Биэстэн элбэх кыра оҕолоох дьиэ кэргэттэр дьиэ ылалларыгар, эбэтэр тутталларыгар биирдэ бэриллэр социальнай төлөбүрү түҥэттилэр. Төлөбүр кээмэйэ дьиэ сыанатын 35 %-гар тэҥнэһэр. Ирдэбиллэрэ — олорор дьиэҕэ наадыйар уонна оҕолоро сокуоннай саастарын туола илик буолуохтаахтар.
Быйыл кимнээххэ биэрэллэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи реестр оҥорон быһаардылар, ону бырабыыталыстыба анал хамыыһыйата бигэргэттэ. Ол түмүгүнэн, Мэҥэ Хаҥалас, Ленскэй, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Орто Халыма, Уус Алдан, Нам, Сунтаар улуустарыттан барыта 9 дьиэ кэргэн ылар буолла.
Бу төлөбүр “2012-2016 сс. хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы” судаарыстыбаннай бырагыраама “Гражданнар сорох категорияларын дьиэнэн хааччыйыы” хос бырагырааматын чэрчитинэн үп көрүллэн, оҥоһуллар. Ил Дархан бу саас кыаммат араҥаҕа, элбэх оҕолоох ыалларга көмөнү оҥорор, үлэтэ суох буолууну аҕыйатар туһунан кэккэ ыйаахтарга илии баттаан турар. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин социальнай бэлиитикэҕэ улахан болҕомтотун уурар.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru