Өлөчөйгө — ФАП саҥа дьиэтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ  Мэҥэ Хаҥаласка Алтан нэһилиэгэр үөрүүлээх күн үүннэ —  биэлсэр-акушерс пуунун саҥа модульнай дьиэтэ аһылынна.

Аныгылыы, тупсаҕай оҥоһуулаах, бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир, толору хааччыллыылаах  эбийиэги «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак көмөтүнэн, «Сахауниверсал» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ тутан олоххо киллэрдэ.

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов, улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Алексей Павлов, Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Матчитов олохтоохтору, мустубут ыалдьыттары, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин, бэтэрээннэри бу үөрүүлээх бэлиэ күнүнэн истиҥ тылларынан эҕэрдэлээтилэр.

ФАП саҥа эбийиэгэр Табаҕаттан төрүттээх, Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжы бүтэрэн кэлбит Диана Романова биэлсэринэн,
Бүлүүгэ үлэлии сылдьыбыт Джулия Васильева акушерынан ананан кэллилэр.
Эдэр үлэһиттэри олорор дьиэнэн хааччыйбыттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0