Элбэх оҕолоох ыаллар поездка чэпчэтиилээх айанныахтара

Бөлөххө киир:

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр көмө көрүҥэ элбээн иһэр. Аны билигин ыраах айанныыр поездтарга 20%-наах чэпчэтии оҥоһуллар буолла.

Ол курдук, “Федеральнай пассажирскай хампаанньа” акционернай уопсастыба 2019 сыл бэс ыйыгар уонна от ыйыгар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ купелаах вагоннарга олорон айанныырга 20%-наах чэпчэтиини оҥорор.

Оҕо 5 сааһыгар диэри босхо айанныыр. 5-10 саастаахтарга оҕо тарыыбынан айанныыллар. Оттон бу 20%-наах чэпчэтиинэн 10-17 саастаах оҕолорго ылар билиэккэ туһаныахха сөп.

Маннык билиэттэри Федеральнай пассажирскай хампаанньа каассаларыгар эрэ, элбэх оҕолоох буолары туоһулуур дастабырыанньаны көрдөрөн баран, атыылаһыахха сөп.

Соторутааҕыта Аллараа Бэстээх вокзалыттан пассажирскай поездтар айанныыр буолбуттарынан, бу – үчүгэй сонун. Элбэх оҕолоох ыал поеһынан айаныгар кэмчилиэн сөп. Эбэтэр, субсидиялаах авиабилиэтинэн туһаныан сөп.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0