Элбэх оҕолоохторго — суотабай төлөпүөн

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уус Алдаҥҥа үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустара элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар смартфоннары бэлэх ууннулар.

edersaas.ru

Ол курдук, бу категорияҕа хапсар 10 ыал оҕото бу күннэргэ тэйиччиттэн олорон үөрэнэллэригэр  анаан саҥа суотабай төлөпүөннэннилэр.

— Бу ыйга улууспутугар биллэриллибит «Үтүө санаа» аахсыйатыгар  уопсастыбаннай тэрилтэлэр, Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт көхтөөх кыттыыны ыллылар. Биһиги үөрэх тэрилтэлэрин идэлээх сойуустарын аатыттан 10 төлөпүөнү атыылаһан, Хомустаах, Чараҥ, Сыырдаах нэһилиэктэрин оҕолоругар түҥэттибит. Биир ыалга 5-6 оҕо үөрэнэр ыаллара бааллар. Биллэн турар, бу оҕолорго барыларыгар интэриниэти хабар төлөпүөннэрэ суох. Онон биһиги бу олус наадалаах бэлэхпит оҕолор билиини ылалларыгар улахан өйөбүлүнэн буолара чахчы,— диэн бэлиэтиир идэлээх сойуус лиидэрэ Анна Попова.

Коронавирус дьаҥа турбут кэмигэр, араас хайысхалаах «Үтүө санаа» аһымал аахсыйалара ыытылла тураллар. Уустук кэмҥэ дьон бэйэ-бэйэтин өйөһөрө күүстээх.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат», edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0