Элбэх оҕолоохторго бэриллибит сирдэргэ уот, суол киллэриэхтэрэ

11.11.2016
Бөлөххө киир:

Кэнники биэс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 6,6 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал учаастак быстаран ылбыта. Ол эрээри үгүстэр ылбыт сирдэригэр уот-күөс, суол-иис суох буолан, дьиэ туттубакка сылдьаллар. Ил Дархан бу күһүн баһылыктары кытары көрсүһүүтүгэр бэриллибит учаастактарга инфраструктураны киллэриини болҕомто киинигэр тута сылдьарга эппитэ. Итини бигэргэтэн сэтинньи 7 күнүгэр анал ыйаах таһаарда.

Егор Борисов бу ыйааҕар, бастатан туран, үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыалга (эбэтэр элбэх оҕолоох ыаллар түмсүүлэригэр) инфраструктуралаах учаастагы биэрии – олорор дьиэлэри тутууга бастакы уочарат көрүллүөхтээҕин туһунан ыйда. Ыйаахха этиллэринэн, бырабыыталыстыба уонна олохтоох салалта кыттыһан үс сыл устата сэтинньи 10 күнүгэр (быйыл) диэри испииһэккэ киирбит ыаллар учаастактарыгар диэри суолу-ииһи оҥоруохтаах, уот ситимин тардыахтаах.

Ил Дархан ааспыттааҥҥы мунньаҕар «баһылыктар инфраструктураны тэрийбэккэ эрэ сири биэриинэн наһаа үлүһүйдүгүт» диэтэр, аҥаардас муниципалитет эрэ санныгар сүктэрэр табыллыбатын (сорох баһылыктар бу хамсааһыны олус үчүгэйдик тэрийэллэрин куруутун холобурдуур) эмиэ билэр. Онон бу ыйаахха үбүлээһин чааһа ойуччу тутулунна. Тутуу миниистирэ Вера Кузакова бэлиэтииринэн, билигин тус олорор дьиэлэри тупсарыыга өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан нэһилиэктэргэ эбии үбүлээһин быһыытынан көрүллэр көмө харчыны эбэн биэриини үөрэтэ сылдьаллар. Бастаан сэтинньи 10 күнүгэр диэри бэриллибит учаастактарга төһө үп барыаҕын ааҕан-суоттаан көрүөхтэрэ, онтон улуустарынан тыырыахтара. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл бүддьүөттэн бу хайысхаҕа 195 мөл. солк. көрүллүбүтэ.

Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын туһана илик эбэтэр сороҕун туһаммыт ыал сир ылыытыгар сайабылыанньа биэрдэҕинэ, бу төлөбүрү икки төгүл элбээтиннэриэхтээхтэр. Бу көмөнөн 2017 с. тохсунньу 31 күнүгэр диэри сири түүлэһиигэ эбэтэр бас билиигэ аккаас ылбыт ыаллар туһаныахтара.

Бырабыыталыстыба уот ситимин тардар тэрилтэлэри кытары үлэлэһэн кинилэр инвестиционнай бырагыраамаларыгар элбэх оҕолоох ыалларга ситими тардыыны хайаатар да киллэрэрин ситиһиэхтээх.

Оттон баһылыктар элбэх оҕолоох ыалларыгар учаастагы биэрэллэрин таһынан, инфраструктураны оҥорууга муниципальнай бырагарааманы киллэриэхтэрэ (бу бырагыраамаҕа үс сыллаах былааннара көстүөхтээх), учаастагы тыыралларыгар сирдэрин-уоттарын ааҕынан-суоттанан көрөн баран, нэһилиэнньэлээх пууннарын кыраныыссатын хаҥатыыга үлэлэһиэхтэрэ.

Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр 24,5 тыһ. тахса элбэх оҕолоох ыал баар. Кинилэртэн 17,9 тыһыынчата учаастак ылыытыгар сайабылыанньа суруйбут. Өскөтүн билигин 6526 ыал учаастагын ылбыт буоллаҕына, уот ситиминэн – 1541, уу ситиминэн – 298, гааһынан – 238, суолунан – 1530 учаастак хааччыллан турар.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0