Элбэх оҕолоох ыалларга көмө

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалыттан элбэх оҕолоох ыаллар 30 тыһыынча солкуобайы ылыахтара. Туһааннаах сокуон барылын бүгүн Ил Түмэн депутаттара пленарнай мунньахха көрдүлэр.

СӨ үлэтин уонна социальнай сайдыытын миниистирэ Елена Волкова дакылаатыгар иһитиннэрбитинэн, биир кэмнээх төлөбүрү өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын бу сылга ылар бырааптаах ыал барыта туһаныан сөп. Бу сокуон барыла Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн кириисиһи утары киирбит миэрэлэр чэрчилэринэн оҥоһулунна.

Санатан эттэххэ, билигин үһүс оҕоҕо көрүллэр ийэ хапытаала өрөспүүбүлүкэҕэ 144,4 тыһыынча солкуобай буолан турар. Өскөтүн дьиэ кэргэн биир кэмнээх төлөбүрү ылар буоллаҕына, ийэ хапытаала 30 тыһыынча солкуобайынан кыччаан биэриэҕэ.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0