Элбэх оҕолоох ыалларга тарбыйахтары биэриэхтэрэ

Бөлөххө киир:

Ньурба улууһун элбэх оҕолоох ыалларыгар,  коронавирус дьаҥа тарҕана турар уустук кэмигэр, саҥа көмө оҥоһуллуоҕа диэн улуус дьаһалтатын пресс-киинэ иһитиннэрэр.

edersaas.ru

Ньурба улууһун  “Күндээдэ” ААУо  былырыын улуустан элбэх көмөнү ылбыта. Онно махтанан,  уустук кэмҥэ улуус олохтоохторугар көмөлөһөр баҕалааҕын биллэрдэ. Ол курдук, быйылгы төрүөхтэн 100-тэн тахса ньирэйи нэһилиэнньэҕэ  тарҕатыаҕа.

Агрофирма бу үтүө бачыымын улуус дьаһалтата  өйөөн, бары нэһилиэктэргэ  сүөһү иитэр баҕалаах элбэх оҕолоох ыаллар испииһэктэрин оҥорон саҕалаата. Билигин нэһилиэк уонна Ньурба куоратын дьаһалталара сайаапкалары хомуйаллар. Кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох ыаллар ылбыт ньирэйдэрин идэһэ оҥостуохтарын эбэтэр салгыы иитиэхтэрин, төрөтөн-ууһатан тэнитиэхтэрин да сөп.

“Күндээдэ” агрофирма дириэксийэтин Сэбиэтэ олохтоох дьаһалта  бигэргэтии суругар олоҕуран тарбыйахтары түҥэтиэҕэ.

Ньургуйаана Иванова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0