Элбэх оҕолоох ыалларга көмө кээмэйэ улаатта

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ сокуоннай саастарын туола илик  5-тэн элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар (дьиэ, кыбартыыра атыылаһалларыгар, тутталларыгар) анаан судаарыстыбаннай көмө оҥоһуллар. Быйыл бу көмөнү ылааччылар ахсааннара икки төгүл элбиэҕэ.

Ол курдук, маннык көмөнү быйыл 14 улуустан, куораттан 124 дьиэ кэргэн, ону тэҥэ, Сунтаар, Ленскэй улуустарыттан 10-тан элбэх оҕолоох 2 ыал ылыахтара. Быйыл бу сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 500 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Ону тэҥэ, сыл устата  5-тэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ахсаана эмиэ лаппа эбилиннэ.

2021 сыллаахха 56 дьиэ кэргэн бу төлөбүрү ылан, олорор усулуобуйатын тупсарбыта. Көмө уопсай суумата – 199,2  мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспитэ. Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр кэлэр 5 сыл иһигэр 5-тэн элбэх оҕолоох ыаллар бу көмөнү ыларга уочараттарын суох гынарга сорудахтаабыта. Онон бүддьүөттэн көрүүлэр көмө суумата эмиэ улаатан иһэр кэриҥнээх.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0