн билгэлиир уонна ууга түһэн өлөр санаатын букатыннаахтык быраҕар.
Үлэхтээх кэмнэрэ кэлэн, кыыс Элэйбит оҕонньорго сүктэн кэргэн барар. Кыыс түһээбитин курдук, ортотугар улахан булгунньахтаах Ойуун Күөлэ диэн алааска кэлэн, дьиэ-уот туттан олохсуйаллар. Манна дьахтар утуу-субуу сыл быысаһыннаран үс уол оҕону төрөтөр. Олору Лэглэй Киргиэлэй, Мукучай Сэмэн, Ордьоҥхо Өлөксөй диэн ааттаталаабыттар.
Николай Семенов-Чөккүк
Үһүйээн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Дьылҕаны талбаттар» диэн кинигэтиттэн ылылынна.
Хаартыска: интэриниэттэн
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0