Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ элбэх көмө оҥоһуллар. Ол туһунан сиһилии манна ааҕыҥ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Дьокуускай куоракка Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр кулууптара 1988 сыллаахха тэриллибитэ. Сүүрбэ сылы быһа бу түмсүү кыаммат-түгэммэт, элбэх оҕолоох ыалларга көмө, сүбэ-ама буолбута. Уларыта тутуу ыарахан кэмнэригэр кыра да көмө оруоллаах этэ. Оччолорго хамнас, босуобуйа ыйы-ыйынан төлөммөтө, ас-таҥас да кырыымчыга. Онно судаарыстыба, былаас уорганнарын кытта биир тылы булан, көмө оҥоһулларын ситиспиттэрэ.
Кэлин кулууп Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр сойуустара диэн аата уларыйбыта. Ийэ мусуойа, Дьоруой ийэлэр сэбиэттэрэ тэриллибитэ.
Билигин сойууһу Римма Даниловна Горохова салайар. 25 сыллаах үбүлүөйдэрин көрсө, былааннаах үлэни ыыталлар. Сойуус Дьокуускай куоракка 5000-тан тахса дьиэ кэргэттэри, 100-чэкэ Дьоруой Ийэлэри түмэр. Элбэх оҕолоохторго босхо бэриллибит сир учаастактарыгар уот, уу, гаас ситимэ тардылларын ситиһэргэ туһулаан үлэлииллэр.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр сойуустара туох көмөнү оҥорор?
1. “Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн” диэн дастабырыанньаны биэрэр. Маны тэҥэ, ыспыраапкалары, хадатаайыстыбалары, характеристикалары биэриэн сөп.
2. Социальнай көмүскэл: докумуоннары хомуйсууга, толорууга, психолог, репетитор, юрист өҥөтүн булууга көмөлөһүөхтэрин сөп. Маны тэҥэ, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит ыалларга малынан, үбүнэн көмө оҥороллор, оҕолорго култуурунай-маассабай тэрээһиннэри, экскурсиялары, куонкурустары тэрийэллэр.
3. Оҕолорго “Подарок первокласснику” бырааһынньыгы, “Выпускник” аһымал акцияны, “Рождественский подарок” акцияны ыыталлар.
4. Сойуус чилиэннэрэ “Чебоксарский трикотаж”, “Сэла”, “Белочка”, “Развивайка”, “Бэбитайм”, “Сино-Вент”, “Роза на дом”, «Италика», «Забава», «Тапкин дом», «Полезные подарки», «Милый дом», «Джинса», «Котофей», «Непоседа», «Мама и Я», «Сказка», “Топотушки» маҕаһыыннарга, «Виктория» миэбэл салонугар, «Семейная» аптекаҕа 10-20%, “Орто Дойду” зоопаркаҕа 50% чэпчэтиинэн туһаналлар.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр сойуустарын аадырыһа: Дьокуускай к., Ленин проспегын 7/2, төл. 42-38-40. Батсаап 89142903149.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр өрөспүүбүлүкэттэн туох көмөнү ылаллар?
1. Оҕоҕо босуобуйа (тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыалга) – 578-754 солк.
2. Оскуолаҕа кэтиллэр форма, спортивнай таҥас атыылаһарга босуобуйа – 3258 солк.
3. Оҕо саадыгар киирэргэ чэпчэтиилээх уочарат.
4. Сир учаастага.
5. Социальнай стипендия (күнүскү үөрэх устудьуоннарыгар) – кээмэйин үөрэх кыһата быһаарар.
6. Коммунальнай өҥөнү оҥорууга субсидия.
7. Сайыҥҥы оҕо лааҕырыгар барарга чэпчэтиилээх путевка.
8. Сокуоннай саастарын туола илик, түөртэн элбэх оҕолоох ыалларга “киин куорат босуобуйата” бэриллэр. Оҕоҕо – 600 солк. (кыбаарталга биирдэ).
9. Түөртэн элбэх оҕолоох ыалларга үөрэнээччилэр оптуобуска ороскуоттарын толуйуу (10 саастарыттан үөһэ). Кыбаарталга биирдэ – 1800 солк. От ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар төлөммөт, бэс ыйыгар – 600 солк. буолар.
10. Куорат кытыытыгар олорор күнүскү үөрэх устудьуоннарыгар оптуобуска ороскуоттарын толуйуу. Маны куорат кытыытынааҕы бөһүөлэктэр дьаһалталара дьаһайар. Ороскуоттан көрөн, 1500-3000 солк. буолуон сөп.
11. “Лена”, “Синема”, “Киин”, “Айхал” киинэ театрдарыгар 50%-наах чэпчэтии (үлэ кэмигэр, күнүскү өттүгэр).
12. Опера, балет театрыгар, Үүнэр көлүөнэ театрыгар, Нуучча театрыгар 50%-наах чэпчэтии. Ярославскай аатынан мусуойга – босхо.
13. “Самородок”, “Чолбон”, “Эллэй Боотур”, “Дохсун” спорткомплекстарга 50%-наах чэпчэтии, “Модуҥҥа” — 20%.
14. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала — 139 716 солк.
15. Сокуоннай саастарын туола илик уонтан элбэх оҕолоох ыалларга массыына, тыраахтар атыылаһалларыгар — 668 949 солк.
16. Төрдүс оҕотун 2002 иннинэ төрөппүт, 15 сылтан кырата суох үлэ ыстаастаах, 45 сааһын туолбут, үлэлээбэт ийэлэргэ — 2 892 солк.
17. Инбэлиит оҕолоох үлэлээбэт дьахталларга — 2 892 солк.
18. Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ тутталларыгар эбэтэр атыылаһалларыгар биир кэмнээх социальнай көмө (1 945 516–2 779 308 солк., дьиэ кэргэн ахсааныттан тутулуктаах).
19. Үс игирэ уонна онтон элбэх оҕону тэҥинэн төрөппүт элбэх оҕолоох ыал олорор усулуобуйатын тупсарынарыгар 1000 000 – 3 000 000 солк. Төлөбүр дьиэ кэргэн ахсааныттан тутулуктаах.
20. «Герой ийэ» уордьаннаах үлэлээбэт ийэлэр өрөспүүбүлүкэ иһигэр салгын тырааныспарынан айанныылларыгар босхо айан. Ону тэҥэ, саҥа ыйаах быһыытынан, 1 мөлүйүөн солк.
Ил Дархан ыйааҕар туох эбии көмө ыйыллыбытай?
Ону тэҥэ, муус устар 21 күнүгэр тахсыбыт Ил Дархан ыйааҕынан, кыаммат уонна элбэх оҕолоох ыалларга анаммыт аадырыстаах көмө оҥоһуллар буолла.
Ол чэрчитинэн:
* Оҕоҕо бэриллэр босуобуйа балтараа төгүл улаатыаҕа. Бу көмө ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьоҥҥо бэриллэр. 18 саастарын туола илик оҕолор өрөспүүбүлүкэҕэ баар мусуойдарга босхо сылдьыахтара. Маны таһынан, биэстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн чилиэннэрэ өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай тэриллиилэр бас билиилэригэр баар култуура уонна спорт тэрилтэлэригэр босхо сылдьар кыахтаныахтара.
* Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит кыаммат дьоҥҥо уонна ыалларга аадырыстаах тус көмөнү оҥорууга 2 төгүл, үлэтэ суох дьон дьарыктаах буолууларын хааччыйыыга 3 төгүл, тыа сиригэр уопсастыбаннай үлэни тэрийиигэ 3,5 төгүл, үлэ көрдүүр дьону быстах үлэнэн хааччыйыыга 7 төгүл үбүлээһини улаатыннарыахтара.
* Ону тэҥэ, социальнай хантараак бырагырааматын үбүлээһинэ эмиэ 1,5 төгүл эбиллиэҕэ.
* 2018 сылтан чэпчэтиилээх тарыып көрүллүбүт оройуоннарыгар, олорор дьиэни уотунан ититиигэ холботторууга, сорох дьон тус аадырыстаммыт көмөнү ылалларыгар барыта 25 мөл. солк. көрүллүөхтээх. Бу көмө гааһынан уонна киин ититиигэ холбонууга эмиэ сыһыаннаах.
* Ил Дархан уурааҕар элбэх оҕолоох кыаммат ыалларга төрүүр дьиэттэн тахсарга кыһыл оҕо таҥаһын кэмпилиэгин, спортивнай уонна үөрэнээччи куорматын атыылаһарга ый аайы төлөбүр оҥоһуллуохтааҕа, 3 сааһыгар диэри оҕо аһылыгынан хааччыйыы көрүллүөхтээҕэ ыйыллар.
* Оҕо үс сааһыгар (элбэх оҕолоох ыалларга 6 сааһыгар) диэри быраас ырысыабынан босхо эминэн хааччыйыы баар буолуо.
* Кыаммат ыаллар оҕолорун эбии үөрэхтээһин (араас сайыннарар куруһуоктар) судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр сырытыннарыахтара.
* Профессиональнай үөрэх тэрилтэлэригэр күнүскү (очнай) көрүҥ устудьуоннарыгар социальнай истипиэндьийэ диэн баар буолуо. Устудьуон кыаммат ыал оҕото буоллаҕына, сылга биирдэ дьиэтигэр баран кэлэр бырайыаһын ороскуота төлөнүөҕэ.
* Сокуоннай саастарын туола илик 10-тан элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ олорор усулуобуйаны тупсарыыга биир кэмнээх социальнай көмө оҥоһуллуоҕа. Маны ылар туһуттан дьиэ кэргэн Уопсай реестргэ турбут буолуохтаах. Бу реестргэ, билиҥҥи туругунан, 5 ыал киирэ сылдьар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru