Элбэх оҕолоох ыалларга өйөбүл

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр 5-тэн үөһэ  оҕолоох ыалларга олорор дьиэни атыылаһыыга (туттууга) биир кээмнээх социальнай төлөбүрү оҥорууга быраабылаларыгар уларытыылар киирдилэр.

Бырабыыталыстыба мунньаҕар бу суолталаах докумуоҥҥа маннык уларыйыылар киирдилэр:

— Өскөтүн суут быһаарыытынан бэйэни салайыныы уорганыгар учуокка туруу  реестрэ кэлэр сылга бигэргэммит буоллаҕына, реестр хаттаан бигэргэнэр;

— ыал кыаҕын таһымын РФ Олорор дьиэ кодексатыгар сөп түбэһиннэрэн, олорор дьиэ пуондатын,  дьиэни  социальнай наймылаһыы дуогабардарыгар олоҕуран, бас билиигэ киирбит дьиэ кэргэн  олорор дьиэтин бары иэнин эбэн туран быһаарыллар;

— гражданин эбэтэр дьиэ кэргэн чилиэнин кыаҕа муниципальнай тэриллии учуоттуур нуорматыгар олоҕуран ааҕыллар;

Бырайыагы олоххо киллэрии элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр олорор хаачыстыбаларын тупсарыыга туһаайыллар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ хаһыат. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0