Элбэх оҕолоох ыалга оҥоһуллар көмө болдьоҕо уһаата

Бөлөххө киир:

Санатан эттэххэ, элбэх оҕолоох ыал ипотекаҕа кирэдьиитин сабарыгар эбии көмө оҥоһулларын туһунан сокуон олоххо киирбитэ. Сокуон быһыытынан, үһүс оҕотун төрөппүт хас биирдии ыал судаарыстыбаттан 450 тыһыынча солкуобайы ылан ипотекаҕа иэһин сабар кыахтаах.

edersaas.ru

Бу сокуоҥҥа кэккэ уларыйыылар киллэрилиннилэр. Ол эбэтэр үөһээ этиллибит өйөбүлүнэн туһаныы болдьоҕо өссө биир сылга уһаан биэрдэ. Онон,  2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 1 күнүгэр диэри дьиэ кэргэҥҥэ  үһүс эбэтэр онтон элбэх оҕо төрөөтөҕүнэ,  эбии өйөбүл харчы   2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри бэриллэр  буолла (урукку сокуонунан —  2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри этэ).

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0